Андрей Селляхов: «Кыахтаах киһи хас да бизнеһи тутуон сөп…»
Ааспыт сыл күһүнүгэр мин кэскиллээх урбаанньыт Андрей Селляховтыын билсибитим. Суруналыыс буоламмын үлэм сүнньүнэн араас интэриэһинэй дьону кытта алтыһабын, сырдатабын, онуоха, биллэн турар, дьылҕабар махтанабын. Былырыын күһүн Андрей Дьокуускайга «Классик» банкетнай сааланы арыйан саҥардыы сүүрэ-көтө сылдьара, төһө да үлэтин саҥа саҕалаатар, кини саалатыгар араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллан барбыттара.
Билигин Андрей Алексеевич «Полет» остолобуой салайааччыта уонна сотору кэминэн Сочи куоракка арыллыахтаах «Туймаада» гостиница хаһаайына буолла. Онон сонуна, кэпсээнэ элбэх уолу кытта бу күннэргэ Дьокуускай куорат биир биллэр кофейнятыгар көрсөн ирэ-хоро сэһэргэстибит.
– Андрей Алексеевич, бастатан туран, кылгастык кимтэн кииннээх, хантан хааннаах буоларгын уонна урбаан эйгэтигэр хайдах кэлбитиҥ туһунан билиһиннэрэ түс эрэ…
– Мин Кэбээйи улууһун Кэбээйи сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Оҕо эрдэхпиттэн актыбыыс, туохха барытыгар кыттар көхтөөх буола улааппытым. Ол кэмнэртэн урбаан эйгэтин интэриэһиргиирим, улааттахпына менеджер идэтин баһылыам дии саныырым. Баҕа санаабын тута толорбутум, 2010 сыллаахха менеджер идэтин бүтэрбитим. Ол кэнниттэн ас-үөл, общепит эйгэтигэр үлэлээн кэлбитим. Онтон чааһынай предприниматель быһыытынан үлэбин былырыын, 2020 сыл күһүнүттэн саҕалаабытым. Ааспыт сыл төһө да пандемия, араас хааччахтар баалларын үрдүнэн, санаабын түһэрбэккэ, баар ирдэбиллэри тутуһан үлэҕэ умса түспүтүм. Бастаан Дьокуускай куорат киинигэр дьоҕус гостиницаны үлэлэппитим, онтон күһүн «Классик» банкетнай саала аһыллар. Манна сыбаайба, үбүлүөй ыытыыга сакаастары ыларбыт уонна онон эрэ муҥурдаммакка араас тематическай тэрээһиннэри оҥорбуппут. Онтон билигин Дьокуускай куорат аэропордугар «Полет» диэн остолобуой арыйан үлэлэтэ сылдьабын, аһатар сирбит иккис этээскэ баар. Ону таһынан билигин «Best Way» диэн дьиэ кооперативыгар консультант быһыытынан үлэлиибин. Онтон саамай улахан сонунум диэн бу алтынньы 1 күнүттэн Сочи куоракка «Туймаада» диэн сахалар гостиницаларын арыйан эрэбит. 17 хостоох үс этээстээх гостиница Адлер оройуонугар баар буолуоҕа.
– Тыый, наһаа үчүгэй эбит дии! Сахалар бэйэбит түһэр, хонор-өрүүр сирдээх буоларбыт бэрт дии. Бу барыта суукканан эрэ бэриллэр буолар дуу эбэтэр Саха сириттэн баҕалаах дьон кэлэн кыстыахтарын сөп дуу?
– Билигин туристарга «бархатный сезон» диэн кэм үүннэ. Онон кыралаан туристар көҕүрээн эрэллэр, үлэ, үөрэх саҕаланан Сочига дьон аҕыйаабыта тута биллэр. Бэйэм бу аҕыйах хонуктааҕыта эрэ сынньанан кэллим. Ол да буоллар, алтынньы ыйга да сынньанааччылар баар буолуохтара, сөтүө кэмэ бүтэ илик буолар. Биһиги сүрүн сыалбыт диэн Саха сириттэн кэлэр дьон куруук бэйэлэрэ түһэр сирдээх буолуохтарын баҕарабыт. Ол аата биир үксүн манна сахалар мустуохтара. Сорох хостору суукканан, онтон атыттарын кыстыы кэлээччилэргэ биэрэбит. Билигин Саха сириттэн Сочига кыстыы барааччылар элбээн иһэллэр. Саамай тымныы оройугар – сэтинньи, ахсынньы, тохсунньу, олунньу ыйдарга олорон баран кулун тутар, муус устар ыйдарга төттөрү дойдуларыгар кэлэллэр. Сочига кыһын сезон буолбатах буолан хостор, кыбартыыралар да сыаналара удамыр. Ол аата хостор ыйдааҕы төлөбүрдэрэ 10 тыһыынчаттан саҕаланар. Эдэр ыаллар, биэнсийэлээхтэр, соҕотох кыстыы кэлбит дьон аа-дьуо удамыр сыанаҕа холкутук кыстыахтарын сөп.
