Антибиотиктары сөпкө туһанабыт
Кистэл буолбатах, сорох дьон тымныйан эбэтэр вируска сутуллан ыарыйдыбыт даҕаны, үтүөрэ охсоору, антибиотик үрдүгэр түһэбит. Биллэн турар, ыарыы бактериальнай көрүҥэр ити туһалаах, оттон вируснай этиологиялаахтарга көдьүүһэ суоҕа бэлиэтэнэр. Антибиотик туһатын уонна буортутун туһунан исписэлиистэр санааларын билсиэҕиҥ.
Мөлүйүөнүнэн дьон олоҕун быыһаабыт антибиотигы хайдах арыйбыттарай? Устуоруйа быыһын сэгэтэн көрдөххө, 1928 сыллаахха Англия биллиилээх бактериолога Александр Флеминг лабораторияҕа стафилококктары чинчийэр эбит. Кылгас уоппускаттан кэлэн, стафилококк холуонньата баар «Петри» чааскыга Penicillium диэн көрүҥ түүнүк тэллэйдэрэ үөскээбиттэрин булбут. Ити тэллэйдэр стафилококктары «өлөрөн» кэбиспиттэр. Дьэ, ити курдук аан дойдуга аан бастаан антибиотик үөдүйбүтэ дииллэр.
«Саха» НКИХ «Эйгэ» биэриитин сэтинньи 22 күнүнээҕи таһаарыытыгар СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин сүрүн пульмонолога, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Госпитальнай терапияҕа, профессиональнай ыарыыларга уонна клиническэй фармакологияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Аграфена Аргунова, ХИФУ Мединститутун клиникатын бактериолог-бырааһа Екатерина Никифорова уонна 2-с №-дээх балыыһа клиническэй фармакологияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Станислав Кампеев антибиотик туһатын уонна буортутун тула кэпсэттилэр.
«Үчүгэй» микробтары харыстыахха наада
Аграфена Аргунова, ХИФУ Госпитальнай терапияҕа, профессиональнай ыарыыларга уонна клиническэй фармакологияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ:
– Холестерины араарарбыт курдук, үчүгэй-куһаҕан микробтар бааллар. Холобур, биһигини харыстыыр микробтар 2 киилэҕэ тиийэ оһоҕоспутугар олороллор уонна туох баар аһаабыт аспытын сыымайдаан, арааран баран таһаараллар. Оһоҕос таһаарар эрэ уорган буолбатах, наһаа элбэх ферменнээх. Антибиотигы киһи мээнэ истэҕинэ, үчүгэй микробтарбытын, харыстыыр бактерияларбытын өлөрүөхтэрин сөп. Оһоҕос – киһини харыстыыр саамай улахан иммуннай систиэмэ. Киһи балыыһаҕа эмтэнэ, антибиотиктары ыла сытар кэмигэр үчүгэй микробтары харыстыырга, холобур, «Линекс» курдук пробиотиктары аныыллар.
Чуолкай антибиотигынан эмтэнэр ыарыылар бааллар, итинэн көрөн аныыллар. Холобур, ОРВИ-нан ыалдьан баран дьон вируһу утары тута антибиотигынан эмтэнэн барар. Итиннэ, дьиҥэр, үчүгэй бактерияларбыт тута вируһу утары үлэлээн бараллар. Ону антибиотигы мээнэ иһэн өлөрөн кэбиһэллэр. Антибиотиктар бактерия эрэ утары үлэлииллэр, вируһу өлөрбөттөр.
Ханнык антибиотик барсарын чинчийии быһаарар
Бактерия антибиотигы тулуйумтуотун туһунан чинчийиини оҥороллор. Ити туох суолталааҕын бактериолог-быраас Екатерина Никифорова кэпсээтэ.
