20.04.2024 | 14:00

Анастасия Саввина: «Уойууну сэрэтэргэ доруобай аһылык төһүү буолуохтаах»

Анастасия Саввина:  «Уойууну сэрэтэргэ доруобай аһылык төһүү буолуохтаах»
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

«Уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинэ профилактикатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ» диэн бүддьүөттэн үбүлэнэр, ол аата бар дьон туһугар үлэлиир, бэрт улахан сыаллаах-соруктаах, норуокка туһалаах информацияны тарҕатар, доруобай олоххо үөрэтэр үлэни ыытар тэрилтэ баар. Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар бу киин диетолог-бырааһа, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата Анастасия Дмитриевна Саввина ыалдьыттыыр.

– Биһиги кииммит урут “Мэдиссиинэ профилактикатын киинэ” диэн ааттаах этэ, кэлин “Уопсастыбаннай доруобуйа киинэ” диэн эбиликтэммиппит уонна чэгиэн сылдьар дьону кытта үлэбитин өссө күүһүрдүбүппүт. Салайааччыбыт, кылаабынай бырааспыт – Алена Михайловна Никитина. Биһиги үлэбит сүрүн сыала – чэгиэн дьон ортотугар араас ыарыыга ылларыыны эрдэттэн сэрэтии. Ону тэҥэ табаҕы, арыгыны утары үлэни утумнаахтык ыытабыт.

Бу соторутааҕыта уойбут оҕолоох төрөппүттэри кытта үлэлэһэр сыаллаах “ДЬИЭ КЭРГЭН ДОРУОБАЙ АҺЫЛЫГА” онлайн-марафоммут саҕаланна. Ол эрэн марафоммутугар ким баҕарар, дьиэ кэргэнин аһылыгын көннөрөн дьонун доруобуйатын тупсарыан баҕалаах киирэр кыахтаах.

 

Оҕолорбутун аһара уотумуохха

Оҕо уойуута чахчы билиҥҥи үйэ сытыы кыһалҕата буолла. Урут манан чааһынайдар, биирдиилээн энтузиастар дьарыктаналлар этэ. Холобур, Виктория Варламова салайааччылаах “Перемена” диэн бырайыак бэркэ үлэлээн иһэн тохтообута. Тоҕо диэтэххэ, дьону ыҥыран аҕалыы, төрөппүтү хамсатыы олус ыарахан үлэ. Кинилэри кытта диетолог быһыытынан кылгастык үлэлии сылдьыбыттаахпын. Төрөппүттэри мотивациялыыр, уһугуннарар, оҕолорун кытта барыларын бииргэ түмэр уустук этэ.

 

"Статистика көрдөрөрүнэн, 2000-2017 сылларга 0-14 саастаах оҕолорго уойуу ахсаана 2,5 төгүл элбээбит, 15-17 саастаахтарга – 4,6 төгүл. 
Маны тэҥэ, ыйааһыны быраҕыыга дьиэ кэргэн интэриэһэ намыһаҕа бэлиэтэнэр."

 

Ол иһин биһиги кииммит ыытар марафона барыта онлайн. Кими даҕаны күрэхтэһиннэрбэппит. Билиҥҥи төрөппүт үксэ солото суох. Оҕолор үгүстэрэ бэйэлэрэ бэйэлэригэр сылдьаллар – тугу баҕарар ылан сииллэр, туһалаах эбэтэр буортулаах диэн араарар үөрүйэхтэрэ суох.

Оҕо уойуута сааһыттан тутулуктаах, ханнык эмэ сааска кэлэн аһара уойан хаалар кэмнээх. Бастакы кэрдиис – 1 сааһыгар диэри, оҕолорбутун бэйэбит аһара аһатан уотан кэбиһиэхпитин сөп. Иккис – 5-6 сааһыгар кэлэр, оҕо улаатар кэмэ, уҥуоҕа биллэ уһуур, бу кэмҥэ сыыһа тутуннахха, аһылыгар углевода элбэх буоллаҕына, туоратынан барыан сөп. Үһүс кэрдиис – 10-11 сааһыгар уойарга баран хаалыан эмиэ сөп.

