Ангелина Шавейко – Биир Кэлим Эксээмэҥҥэ икки бүк 100 баалы ылла
От ыйын 1 күнүгэр БКЭ биологияҕа эксээмэнин түмүктэрэ билиннэ. Саха сирин биологияҕа БКЭ историятыгар аан бастакы төгүлүн Нерюнгри куорат С.С.Каримова аатынан оскуолатын бүтэрээччи Ангелина Шавейко 100 баалга туттарбыт.
2021 сылга Ангелина икки бүк сүүс бааллаах буолбут. Ол курдук кини ити иннинэ химияны эмиэ 100 баалга туттарбыт. Нуучча тылыгар 92 бааллаах.
«Естественнэй-научнай хайысха5а интириэс гимназия5а үөрэнэр сылларбар мэлдьи баар этэ. Мин биологияҕа, химияҕа уонна экологияҕа олимпиадаларга кыттан призердааччыбын. Химияҕа үөрэппит учууталларбар - Тамара Григорьевна Самохваловаҕа, Татьяна Равильевна Мустафинаҕа, 5 кылаастан биологияҕа үөрэппит Маргарита Ивановна Сувороваҕа улахан махталбын тириэрдэбин. Үөрэнэр сылларбар ылбыт билиилэрим талбыт идэбэр туһалаах буолуохтара диэн эрэнэбин», - диэн кэпсиир Ангелина.
Үөрэнээччилэрин үрдүк ситиһиилэригэр учууталлара олус үөрдүлэр. «Гимназист үөрэҕин олугунан тус үөрэнэр былаана буолар. Былаан быһыытынан оҕолор 1-11 кылаастарга үөрэх таһынааҕы дьарыктары, онтон 10-11 кылаастарга предмети үөрэтэр таһымнарын бэйэлэрэ талаллар. Үрдүкү кылааска Ангелина биологияны уонна химияны дириҥэтэн үөрэппитэ, уруок таһынан эбии дьарыктаммыта. Теорияҕа уонна практикаҕа үрдүк таһымы биологияҕа, химияҕа уонна экологияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларга кыттан ситиспитэ. Ол курдук 2021 сылга Ангелина биологияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр призердаабыта. Кини баҕаран туран үөрэнэр, кыһаллар, үлэһит, туруоруммут сыалын ситиһэргэ дьулуһар», - диэн биология учуутала Маргарита Ивановна Суворова санаатын үллэһиннэ.