АНГЛИЯ ТЫЛЫН САХАЛЫЫ ҮӨРЭТИЭХХЭ
Тас дойдуга сылдьыбат, олорбот да буоллахпытына, син биир биһиги күннээҕи олохпутугар омук тылын үгүстүк көрсөбүт: гаджеттарбытыгар, сыһыарыыларга, массыыналарга, аска-үөлгэ, эмкэ, о.д.а. Бэйэбинэн охсунан эттэхпинэ, сорох дьон “бу туох эрэ суруга таҕыста, тылбаастаа”, “оҕом английскай тылыгар дьиэҕэ үлэтин оҥорон биэр, быһаар” дииллэрэ үгүс. Оннук диэбэт туһуттан тылы билэрбит оруннаах.
Омук тылын билии атын эйгэҕэ, үрдүк таһымҥа, киэҥ аартыкка сирдиир, саҥа, сонун сирдэри арыйар, сайдыыны түстүүр. Киһи олоҕун тупсарар, үчүгэйгэ уларытар! Ол туһунан “Мин омуктуу билэбин” диэн сонун методика ааптара Юлия Васильеваны кытта сэһэргэстибит.
— Бастаан бэйэҥ тускунан сэһэргии түһэриҥ буоллар.
— Мин Ньурба кэрэ сиригэр-уотугар күөлэһийэн улааппытым. Идэбинэн омук тылын преподавателэбин, тылбаасчыппын, “Үөрэх-дьол” диэн бырайыак төрүттээччитэ, репетитора уонна “Мин омуктуу билэбин” диэн методика ааптара буолабын. Ол туох методикатай диэн ааҕааччылар интэриэһиргиэхтэрэ. Анал бэлэмэ суох уонна хаһан да үөрэппэтэх дьоҥҥо английскай тылы сахабыт тылыгар дьүөрэлээн үөрэтии буолар.
— Тыый!
— 2008 сыллаахха Дьокуускай куоракка СГУ омук тылын факультетын ситиһиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт дойдубар учууталынан анаммытым. Оҕолору кытта үлэлиирбин хара маҥнайгыттан олус сөбүлээбитим. Оскуолаҕа үлэлиир сэргэх, интэриэһинэй. Талбыт идэбин өссө чиҥэтэр, билиибин-көрүүбүн өссө хаҥатар санаалар киирбиттэрэ. Быраактыканы кэҥэтэр туһунан толкуйдаан барбытым. Ол иһин резюмебын толорон, норуоттар икки ардыларынааҕы Pegas диэн туристическай хампаанньаҕа ыыппытым. Элбэх эксээмэни, араас тургутугу, трениннэри ааспытым кэннэ үлэҕэ ылбыттара. Дьэ мантан саҕалаан, мин омук тылын эт мэйиибинэн ылынарбар, билиибин өссө чиҥэтэрбэр, олох атын таһымҥа улахан, саҥа кыах бэриллибитэ! Бастаан Египеккэ үлэлииргэ анаммытым.
Барыта чэпчэкитик саҕаламматаҕа, хас планерка, мунньах барыта английскай тылынан ыытыллара. Аҥаардас онтон толлубутум, ыарырҕаппытым. Бастаан үлэлииргэ, кэпсэтэргэ чахчы уустуга. Онтон бэйэбэр күүстээх санаа ылынан, хас күн аайы саҥаттан саҥа тыллары үөрэтэн барбытым. Бэрт кылгас кэм иһигэр, бэл диэтэр, утуйа да сыттахпына туруордахтарына, английскайдыы хоруйдуур кыахтаммытым.
Английскай тылы сэргэ арабскай тылы үөрэппитим. Сөхпүтүм диэн, холобура, биһиги английскай тылы 11 сылы быһа үөрэтэбит, ол да кэннэ уһулуччу, толору баһылаабаппыт, оттон арабскай тылы хара маҥнайгыттан саҥарарга, кэпсэтэргэ үөрэтэллэр эбит. Бу ньыманы английскай тылы үөрэтиигэ туһаныахха сөп эбит дии санаабытым. Мантан сиэттэрэн “Мин омуктуу билэбин” диэн методикам үөскээн тахсыбыта. Үлэлээбит кэммэр эргилиннэхпинэ, тылбаасчыт, гид быһыытынан Израильга, Иорданияҕа, Грецияҕа уонна да атын тас дойдуларга үлэлээбитим, сири-дойдуну көрөн, үгүс дьоннуун алтыһан, бу кэмнэрим миэхэ омук тылын толору баһылыырбар баай уопуту биэрбиттэрэ.
— Итиччэ тиийбиччэ, ситэри хаалыаххын...
