06.04.2024 | 18:00

Аны Москваны көрүөм дуо?

Урут
Аны Москваны көрүөм дуо?
Ааптар: Анатолий Габышев
Бөлөххө киир

Сиимэ, от охсооччу бастыҥа аатыран, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москваҕа барар путёвканан наҕараадаланан, туттара-хаптара сыыдамсыйан, күлэрэ-үөрэрэ үксээн сылдьар. Таҥас көрдөөһүнэ, сууйуута, өтүүктээһинэ, туруусукка кистэлээнискэй сиэп тигиитэ, быһатын эттэххэ, олоҕун аргыһа түбүгүрбүтэ хаһыс да күнэ. Күргүөмнээх бэлэмнэнии.
«Хаһан бардыҥ?» диэн көрсүбүт дьон Сиимэттэн ыйыталлара, эбэтэр ойоҕуттан «Сиимэҥ хаһан барда?» диэн сураһаллара. Табаарыстара дьиэтигэр кэлэн ким устуруус, ким эрэ ыстаан, дружба эрбии саппааһын эҥин сакаастыыллар. Дьэ оннук хомунан, тэринэн, уонча киһи атаарааһыннаах сопхуос дириэктэрин уазик массыынатынан куорат диэки айаннаата. Куоракка киэһэлик соҕус кэлэн, убайын түбүгүрдүөн баҕарбакка, сөмөлүөт пуордугар хаалар буолла. Регистрация сарсыарда түөрт чааска саҕаланыахтаах. Сопхуоһун дириэктэрэ бэйэтинэн атааран, алҕаан, сүбэлээн араҕыстылар.
Дьэ, сэргэх дойду манна баар эбит. Үһүө-төрдүө буолан куустуһан баран, холуочук уолаттар төттөрү-таары кэлии-барыы, күлүк сиргэ арыгы иһэ олорооччулар да бааллар. Иһирдьэ киирбитэ, таһырдьаттан өссө элбэх киһи манна симиллибит. Ким олорон, ким сытан утуйбут, сорохтор таас муостаҕа кытта хаһыат тэлгэнэн утуйа сыталлар. Сиимэ олох хараҕа иирэн ыларга дылы буолла. Ыраах хаһан айаннаабыта баарай, аармыйаҕа оннооҕор Дьокуускайга сулууспалаабыта, үйэтигэр пуорт аанын аан бастаан арыйан киирдэ.
Кырдьык, сэрэппиттэрин курдук, сэрэхтээх дойду эбит. Милиисийэлэр сорох-сорохторун түҥ-таҥ анньыталаан ханна эрэ илдьэ бараллар. Биһиги киһибит ханна эрэ бүөм соҕус сири булан кыратык нуктаан ылбыт киһи диэн санаалаах иһирдьэ түгэх диэки дьулуста. Ол баран иһэн биир чымадааны таарыйан, кыратык үөҕүллэн ылла быһыылаах. «Эй, придурок, смотри, куда идёшь!»– диэбит дьахтар кэнниттэн тылынан ыһыахтанна. Сиимэ ол үөҕүллүүгэ кыһаммакка баран иһэн, биир намыһах орон курдугу көрөн, онно сытардыы сананан, суумкатыгар сыттыктанан сытта. Сыппыт тапчаана биһиктээххэ дылы, «оҕо оронугар дылы буолан» диэн Сиимэ сөбүлээбэтэхтии ботугураата. Эргийдэҕинэ, хачайданан, тилир-талар тыаһыыр. Ол сытан саҥа нуктуох буолан эрдэҕинэ, үрдүгэр саҥа иһиллэр: «Ничего себе жирный, больше ста кг. Вставай, давай, смотри, где лежишь?» Уолбут олоро биэрбитигэр, «ороно» эмиэ хачайданна. Онтукайа дьон суумкаларын ыйааһынын билэр ыйааһыннара эбит. Ойон турбутугар, стрелката үөһэ-аллара ыйаталаан хачайданна. Хайыай, эмиэ олорор дуу, сытар дуу миэстэ көрдүү барда. 