– Андрей Алексеевич, саха гостиницатын тоҕо чуолаан Сочига арыйдыҥ? Билигин Арассыыйа үрдүнэн курорт элбэх…
– Үгүс дьон Сочига сынньанар уонна бэйэм да олус сөбүлүүбүн. Бу сылга номнуо үстэ баран кэллим. Тохсунньуга, кулун тутарга уонна атырдьах ыйыгар сынньанным. Балаҕан ыйын бүтүүтэ аны гостиницабын арыйа көтүөм. Сочи, чахчы даҕаны, наһаа үчүгэй куорат, киһи кута-сүрэ тохтуур, эчи, климата да үчүгэйэ. Аны туран сахалар Сочига эмиэ олус бараллар, кыстыыллар, сорохтор олох да олохсуйан ырааттылар. Кыһыҥҥы кэмҥэ сылаас сиргэ кыстыыр диэн туох да ааттаах үчүгэй буоллаҕа. Ол иһин мин гостиницам сорох хосторун удамыр сыанаҕа кыстааччыларга диэн биэртэлиэм. Ас, бородуукта, фрукта да сыаната үчүгэй. Онон кыстыырга да, олохсуйарга да табыгастаах диэн көрөбүн. Бэйэм ордук Адлер оройуонун сөбүлүүбүн.
– Кэлиҥҥи кэмҥэ сахалартан Москванан, Питеринэн, Краснодарскай кыраай да куораттарынан үгүс киһи дьиэлэннэ. Эн бэйэҥ кыбартыыра эҥин былааннанаҕын дуу?
– Биллэн турар, инники өттүгэр Москваҕа уонна Сочига дьиэ ылынар былааннаахпын. Өскөтүн элбэхтик кэлэр-барар, айанныыр, эбиитин бизнестээх буоллахпына бэйэ дьиэлэнэр хайаан да наада.
– Мин санаабар, билигин элбэх киһи урбаан, бизнес эйгэтин сэргиир. Ол гынан баран киһи эрэ барыта санаммат. Ситиһиилээх урбаанньыт буолар туһуттан элбэҕи үлэлиэххэ, сүрэхтээх уонна элбэх идиэйэлээх киһи буолуохха наада. Онтон ким эрэ урбаанньыт буоллум да байабын-тайабын дии саныыр, ол кэнниттэн уустуктары көрсөн, сатаан үлэлээбэккэ дьыалатын сабарга күһэллэр… Предприниматель буолар төһө ыараханый?
– Барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Сүрэхтээх, үлэһит, сыаллаах-соруктаах буоллахха тугу баҕарар кыайа-хото тутуохха сөп. Мин, холобур, «ИП» буолбутум саҥа биир эрэ сыл буолла. Онон үлэм өссө да иннигэр.
– Сорох предпринимателлэр олохторун тухары биир эрэ хайысханы талан үлэлииллэр, онтон кимнээх эрэ хас да бизнеһи тэҥҥэ туталлар. Эн санааҕар, киһи биир бизнескэ үлэлиирэ ордук көдьүүстээх дуу эбэтэр хас да хайысханы дьүөрэлиэххэ сөп дуу?