 

Төрөппүт бэйэтин тэтиминэн барар марафон

Былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар Роспотребнадзор Саха сиригэр 50 оскуоланы хабан чинчийии ыыппыта. Ол түмүгэр оҕо аһара уойуута ордук 2-3 кылааска элбэҕэ бэлиэтэммитэ. Оҕо бу сааһыгар илдьэ сылдьар бас билэр харчыланар, оттон оскуолаларбыт остолобуойдарыгар сакалаат батончиктар уонна бурдук ас эрэ дэлэй.

Төрөппүтү үлэтин кэнниттэн түмэ сатыыр, онно-манна кытыннараары ыҥырар, көрсүһүүлэри тэрийэн өйдөтө сатыыр судургута суох. Оннук суолунан эмиэ үлэлээбиппит, 30 киһи суруттарар, оттон дьарыкка кэлээччитэ 5 эрэ киһи буолбут түгэннэрэ элбэхтик тахсаллара.

 

Аны туран сорох төрөппүттэр оҕолоро аһара уойбутун өйдөөбөттөр, кыһалҕа баарын билиммэт буолаллара эмиэ баар. Сорохтор сөпкө аһааһын ыарахан сыаналаах, ороскуоттаах дии саныыллар. Үгүстэр онон дьарыктанар солобут да, иллэҥмит да суох диэхтэрэ. Оҕо кыбыстар, төрөппүт саллар. Ол иһин биһиги барытын онлайн көрүҥүнэн ыытан эрэбит. Аан маҥнай маннык уһуннук, алта ый устата төрөппүтү кытта ыкса үлэлиэхпит. Бэйэлэрин кыахтарынан уонна тэтимнэринэн баран иһиэхтэрэ.

 

Барыта буор босхо

– Биир ыйдаах онлайн марафоннары Уопсастыбаннай доруобуйа киинэ 2021 сыллаахтан ыытар. Биһиги доруобайдык аһыырга үөрэтэбит. Онно олоҕуран ким ырыан баҕарар ыйааһынын биллэ быраҕар, ким былчыҥын эбиэн, этин-сиинин хаачыстыбатын тупсарыан баҕарар, ону ситиһэр – ол барыта сөпкө аһааһыҥҥа, доруобай, иҥэмтиэлээх аһылыкка олоҕурар. Чэгиэн аһылык технологиятын киллэрэргэ уһуйабыт.

 

Дьиҥэ, сөпкө аһааһын туһунан билигин билбэт киһи диэн суох. Ол эрэн информацияны сатаан талан иҥэринии диэн баар буолуохтаах. Биһиги методикабыт 10-нуу хардыылартан турар ньымаҕа тирэҕирэр. Хас биирдии ньыманы олоххо киллэриигэ 2-3 күн биэрэбит. Бу бэнидиэнньиктэн саҕаламмыт марафоҥҥа киирбит дьон уонна икки нэдиэлэ устата киирбиттэр барытын тэҥҥэ ситиһэр кыахтаналлар.

Марафоммут телеграмм ханаалга ыытыллар буолан табыгастаах – хаһан баҕарар, сололоннугут да, киирэн туһалаах информацияны ааҕыаххытын сөп. Дьиэтээҕи сорудах биэрэбит – олус судургулар. Холобур, бастаан ууну иһии эрэһиимин үөрэтэбит. Онно уу организмҥа суолтатын, сууккаҕа төһөнү иһиэхтээххитин, ханнык ууну иһэр ордугун о.д.а. туһалаах информацияны, барыта наукаҕа олоҕуран быһаарыллыбыты, сиһилии суруйабыт. Онтон уугут нуорматын суоттаан таһаарыҥ диэн формула биэрэбит.