Ол хаама сырыттаҕына кэрэ куолас чоргуйда, арай хас да киһи ойон туран, суумкаларын, чымадааннарын харбаат, регистациялана бардылар. Сиимэ кинилэр оннуларыгар олорунан кэбистэ. Аттыгар былдьаһа-тараһа атын дьон эмиэ кэлэн олордулар. Сиимэ аттыгар хайа аанньа киһи олоруой, сөп буола-буола тарбанан курдурҕатар. Сибиитэрэтин моонньун хайа тардан кэбиһиэхчэ илиитин уган, төһө тиийэринэн тарбанар. Сороҕор көхсүн да тарбанан кэдэҥэлээн ылар. Илиитэ олох тарбыы үөрэнэн хаалбыт быһыылаах, ыстаанын да иһигэр күүлэйдээн тахсар. Аны сыта диэн бэйэтин киэнэ. Аттыгар олорбуттар биир-биир туруталаан бараллар. Сиимэ син балайда тулуктаһа сатаан баран, ньиксик, хабаххай сыты тулуйумуна, эмиэ ойон турда.
Ол курдук мээнэ хаама сылдьан ас сытын ылан, аччыктаабытын билинэн, аһатар хоһу булан, бэрэски уонна чэй ылан, туран эрэн аһыыр остуолга хабыалаабытынан барда. Ол туран көрдөҕүнэ, аармыйаҕа бииргэ сылдьыбыт уола биир киһилиин бытархай харчы ааҕа тураллар эбит. Тугу эрэ мөккүһэллэр, быһаарсаллар. «Оо, хайдах эрэ миигин көрбөтөр ханнык» диэн көхсүнэн эргийэн биэрэр да туһа суох. Дьонноро сүүстүү кыраамы атыылаһа охсоот, утары остуолга кэлэн охсуһуннараат, хантатан иһэн, киһитэ Сиимэни таба көрөн, арыгытыгар чачайа сыста. Төһөтүн да иһин икки сыл бииргэ сылдьыбыт атаһын мэлдьэһэн кэбиһиэн сатаммат түгэн. Дьэ, итии-истиҥ эҕэрдэлэһии, атаһын кытта билсиһии буолла. Кыратык кэпсэтэ түһэн баран, төһөтүн да иһин уонча сыл көрсүбэтэх атаһа, тыл көтөҕөр. «Чэ, доҕоор, көрсүһүүбүтүн бэлиэтээн, кыратык «сып» гыннарбаппыт дуо?»– диэн баран киһитин диэки өтөрү-батары көрдө. Сиимэ сөмөлүөтүм сотору көтөр эҥин диэн көрдө да, киһитэ хаска көтөрүн билэн баран, истиэнэҕэ ыйанан турар чаһы диэки ыйа-ыйа, «ээ, билигин да ыраах эбит, биэс чаастан ордук баар дии» диэн буолла. Хайдах да кыайан төлө туттаран куотар кыаҕа суох балаһыанньаҕа киирэн, өр көрсүбэтэх атаһыгар ытарчалыы ылларан, таксилартан буоккачаан ыйыталаһа тахсар буоллулар.
Өр гымматылар, атаһа  атыылаһа охсон хоонньугар уктарыгар, буоккачаана күн уотугар күлүмүрдээн, имнэнэргэ, мичээрдээн ыларга дылы гынна. Мааҕын уолаттар арыгы иһэ олорбут сирдэрин диэки бардылар. Атаһа бу диэки үүтү-хайаҕаһы барытын билэр буолуор диэри ордууламмыта өтө көстөр. Кэпсээниттэн да иһиттэххэ, сайылаан эрэр эбит. «Чэ, итирик-кутурук кэлиэн иннинэ иһэ охсуохха»,– диэн ыксатаат, бүөтүн тииһинэн тиниктээн арыйа охсон, сытар мас анныгар кистээбит кырыылаах ыстакаанын таһааран быылын үрбүтэ буолан баран, кутуталаата уонна, «ким эрэ былдьаан ылыа» диэбиттии, иҥсэлээхтик иһэн кэбистэ.