— Омук сиригэр көһөр диэн олох туох даҕаны ыарахана суох, ким баҕарар тиийэр кыахтаах. Киһи тыллары үөрэтэр, дьону кытта билсэр, таһыма кэҥиир. Ол эрээри, мин оннук санаам суоҕа. Сахам сирин сылаас тыына хайа да бэйэлээх кэрэ дойдуга тэҥнэһиэ дуо, ахтылҕаным таайан, ыйааҕым тардан, дойдубар эргиллибитим. Аналбын, Ньурбам уолун көрсөн, сүрэхпитин холбоон, тапталлаах кэргэн, икки оҕо күн күбэй ийэтэ буолабын. Билигин ыал ийэтэ, дьиэ хаһаайката буолан олорон, кыралаан оҕолорго репетитордыыбын, английскай тылы үөрэтэр баҕалаах улахан дьоҥҥо эмиэ дьарыктары ыытабын.
— Тылы билии киэҥ сиргэ аартыгы арыйар диибит.
— Холобур, бу миэхэ, боростуой, тыа сирин кыыһыгар, тас дойдуларга үлэлиирбэр, сири-дойдуну көрөрбөр омук тылын дьаныһан үөрэппитим туһалаабыта, миэхэ саҥа аартыгы арыйбыта. Европа, Азия, Ближнэй Восток, Африка бары муннуктарыгар тиийэ билигин кэпсэтэр, суруйсар, алтыһар доҕоттордоохпун. Ханнык баҕарар омуктуу сайтан туһааннаах информацияны ылар кыахтаахпын, сөбүлүүр айымньыларым оригиналларын английскайдыы ааҕан дуоһуйабын. Үөрэнэр диэн, син биир таптыыр кэриэтэ, хаһан да хойут буолбат.
Онон бэйэм ис дууһабынан, өйбүнэн-санаабынан толору ылыммыт үөрүйэхпин, сатабылбын бар дьоммун кытта үллэстэр баҕа санаабын толорорго сананным. Английскай тылы төрөөбүт ийэ тылбытын кытта дьүөрэлээн үөрэттэхпитинэ, судургутук өйдөнүө диэн эрэлээхпин. Сахалыыттан нууччалыы тылбаастыы сатаабакка, тута сахалыыттан ангийскайдыы өйдүүргэ чэпчэки да буолуо. Тоҕо диэтэххэ, саха уонна английскай тыллар дорҕоонноро майгыннаһар, дьүөрэлэһэр өрүттэрэ үгүс. Сорох английскай тыл дорҕоонун нууччалыы кыайан таһаарбаккын, оттон сахалыы бэйэтэ тахсан кэлэр.
— Билигин тылы үөрэтэр киһи ахсаана төһө элбээтэ?
— Кэрэхсиирим диэн, бүгүҥҥү күҥҥэ английскай тылы үөрэтиэн баҕалаах олус элбэх, бука барыларын хабан үөрэтэр кэккэ уустуктардаах. Ол иһин быыс-хайаҕас булан, бастаан улахан дьоҥҥо онлайн куурус ыытан саҕалаатым. Манна оскуола кэмигэр үөрэтэн баран умнубуккутун сөргүтүөххүтүн сөп. Эбэтэр хаһан да омук тылын үөрэппэтэх буоллаххытына эмиэ холонуоххутун сөп.
Пандемия кэмигэр онлайн үөрэх туһалаах, кэлин наадалаах буолуоҕа. Куһаҕантан үчүгэйин арааран көрдөххө, дьиэттэн ырааппакка, улахан ороскуоту көрсүбэккэ, биир сиргэ олорон омук тылын үөрэтии олус табыгастаах.
— Үөрэтэр методикаҥ туохтан саҕаламмытай?
— Мин учуутал быһыытынан үлэлээбитим, оҕолору үөрэппитим, репетитордаабытым. Үрдүк үөрэххэ омук тылын нууччалыы үөрэтэллэр, саха тылынан тылбаас, кэпсэтии да барбат. Учуутал эмиэ уруогун нууччалыы ыытар, саха оҕотугар нуучча тыла ыарахан, ол кистэл буолбатах. Тыа оҕото нууччалыы ааҕарын, саҥарарын ыарырҕатар. Мин нууччалыы быһаарарбар оҕолор олох өйдөөбөттөр этэ. Нууччалыы да ааҕаллара уустук, холобур, оҕоҕо “один, два, три...” диэн аах диэтэхпинэ, ыгылыйан нэһиилэ саҥарар, онтон төрөөбүт тылынан элэҥнэччи ааҕар. Онно төрөөбүт тылынан үөрэтии саха оҕотугар быдан түргэнник тиийэрин өйдөөбүтүм. Онтон ыла омук тылын оҕолорго сахалыы үөрэтэн барбытым, үөрэнээччилэрим билиилэрин таһымнара быдан үрдээбитэ.
— Английскайдыы саҥарыы, үөрэтии олохпутугар хаһыс миэстэҕэ турарый?