Екатерина Никифорова, ХИФУ Мединститутун клиникатын бактериолог-бырааһа:
– Ыарыы көбүтээччитин түргэнник, чопчу быһаарарга уонна бырааска көмө буоларга итинник чинчийии оҥоһуллар. Итини сэргэ, фармакологическай, эпидемиологическай кэтээн көрүү баар буолар, интэриниэт ситимин нөҥүө анал бырагырааманан көрөбүт. Итинник чинчийиини, холобур, ыарыһах ойоҕостотон (пневмониялаан) балыыһаҕа киирдэҕинэ оҥоһуллар. Онно силин микрофлораҕа уонна «на чувствительность к антибиотикам» диэн анаалыстары оҥороллор. Хас биирдии киһи организма чопчу ханнык эмэ антибиотикка «чувствительнай» буолар. Ону оҥорор лаборатория тугу гынарый? Сили анал эйгэҕэ, «посевка» быраҕаллар. Ол сарсыҥҥы күнүттэн биллэн барар, онтон антибиотикка «резистентнэй» (утарылаһар, ылыммат) буоллаҕына, болдьоҕо уһуур. «Антибиотико-резистентность» диэн микроорганизмнар антибиотиктан өлбөт, бэриммэт буолуулара, үөрэнэн хаалыылара ааттанар.
Антибиотик ырысыабынан атыыланыахтаах
Аграфена Аргунова:
– Ыарыһах балыыһаҕа киирдэҕинэ, анаалыс оҥоһуллуор диэри микроб элбэх арааһыгар барсар (широкого спектра действия) антибиотигынан тута эмтииллэр. Кэнники сылларга антибиотиктары ырысыабынан эрэ биэриэххэ диэн сокуон таҕыста. Тоҕо диэтэххэ антибиотиктарга микробтар наһаа түргэнник үөрэнэллэр. Холобур, пенициллини арыйбыттарын кэнниттэн икки сылынан «устойчивость» диэн үөскээбитэ, ол аата сорох микробтар бэриммэт буолан хаалбыттара. Антибиотиктары оннооҕор искэн ыарыытыгар тутталлар. Искэн төрүөтэ оһоҕос үчүгэй микрофлората алдьаныытыгар сытар. Оһоҕос ханнык эмит салаатыгар чалаҕа воспаление буолар, онно ол-бу үөскүөн сөп. Оһоҕос алдьаныытыттан наһаа элбэх ыарыылар тахсан кэллилэр. Ол иһин антибиотигы көҥүл атыылыыры бобо сатыыллар.
Биир антибиотигы оҥорон таһааран баран лабораторияларга кутуйахтарга, кырыысаларга боруобалаан көрөн, ханнык ыарыыга туттуохха сөбүн, төһө дуоза киһиэхэ куттала суоҕун чинчийэн үөрэтэллэригэр уонча сыл наада, наһаа элбэх харчы угуллара ирдэнэр. Аны биир-икки сыл буолан баран ыарыылар эмиэ үөрэнэн хаалаллар, эмиэ саҥа көрүҥ наада буолар. Антибиотиктары булгуччу быраас аныахтаах. Арай быраас суох сиригэр, холобур, хоту улуустарга олорор дьон күөмэйдэрин миндалиналара ириҥэрбиттэрэ көстө сылдьар буоллаҕына, бырааһа суох иһиэххэ сөп, итинник түбэлтэҕэ антибиотига суох эмтэммэт. Эбэтэр силиҥ көҕөрөр, саһарар, хааннырар буоллаҕына, эмиэ антибиотигы иһиэххэ сөп. Итинник көстүү бактериальнай инфекцияны кытта сибээстээх. Оттон кыраадыскыт эҥин тахсыбат буоллаҕына, мэнээх иһиллибэт. Антибиотик көмөлөһөн эрэрэ, кэтээн көрдөххө, 24-48 чааһынан биллэр. Оччоҕо киһи кыраадыһа түһэр, арыый холкутуур, ол аата бу антибиотик сөпкө анаммыт, салгыы эмтэниллэр.
Оһоҕос микрофлоратын туһата элбэх
Екатерина Никифорова:
– Микробиом – «нормальнай микрофлора» диэн өйдөбүллээх, онтубутун харыстыахтаахпыт, мээнэ антибиотиктары иһэн өлөрүө суохтаахпыт. Оһоҕос үчүгэй бактериялара иммунитеты эрэ буолбакка, серотонины, «Е» битэмиини уо.д.а. оҥороллор. Микрофлораҕа оҕуруот астара, куруппалар, туустаах хаппыыста туһалаахтар, кинилэр оһоҕос үлэтин тупсараллар. Былыр өбүгэлэрбит олох сөпкө аһаан олорбуттар – быырпах, суорат олус туһалаахтар.