Буоккаларын аҥаардаан эрдэхтэринэ «однополчааныһа» иккис буоккачааны толкуйдатан ыксатар. «Иһэ охсуоххайыҥ, таксиспыт баран хааллаҕына, буларбыт ыарахан буолуо»,– дэтэлиир. Сиимэ эмиэ аккаастанан көрдө да, киһитэ олох саҥардыбата. Иккис буокка кэннэ иһимээр даҕаны диир. Биир да буоккачаан Сиимэни биллэ холуочутта. Эмиэ мээнэ-мээнэ күлэн мичээрдии сылдьар буолан хаалар. Мааҕын уолаттар куустуһан баран хаамалларын сонурҕуу көрбүт буоллаҕына, биирдэ өйдөөбүтэ, билигин бэйэтэ оннук хааман иһэр. Хата, таксистара баар эбит. Ырбайыаҕынан ырбайан, күлэн-үөрэн көрүстэ. Атыылаһа охсоот төннүбүттэрэ, миэстэлэригэр атын уолаттар иһэ олороллор. Атаһа барыларын ааҕа билэттиир эбит. Барыларын кытта эҕэрдэлэһэн илии тутуста. Уолаттар арыгыларын бүтэрэ охсоот, аны атаһа кинилэр астарын килэбэчитэн таһаарда. Уруккуттан да кыраҕа итирэр Сиимэ исиһэн эрэрэ да, олох сүтэн хаалла...
Өйдөнөн уһуктан кэлбитэ, маҥан бырастыынаҕа маҕан суорҕаҥҥа сууланан сытар. Сөмөлүөтүм диэт ойон турбута, тулата киһи бөҕөтө кэчигирэһэн сытар. Атаһа эмиэ маҥан бырастыынаҕа сууланыаҕынан сууланан сытар. Киһитин көрөн, бэҕэһээ көрсөн үөрбүтүнээҕэр ордук үөрэр.
– Бу ханна баарбытый, суумкам, докумуонум, харчым?– диэн, киһититтэн  үрүт-үөһэ ыйытан субурутар. Киһитэ саннын ыгдах гыннарартан атыны билбэт.
Сиимэ медвытрезвительгэ баарын билэн улаханнык харааһыннар да, хайыыр да кыаҕа суох. Атаһа «бэҕэһээ эн охсуһаҥҥын манна киирэн сытабыт» диэн сирэй-харах анньар уонна «хата, маҥан бырастыынаҕа утуйбатах ырааппыт эбит» дии-дии суорҕаныгар сууланар. Сима харчытын өйдүү биэрэн, кистэлээнискэй сиэбин көрүммүтэ, сиэбэ тиэриллэн баран, туруусугуттан быга сылдьар. Кыбыста санаан көтүрэ тардаат, орон анныгар илгэн кэбистэ. Бэҕэһээ туох буолбутун өйдүү сатыыр да, тугу да өйдөөбөт. Киһитэ да онон-манан өйдүүр. «Бэһэҕээ эн ити киэптэнньэҥ уолу бэккэ да саайдыҥ ээ. Оту охсордоох уол диэх курдук. Туора садьыйан кэбиспитиҥ көтөн тиийэн бииргэ сылдьар уолун калгааннаан, иккиэн дөйөн сытан хаалбыттара. Аны, иһирдьэ киирэн, биир киһилиин таарыйсан аасыһаҥҥыт, киһигин олох уолугуттан харбаан өрө көтөҕөн баран «Москва көстөр дуо?» диэн ыйыппыккар, киһиҥ, сиргэ түһэн доргуйар быатыгар, сыыһа хоруйдаан, «суох» диэтин кытта сиргэ ыытан баран, «ответ неверный» диэн баран үрдүнэн хардыылаан барбыккын өйдүүгүн дуо?» диэн атаһа ыйытар. Ону хантан өйдүөҕэй, суох буоллаҕа. «Онон эрэ бүппэт, туалекка олорор киһини соһон таһааран истиэнэҕэ сыбаабыккын өйдүүгүн дуо, ити илииҥ туох айылаах күүһэй?»– диэн атаһа ыйытар. Биһиги киһибит билигин даҕаны холку, оргууй аҕай: «Күн аайы 38-таах, үүттээх бөтүөнү тастаххына, эн да күүһүрэр инигин»,– диэхтиир. Ол кэпсэтэ сыттахтарына үнтү хаһыытаан таһааран уһун көрүдүөргэ кэккэлэһиннэртээтилэр уонна харчылаахтары ыстараап төлөттөрөн босхолоотулар, харчыта суохтары туспа атаардылар. Сиимэлээҕи, буруйдаахтары, таһырдьа тахсыҥ диэн хамаандалаатылар. Тахсыбыттара, 53-тээх буудкалаах массыына кэннинэн астаран турар. Икки өттүнэн милииссийэлэр кэчигирэспиттэр. Биир-биир буудкаҕа киирэн олороотторун кытта, аанын тыастаахтык сабан баран, таһыттан хатаан кэбистилэр. Ханна баран иһэллэрин ким да билбэт.