— Английскайдыы оскуола таһымынан билии уонна чэпчэкитик ылынан өйдөөһүн, саҥарыы, ааҕыы олох ураты, атын-атын өйдөбүллэр. Маны тус бэйэм билбит, үөрэппит буоламмын, эрэллээхтик этэбин. Инвестиция диэн тылы манна дьүөрэлиэххэ. Инвестиция – эн олоххор туһалаах буолары оҥоруу, ол эбэтэр атыннык эттэххэ, билигин оҥорбутуҥ кэнники уон оччонон туһаны аҕалар. Бэйэҕэр үөрэн, саҥаны бил диэн аан дойду биллиилээх дьоно, бизнесменнэрэ сүбэлииллэр. Инвестиция үтүөнэн эргиллэр, сатабылы сайыннарар, ситиһиини аҕалар, туһалаах буолар.
— Куурус хайдах быһыылаахтык ыытылларый? Тылы олох билбэт киһи чуо бааччы саҥаран кэлэр кыахтаах дуо?
— Мин кууруһум онлайн сабыылаах бөлөххө ыытыллар. Нэдиэлэҕэ 3-тэ видеоуруок ыытабын, онтон дьиэҕэ сорудахтары биэрэбин, үлэлэргитин барытын бэрэбиэркэлиибин, туохха сыыспыккытын көннөрөн, быһааран биэрэбин.
— Элбэх төрөппүт оҕото омуктуу билиэн баҕарар, хас саастарыттан үөрэнэллэрэ ордугуй?
— Мин көрүүбэр, 9 сааһыттан үөһэ саастаах оҕоҕо ордук. Бу сааһыгар оҕо төрөөбүт тылын оскуолаҕа номнуо үөрэтэн, үчүгэйдик баһылаан, английскайдыы өйдүүрүгэр быдан чэпчэки буолуоҕа. Оттон улахан киһи хаһан баҕарар ылынар кыахтаах. Урут ханнык да омук тылын үөрэтэн да көрбөтөх дьоҥҥо бу куурус сөп түбэһэр.
— Аатырбыт Оксфорд методикатын туһанаҕын дуо?
— Оҕоҕо да, улахан киһиэхэ да төрөөбүт тылынан үөрэтэбин. Кини төбөтүн олоруута ханнык тылга олоҕурбутугар сигэнэн. Маны таһынан, үөрэнээччилэрбэр, мотивация уонна ситиһии күннүгэ бэлэхтиибин. Аҥаардас үөрэтиэхтээхпин эрэ диэн санаанан салайтарбакка, киһи инникигэ мотивациялаах, сыаллаах-соруктаах буолуохтаах дии саныыбын. Оттон ситиһии күннүгэр кыра да, улахан да кыайыыларгытын сурунан, иннигит диэки эрэллээхтик хардыылыы үөрэниэххит.
— Мотивация диэтиҥ, кырдьык, баҕалаах киһи тылы үөрэтэр кыахтаах ээ...
— Бастатан туран, мотивация. Киһи омук тылын тоҕо үөрэтэрин өйдүөхтээх. Сорох төрөппүттэр: “Мин оҕом омуктуу билиэн баҕарбат, английскайы үөрэтэригэр мотивацията суох”, – дииллэр. Тас дойдуларга хаардыы хаамар, сири-дойдуну кэрийэр, үөрэтэр туох куһаҕаннааҕый? Мин санаабар, хас да тылынан саҥарыы – билиҥҥи кэм ирдэбилэ. Баҕар-баҕарыма, билиэхтээххин. Олохпут наһаа түргэнник уларыйар, онно барытыгар бэлэм буолуохтаахпыт, тэҥҥэ сайдыахтаахпыт.
— Аныгы кэм киһитэ хас тылы баһылыахтааҕый уонна ханнык тыллары?
— Бастакынан, английскай тылы. Мин тылы билбэт киһи эбитим буоллар, английскай тылы билэн бараммын кытай, кэриэй уонна испанскай тыллары үөрэтиэм этэ. Биһиги, сахалар, бэйэбит кэпсэтэр тыллаах буоламмыт, омук тылларын быдан түргэнник үөрэтэбит. Мин хас күн аайы английскайдыы, ньиэмэстии саҥа тыллары үөрэтэбин, оҕолорбун кытта сахалыы уонна английскайдыы кэпсэтэбин.
— Кэпсэтииҥ иһин махтанабын! Үлэҕэр, дьиэ кэргэҥҥэр ситиһиилэри баҕарабын.
Юлия ситиһиитэ манан эрэ муҥурдаммат. Ийэ тыл, сурук-бичик күнүн көрсө, английскайдыы ааҕарга, грамматиканы өйдүүргэ тэттик босуобуйаны таһаарда. Киниэхэ Күннэй Антонова тылбааска көмөлөстө.