Сорох дьон эмкэ аллергиялыыр. Итинник ыарыһахтарга антибиотигы хайдах аныылларый?
Аграфена Аргунова:
– Урукку «пенициллиновый ряд» диэн антибиотиктарга булгуччу боруоба оҥоһуллар этэ. Билигин антибиотик үксэ тымырынан киирэр, быраас ыарыһах туохха аллергиялыырын тута ыйытар. Аллергията суох буоллаҕына, боруоба туруорар наадата суох.
Антибиотик арааһа
Аграфена Аргунова:
– Микроб арааһа наһаа элбэх, холобур, пневмококк, стафилококк, оһоҕос «палочката» уо.д.а. Итилэри барытын кытта охсуһар кыахтаахтары «антибиотики широкого спектра» диэн ааттыыллар. Оттон «атипичнай» диэн бактериялар бааллар, килиэккэ иһигэр киирэн хаалар, холобур, хламидиялар. Оннуктарга атын бөлөх антибиотиктара барсаллар, олор «узкого спектра» диэн ааттаналлар. Ол эрэн билиҥҥи антибиотиктар элбэх инфекцияҕа барсаллар.
Омук сирдэригэр антибиотигы ырысыаба суох атыылаабаттар. Биһиэхэ дьон бэйэлэрэ аптекаттан ылан мээнэ иһэллэр, ол иһин кэнники көмөлөспөт буолан хаалар. Үчүгэй микробтарын өлөрөннөр, истэрэ-үөстэрэ ыалдьар, ити микрофлора алдьаммытын бэлиэтэ. Ол эрэ буолбатах, антибиотик быарга, бүөргэ дьайар. Итинтэн сылтаан кэнники 20-чэ сыл клиническэй фармаколог диэн исписэлиистэр баар буоллулар. Кинилэр биһиги эмтиир дьоммутун кэтээн көрөллөр, сүбэ-ама биэрэллэр.
Антибиотигынан хас күн эмтэниэххэ сөбүй?
Быраастар этэллэринэн, үс күнтэн биэс күҥҥэ диэри иһиллэр. «Сорохтор биир күн иһэллэр, онтон тохтоон хаалаллар, көтүтэ-көтүтэ иһэллэр. Оччоҕо организм үөрэнэн хаалар уонна ити антибиотик кэнники көмөлөспөт буолар. Быраас эппит бириэмэтин, дуозатын барытан тутуһан эмтэниллиэхтээх. Балыыһаҕа киирбит киһиэхэ бастакы икки сууккаларыгар тымырдарынан, систиэмэ быһыытынан оҥоһуллар, онтон биирдэ иһэллэр. Киһи сөтөллөр буоллаҕына, суһаллык бырааска, биэлсэргэ көрдөрөн, тыынарын иһиллэтэрэ наада. Ойоҕостотуу (пневмония) буолан хаалыан сөп», – диир ХИФУ Госпитальнай терапияҕа, профессиональнай ыарыыларга уонна клиническэй фармакологияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Аграфена Аргунова.
Эмтэр бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэһиэ суохтаахтар
Станислав Кампеев, өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа клиническэй фармакологияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ:
– Тэҥнээн көрдөххө, кэнники уон сыл иһигэр антибиотигы туттуу элбээтэ. Ити «антибиотико-резистентноһы» кытта эмиэ сибээстээх. Антибиотик икки-үс күн иһигэр көмөлөспөт буоллаҕына, атыҥҥа көһөрөр туһунан толкуй үөскүүр. Уустук түбэлтэлэргэ миигин кытта сүбэлэһэллэр, «бактериальнай посев» баар буоллаҕына, антибиотигы таларга наһаа көмөлөһөр. Атын эмтэр бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэттэригэр эмиэ улахан болҕомтону уурабыт. Биир ыарыһах бииргэ биэстэн элбэх эми иһиэ суохтаах диэн быраабыла баар. Антибиотигы эрдэттэн ыарыыны сэрэтии (профилактика) быһыытынан иһиллибэт. Арай хирургическай эпэрээссийэ буолуон 30 мүнүүтэ иннинэ инфекция үөскээбэтин туһугар иһэрдиэхтэрин сөп.