Балайда айаннаан, өрүс кытылыгар аҕаллылар. Буудка иһигэр кырдьаҕастара Сэмэн буолан хаалла. Атаһа бэҕэһээҥҥитэ буолбатах, саҥата-иҥэтэ аччаабыт, өрүтэ эрэ тыынар. Дьэ туран, Сиимэбит айаннаан иһэр уолаттарыгар тыл көтөхтө:
– Уолаттар, биһигини арыыга оттото илдьэн эрэллэр, онно тиийдибит да, ким да кыайан күрээбэт, улахан ууһут да киһи күрүүрэ саарбах. Хаары түһэрэн баран кэлэр дьон буоллубут. Онон билигин куотарга саамай тоҕоостоох кэм, бары мин тылбын истэҕит, «чэ» диэн хамаандалаатахпына, бары үрүө-тараа ыһыллаҕыт. Ким куотар – куотуо, ким тутуллар – тутуллуо.
Бары сөбүлэспиттэрин биллэрэн тоҥхоҥностулар. Штрафник отчуттар син элбэхтэр, уонтан тахсалар. Атаһа тахсан истэҕинэ, Сиимэ илиититтэн тутан тохтотто. Буудка иһигэр иккиэйэҕин хаалаат, «чээ» диэн хаһыытыыр. Дьоно, иһиттибит-истибэтибит диэбиттии, этиллибитин курдук, үрүө-тараа ыһыллаллар. Сэмэн атаһыныын кыратык олоро түһэн баран, сэрэнэн быган көрбүттэрэ, биир да милииссийэ хаалбатах, бары эккирэтэ ыстаммыттар. Сиимэлээх ыстаҥалаһан түһэллэр да, үөттэр диэки сүүрэллэр. Син балай да тэйбиттэрин кэннэ, биир уойан хаалбыт майор тохтооҥ дии-дии эккирэтэн көрөөхтүүр да, хантан ситиэй. Оннук оттуу барартан мүччү туттараллар.
Сиимэ, иллэҥсийбиччэ, дьэ сүтүктэрин саныыр. Докумуона, харчыта, таҥастаах суумката ханна баарын олох өйдөөбөт, киһитэ да өйдөөбөт. Ыарахан соҕустук өрө тыынан баран, дьоммор туох диибин, дэриэбинэм дьоно күлүү гынан быардарын тарбыахтара. Сопхуоһум дириэктэрэ миигиттэн кэлэйэрэ биллэр. «Ээ, чэ, туох да буоллун, дьиэбэр барабын. Манна эйигин кытта сылдьары соччо сөбүлээбэтим,– диэн киһитигэр этэр.– Убайбар барыам, убайым тугу эмит толкуйдуур ини». Сэмэн санаатын киһитигэр кэпсии истэ. Балайда тугу да кэпсэппэккэ хаамсаллар. Атаһа ханна да барар сирэ суоҕун, дойдутугар ким да күүппэтин, ийэлээх аҕата суох буолбуттара быданнаабытын, соҕотох оҕо буоларын кэпсии истэ. Кэргэннэнэ сылдьыбыт да, арыгытын ордорон арахсыбытын этэн өрө тыынан ылла. Тиһэҕэр иккиэн Сиимэ убайыгар барар буоллулар. Балайда хааман куораты булан, Сиимэ убайыгар тиийбиттэрэ, соһуйа көрсөр. Суһаллык дьонугар биллэрэ охсор.
Сиимэ Москваны көрөр түгэнин арыгыга атастаһан, бу дьиэтигэр төннөн иһээхтээтэҕэ. Аны маннык тоҕоос кини үйэтигэр көстүө дуо? Элбэх киһи Москваны көрбөккө үйэтин моҥоотоҕо. Ол иһигэр биһиги Сиимэбит барахсан...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....