– Дьэ, ону киһи бэйэтэ быһаарынар. Барытын кыайабын, ситиһиилэнэбин диир буоллаҕына, уон да бизнеһи сатаан үлэлэтиэн сөп. Мин бииринэн эрэ муҥурданар санаам суох. Эдэр киһи буоламмын идиэйэм да элбэх. Онон барыта көстөн иһиэ… Холобур, билигин кыралаан хамсаабат баай-дуол эйгэтигэр үлэлии сылдьабын. Ол курдук, Дьокуускайга эбэтэр Арассыыйа ханнык баҕарар куоратыгар дьиэлэниэн баҕалаах дьону кытта үлэлэһэбин. Билигин дьиэ-уот сыаната үрдүү турар буолан, сорох дьон кыайан дьиэлэнэр кыахтара суох. Онуоха олус табыгастаах бырагыраамалары туһаныахтарын сөп.
– Эн дьону уонна харчыны кытта үлэлиигин, онон олус эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьаҕын. Бэйэҥ харчыга сыһыаныҥ хайдаҕый? Харчыны кытта чэпчэкитик арахсаҕын дуу эбэтэр ыараханнык?
– Предприниматель харчыга оттомноомтук сыһыаннаһыахтаах. Ол гынан баран харчыга аһара ыараханнык сыһыаннаһар эмиэ наадата суох. Наһаа бэйэлэриттэн көҥөнөр, кэччэгэй дьону эмиэ өйдөөбөппүн. Киһи олох кэрэтин эмиэ билиэхтээх, кэрэ сирдэри кэрийиэхтээх, үөрэнэригэр, сайдарыгар харчы кутуохтаах дии саныыбын. Киһи харчыны кытта чэпчэкитик арахсыахтаах, харчы син биир барар-кэлэр буоллаҕа.
–Арааһа, хас биирдии күнүҥ-ыйыҥ барыта былааннанар буолуохтаах. Эн сарсыарда күнүҥ хайдах саҕаланарый? Туох эмит ритуал эҥин диэбит курдук баар дуо?
– Хас сарсыарда аайы кофе иһэрбин олус сөбүлүүбүн. Күнүм хайаан да кофеттан саҕаланар. Күммүн-дьылбын эрдэттэн былааннанарбын сөбүлүүбүн уонна ону барытын ситиһэргэ дьулуһабын. Күннээҕи сыалыҥ-соругуҥ туолара барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах.
– Ардыгар эр дьону дьахтардааҕар минньигэстик астыыр дииллэр. Эн төһө асчыккыный?
– Баҕар, итэҕэйиэххит суоҕа гынан баран, мин оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн астыыбын. Онон ас чааһыгар улаханнык долгуйбаппын, күннээҕи аһылык кэмигэр буһар (күлэр).
– Аска төһө бириинчиккиний?
– Хаппырыыспын диэххэ сөп. Сөбүлүүр-сөбүлээбэт, аһыыр-аһаабат астаахпын. Ханнык баҕарар эр киһи син биир минньигэстик аһыырын сөбүлүүр буолуохтаах.
– Самаан сайыммыт номнуо бүтэ оҕуста. Сайыҥҥын хайдах атаардыҥ?
– Сахам сиригэр сайылаатым, сайын устата кафебар үлэлээтим, атаҕар туруордум дии саныыбын. Онон сылаас кэмнэрим барыта үлэ үөһүгэр аастылар. Онтон бу атырдьах ыйыгар Сочига баран кэллим.
– Андрей, таптал, кэрэ аҥаардар тустарынан кэпсэтиэх. Хаһан ыал буолар былааннааххын уонна олоҕуҥ аргыһа хайдах буолуохтааҕый, хайдах кыргыттары ордороҕунуй?
– Мин билиҥҥитэ холостуойбун. Ол гынан баран хаһан баҕарар ыал буоларга бэлэммин (күлэр). Бэйэм курдук киирбит-тахсыбыт, кэпсэтинньэҥ, сэргэх кыргыттары сөбүлүүбүн. Кэргэним миигин өйдүүр, өйүүр, үлэбэр куруук күүс-көмө, тирэх буолуохтаах.
– Интэриэһинэй кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Саха дьонугар, ааҕааччыларга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Киһи биирдэ олорор. Олоххутун интэриэһинэйдик, үчүгэйдик өйдүү-саныы сылдьар гына олоруҥ, үлэлээҥ, үүнүҥ-сайдыҥ диэн сүбэлиибин. Киһи олоҕо – бэйэтин илиитигэр. Онон барыта бэйэҕититтэн тутулуктаах. Этэҥҥэ буолуҥ.
Хаартыскаларга: Андрей Селляхов