 

Ууну иһэ үөрэниэххэ

– Ууну сатаан испэт, уу куолайбытыгар кэлэн туран хаалар диир дьон баар. Сорох оҕо ууттан өҕүйэн да барыан сөп.

 Иһэр уубут PH балансын билиэхтээхпит. Биирдэ кэллиэгэлэрбитигэр ууну иһэ үөрэниигэ марафон ыыппыппыт, сорохтор уубут олох сатаан киирбэт диэбиттэриттэн үлэбитигэр сакаастаан ылар бытыылкалаах уубут PH таһымын бэрэбиэркэлээн көрдүбүт – 6-6,25 халбаҥныыр эбит. Ол аата деминерализацияламмыт, дистиллированнай, “өлбүт” уу. Бу уу туох да туһата суоҕун таһынан, киһи организмыттан туһалаах туустары, минераллары сайҕаан, суурайан таһаарар.

 

"Чэпчэки сыаналаах, фильтрдаммыт кыраан уутун иһэр оннугар, сир анныттан ылыллар, артезианскай ууну сакаастаан иһэр төһө эмэ ордук. Эбэтэр ууну ыраастыыр фильтр туруоран, онтукаҕыт хайаан да ууну минералларынан байытар буоларын курдук дьаһаннаххытына өссө ордук." 

 

“Өлбүт” ууну минералларынан байытар, төттөрү тыыннаах оҥорор элбэх ньыма баар. Ону эмиэ марафоммутугар кэпсиибит. Холобур, үрүҥ көмүс ытарҕаны, ууга угуллар анал кремний тааһы о.д.а. ылан графиннаах ууга хоннордоххо, хостообокко илдьэ сырыттахха, уу минералларынан байытыллар. Ууга оҕурсуну, лимону, мятаны да эбэн байытыахха сөп – ити курдук араас ньыманы барытын босхо ыытар марафоммутугар кэпсиибит.

 

Сөпкө аһааһын сыаната ыарахан буолбат

– Сөпкө аһааһыҥҥа киирдибит да, ороскуотурабыт, туох эрэ ураты сыаналаах астары атыылаһар буолабыт дии саныыр дьон баар. Доруобай аһылык атын күннээҕи аспытынааҕар ыарахан сыаналаах буолбат эбээт. Халбаһы сыаната эттэн итэҕэһэ суох, бэчиэнньэ, бирээнньик атыылаһар кэриэтэ үрүҥ ас ылан сиэххэ сөп.

 

Бу босхо марафоммут төрөппүт олохсуйбут үөрүйэхтэрин уларытарга төһө көхтөөҕүн, саҥа үчүгэй үөрүйэхтэри олоҕор киллэрэргэ төһө бэлэмнээҕин көрдөрүөҕэ. Билиҥҥитэ 300-чэкэ сайаапка киирдэ, 160-ча киһи марафоҥҥа кыттыста. Икки нэдиэлэ устата киирэн кыттыһыаххытын сөп.

Бастаан төрөппүт бэйэтэ уу иһэ үөрэниэн наада, бэйэтэ информацияны үөрэтэн, ааҕан баран оҕотугар кэпсиэҕэ.

Ас атын аһы кытта дьүөрэлэһиитэ диэн баар. Эт ханнык гарниры кытта буоллаҕына ырарга төһүү буоларын, оттон ханнык аһы кытта былчыҥы үүннэрэргэ, эт тутарга көмөлөһөрүн быһаарсар буолуохтааххыт – ону эмиэ марафоҥҥа кэпсиибит. Гликемическэй, инсулиновай индекс диэни суоттуурга үөрэтэбит.

 

Дьиэтээҕи сорудаҕы толорон иһэр дьон элбэҕи ылыналлар. Нуормаҕытын суоттаан, ыйааһыҥҥыт уонна биилгит кээмэйиттэн “индекс массы тела” диэни таһаарыҥ диибит. Формулалары биэрэбит.

