02.04.2021 | 16:22

Андрей Алексеев: «Биэс кыһыл көмүһү ылыахпытын баҕарабыт»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Андрей Алексеев Ньурбаттан төрүттээх, кик-боксиҥҥа РФ, Азия, аан дойду чемпионаттарыгар 1995-96 сс. кытта сылдьыбыта, ити эрчиллибит көрүҥэ Саха сиригэр арыый мөлтөөбүт кэмиттэн өрөспүүбүлүкэ сүрүн тренеринэн талыллан, арыый өрө тардыыны оҥорон эрэр.  Мантан аллара Арассыыйа чемпионатыгар кимнээх кытталларын билиһиннэрэр:

— Бу улахан түһүлгэҕэ дойду араас регионнарыттан 500–тэн тахса кыттыан баҕалаах сайаапката кэлбитэ. Саха сириттэн 20 спортсмен путевка ылбыта. Сыл бүтүүтүгэр Кавказка тиийэммит илин-арҕаа өттүлэригэр эрчиллибиппит. Бастаан Хара муора кытыытыгар Сочига, онтон Махачкалаттан чугас Избербашка дьарыктаммыппыт.

— Хайа, доҕор, Кавказ арҕаа-илин өттүлэригэр уот Кудулу Байҕал уонна Харака муора кытылларыгар, төрүттэрбит сирдэригэр тирэх ылбыт эбиккит буолбат дуо?

— Оннук-оннук.

— Дьэ, бэрт.

— Сыл саҥатыгар дойдубут киин куоратын аттыгар күүстээх киирсиини барбыппыт. Хас да күрэхтэһиигэ син ситиһиилээхтик кыттыбыппыт. Ол курдук Москва аһаҕас чемпионатыгар үс уолбут кыайбыта.

Бу чемпионакка биһиги суоттанар ыйааһыммытыгар Арассыыйа бастыҥнара бары кэлэллэр. Ол курдук, 51 кг Тываттан аан дойду чемпиона Багай оол-кызык, 54 кг Арассыыйа хас да төгүллээх чемпионнара Алексей Спирин (Свердловскай) уонна Тываттан Талгат Турепчи кэлэллэр. 57 кг баар-суох эрэлбит, Арассыыйа үс төгүллээх чемпиона Вадим Колтовской, хомойуох иһин, оһоллонон кыттыбат буолла. Хайыахпытый, спорт диэн итинник. Онон кини кэннигэр күлүккэ сылдьыбыттар кыттыбат буолбут диэн үөрэ сылдьаллар. Аан дойду, Арассыыйа чемпиона Марк Болович (Санкт-Петербург), Арассыыйаҕа бастыы сылдьыбыт чеченец Хамид Пасхаев кыраҕа санамматтара биллэр. 60 кг баччааҥҥа диэри РФ тэҥнээҕэ суох сылдьар Тимерлан Бикемурзаев иннин биэриэн баҕарыа суоҕа. Европа чемпиона Бувайсар Басхаевтар убайдара эмиэ бастыҥ буоларга дьулуһуоҕа.

63,5 кг Челябинскайтан Виктор Михайловы тус тренерэ, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын салайааччыта буоларынан, судьуйалар киниэхэ ыалдьыахтара.

67 кг чеченец Тамерлан Баширов олус кутталлаах.

Эн, сүрүн тренер, хас мэтээлгэ суоттанаҕыный?

— Ити эппит ыйааһыннарбар үстүү уолбут киирсиэҕэ. Онно суоттанабыт. Биһиги хамаандабытыгар икки аан дойдутааҕы таһымнаах маастар баар. Местников уонна Андреев.

Биирдиилээн ыйааһыннарга кимиэхэ чуолаан суоттанаргын эт эрэ.

— 51 кг Сунтаартан төрүттээх куорат уола Петр Васильев Арассыыйаҕа  түөртэ боруонса мэтээллэммитэ. Дьиэтигэр-уотугар кыайтарбыт уолаттарыгар реванш ылан бастыан баҕарабыт. Кини ыйааһыныгар Уһук Илин икки төгүллээх чемпиона Михаил Слепцов, Амматтан Уһук Илин быйылгы призера Иван Захаров күүс-көмө буолуохтара. 54 кг улахан эрэлбит Үөһээ Халыматтан төрүттээх Айаал Местников киирсэр. Кинини кытта Өлүөхүмэттэн Арассыыйа кубогар иккис буола сылдьыбыт Сергей Иванов уонна  Намтан ийэлээх, Вьетнамтан аҕалаах Иван Ле ураты киирсиилэри көрдөрүөхтэрин сөп. 57 кг Уус Алдантан Тимофей Сивцев, Москва аһаҕас чемпионатын кыайыылааҕа буолан, санаата өрө көтөҕүллэ сылдьар. Чурапчыттан төрүттээх Владимир Лыткин Таилаҥҥа баран муай-тай буоксаҕа кыайан, буспутун-хаппытын биллэриэ. Лелартан кыралара Антон оҕолорго тэҥнээҕин булбакка сылдьар. Билигин улахаттарга аан бастакытын холонор.

— Оттон орто ыйааһыннарга эмиэ үчүгэй уолаттардаах этибит дии?

— Бааллар-бааллар. 60 кг мин төрөөбүт бөһүөлэкпиттэн Виктор Ломпоров эмиэ оҕолортон бастакы тахсыыта буолар. Ити ыйааһыҥҥа 17-с кыбаартал нууччата Проскурин баар. 63,5 кг Ньурба Мархатыттан боксаҕа уонна кикбоксиҥҥа Арассыыйа спордун маастара Виктор Филиппов киириэҕэ. Кини аан дойду Кубогар Италияҕа бастыы сылдьыбыттаах. Бу ыйааһыҥҥа Нам Үөдэйиттэн Уһук Илин чемпиона Гаврил Попов эмиэ хаалсыан баҕарыа суоҕа. 67,5 кг, биллэн турар, Ньурбаттан төрүттээх Маҕан бөһүөлэгин уола, Европа 2014, аан дойду Кубогын 2015 сылларга чемпиона, мэлдьи миэстэлэһэ сылдьар Денис Андреев албан аатын көмүскүөҕэ. Бу ыйааһыҥҥа күүстээхтэр элбэхтэр, аан дойду алмаастаах Кубогын хаһаайына Ньурба Чуукаарыттан Михаил Иванов, Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыттан Уһук Илин чемпиона Айтал Петров титулларыгар саҥа мэтээли эбиниэхтэрин баҕарыахтара.

— Чэ, кытаатыҥ, Туймаада туоната эһиэхэ соргулаах буоллун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....