Марафоммутугар психолог көмөтө баар буолар, мотивациялыырга көмөлөһүөхпүт, бары өттүттэн өйүөхпүт.

 

Ханна да суох бырайыак

Барыта төбөбүт иһиттэн саҕаланар. Толкуйу уларытыахха наада. Доруобай аһылык, сөпкө аһааһын чахчы мин олоҕум хаачыстыбатын тупсарар, маны биллэхпинэ, олохпор киллэрдэхпинэ, мин уонна оҕолорум, чугас дьонум абыраналлар диэн санаанан салайтарыахтаахтар.

 

"Арассыыйа ханнык да регионугар маннык хабааннаах үлэ босхо ыытыллыбат. Ырыан баҕалаах дьону кытта үлэ барыта төлөбүрдээх буолар. Босхоҕо дьон эппиэтэ, сорудаҕы толоруута мөлтөх соҕус буолуон сөп диэччилэр эмиэ бааллар. Көрөн иһиэхпит."

 

Ким баҕалаах ыйааһынын түргэнник түһэрэн барар. Бастакы нэдиэлэҕэ дарбайбыттара ааһар, ордук уулара тахсар, сирэйдэрэ ырар. Иккис нэдиэлэттэн тахсан киирэллэрэ тупсар. Үһүс нэдиэлэттэн утуйар уулара сааһыланар, хааннарын баттааһына оонньуура тохтуур, сэниэлэнэллэр. Бу кэмҥэ кэрэ аҥаардар култуурунай тэрээһиннэргэ сылдьаллара элбээччи, саҥа таҥас атыылаһаллар, дьону кытта көрсөллөр, кэлэллэр-бараллар. Ол иннинэ аһара уойан сэниэтэ суох сылдьыбыт дьон дьэ сэниэлэнэн, күүһүрбүт, кыаҕырбыт курдук сананаллар.

Мээнэ ааҕа эрэ олорон, үөрүйэхтэри киллэрбэккэ, “кинилэрэ да суох маны билэр этим” диэтэхтэринэ, биллэн турар, туһата суох буолар.

 

Уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинэ профилактикатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин үлэһиттэрэ

Барыта наукаҕа тирэҕирэр

– Марафоммутугар наукаҕа тирэҕирэр, чахчы үлэлиир ньымалар бэриллэллэр. Нутрициология диэн киһи аһылыгын, ол ас киирэн организмытыгар тугу оҥорорун, хайдах иҥэрин үөрэтэр наука баар. Холобур, сахалар күннэтэ сиир эппит хортуоппуйу кытта уонна күөх үүнээйини кытта сиэннэҕинэ, дьайыыта атын-атын буолар.

Киэһэ аайы ыал үксүгэр мокоруоннаах эт астанар. Манна өссө мокоруон кытаанах суортартан оҥоһуллубут буоллаҕына, ама, үтүө эбит диибит. Хомойуох иһин, сорохторго чэпчэки сыаналаах мокоруону кытта сосиска эбэтэр окорочка буолуон сөп. “Ириис+окорочка”, “ириис+сосиска”, “доширак”, сарсыардааҥҥы аһылыкка хотуобай “хлопья”, маҕаһыын минньигэс йогурта, бэчиэнньэ, бирээнньик курдук рацион 80-90 бырыһыана углевод – ол эбэтэр уотар астар.

Нутрициолог диэн үлэһит билигин балыыһаларга суох, ыстаат көрүллүбэт. ХИФУ Мединститутугар алта ыйдаах үөрэх баар. Ханнык баҕарар үрдүк үөрэхтээх киһи харчы төлөөн, нутрициолог идэтигэр эбии үөрэниэн сөп.

 

Ас састаабын көрөргө үөрэтэбит

Оҕо быыстала суох холодильник хаһан, ас көрдөнөн тахсыа суохтаах. Толору нуорматын иҥэмтиэлээхтик аһыыр оҕо эбии аһылыкка наадыйбат. Холобур, мин оҕом холодильниктан эбии ас көрдөммөт үөрүйэхтээх, сокуоммут биир – остуолга ууруллубут аһылыгы кэмигэр сиибит.

Саамай үчүгэй сарсыардааҥҥы аһылык – сымыыт. Ынах арыытыгар ыһаарыланыан сөп. Яичницаны, биллэн турар, күн аайы сиэбэппит. Сарсыҥҥы күнүгэр килиэптээх күөрчэх сиэххэ сөп. Килиэби “цельнозерновой” диэни ылар ордук. Дьокуускайга Амматтан кэлэр “цельнозерновой” килиэп баар. Дьокуускайдааҕы килиэп собуотун бородууксуйатыттан “Купеческай” килиэби уонна “лабыкталаах килиэби” (“хлеб с ягелем”) сүбэлиибин.

“ПП” диэн буолла да барыта туһалаах дии саныыбыт. Дьиҥэ, үксэ маркетинг. Ол иһин дьону ас састаабын болҕойорго, сатаан ааҕарга үөрэтэбит. Холобура, хара килиэп састаабыгар “мука высший сорт” диэн бастакы сылдьар, оттон “ржаная мука” диэн бүтэһик сылдьар, кинилэр икки ардыларыгар араас элбэх эбилик баар буоллаҕына, бу сымыйа “ПП” килиэп сытар. Оруос бурдуктан килиэп ылар буоллаххытына, бастакынан “мука ржаная обдирная” диэн суруллубутун көрдүөхтээххит.

Холобур, алаадьы – сахалар дьиҥ төрүт астара буолбатах. Үйэттэн эрэ ордук буолла бурдук баарын билбиппит. Былыр өссө бэйэлэрэ үүннэрбит, тардыбыт, мэлийбит бурдуктара төһө эмэ туһалаах буолара. Билиҥҥи бурдук – ГМО (генно-модифицированнай) эбилигэ, клейковината элбэх.

 

Ыйааһыммытын бэйэбит эрэ көннөрөбүт

– Нутрициолог уонна диетолог идэлээхпин дэнэр дьон билигин элбээтэ. Ол эрэн дьиҥнээх диетолог ахсаана Арассыыйа үрдүнэн 500-кэ эрэ тиийэр. Исписэлиис үөрэммитин туһунан докумуоннарын ирдэһэн көрөр буолуҥ.

Дьиҥэ, диетолог ыарыһах дьону кытта үлэлиэхтээх.

Нутрициологтар доруобай дьону кытта аһылыгы сааһылааһыҥҥа үлэлииллэр.

Саамай сүрүнэ, оҕолор аһара уойууларын сэрэтиэхтээхпит. Кыра эрдэҕинэ уойбут оҕо сыатын килиэккэлэрэ элбиир, ол аата үйэтин тухары аһара уойар чинчилээх. Оттон арай дьахтар ийэ буолаары, оҕолоноору уойан хааллаҕына, кини номнуо баар килиэккэлэрэ сыаланаллар – ол иһин маннык дьон ыраллара судургу соҕус буолар.

Улахан дьон аһара уойуутун сэрэтии оҕолортон саҕаланар. Аһара уойууну бохсор биир эрэ ньыма баар – аһылыкпытын сааһылааһын, доруобай аһылыкка көһүү уонна эт-хаан өттүнэн хамсаныыны-имсэниини үксэтии.

 

“Уопсастыбаннай доруобуйа уонна мэдиссиинэ профилактикатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ” “ДЬИЭ КЭРГЭН ДОРУОБАЙ АҺЫЛЫГА” ыытар марафонугар кыттыһарга +79991740483 нүөмэргэ сайаапка ыытаҕыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...