Анастасия Алексеева: «Айар аартыгым ийэм алгыһыттан саҕаламмыта»
Саха омук – дьикти омук... Айылҕабыт төгүрүк сыл киһини сөхтөрөр, дьиктиргэтэр, тургутар, тулуурдаах-дьулуурдаах буолууну ирдиир: тымныы диэтэххэ – тымныыта, итии диэтэххэ – итиитэ, силлиэтэ-буурҕата, чахчыта да, сатабыллаах, өркөн өйдөөх тулуйар киһи тулуйара, таптыыр киһи таптыыра биллэр суол. Ол оннугар Сахабыт сирэ умсугутуулаах уран уйан туругун сүрэххэ-дууһаҕа ылыммыт хаһан даҕаны умнубат, дэлэҕэ даҕаны «Север не отпускает» диэн уос номоҕор киириэ дуо?
Бэрт соторутааҕыта Дьокуускай куорат дьогдьойор киинигэр Аржаков уулуссатын 6-с нүөмэрдээх дьиэтигэр дьиҥ чахчы дойдумсах, төрөөбүт төрүт дойдуга бэриниилээх, көлүөнэ ситимин салҕааччы, талаан тарбах, сатабыллаах, дириҥ философиялаах ийэ, эбээ, хотун, дьүөгэ, үөлээннээх, Хатас олохтооҕо, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, үрдүкү категориялаах уһуйааччы, Хатас нэһилиэгин норуотун маастара Анастасия Ивановна Алексеева "Дьөһөгөй дьикти эйгэтэ" диэн ааттаах тус быыстапката буолла.
Манна кини төрүт иис эйгэтигэр киириэҕиттэн күн бүгүҥҥүгэ диэри мунньуммут үлэтэ турда. Саныырга да астык, көрүөхтэн кэрэ гына кылтан, сиэлтэн оҥоһуктар, кыбытык тигии – паннолар, суумкалар, үтүлүктэр, оҕуруонан, тимиринэн оһуор-мандар, тириинэн оҥоһуктар, оҕолору кытта үлэтэ, ат симэҕин араас көрүҥэ уо.д.а. Бачча үчүгэй тэрээһини мүччү туппакка, Анастасия Ивановналыын көрсөн кэпсэтиибит маннык буолла.
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истэҕэ
– Кэлиҥҥи сылларга төрүт иис-күүс эйгэтигэр киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин араас муннуктарыгар бииртэн биир чаҕылхай талааннар, сатабыллаах далбар хотуттар, өркөн өйдөөх маастардар тахсаллар, дьон-сэргэ кэрэхсэбилин, сэҥээриитин ылыахтарын ылаллар. Үгүс элбэх быыстапкалары, тэрээһиннэри тэрийсэн кэлбит киһи быһыытынан анааран көрдөхпүнэ, бу хас биирдии талыы-талба талааннаах дьоммут сатабылларын төрдө төрүт дьоммутугар сытар. Эн манна тугу этиэҥ этэй?
– Оннук ээ. Ийэм барахсан СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Герой ийэ Клавдия Егоровна Пермякова кып-кыра кырадаһын да саҕа таҥаһы сиргэ-буорга бырахпакка, барытын туһаҕа таһааран, таҥас-сап, киэргэл, туттар тэрил тигэн, уон оҕотун кимтэн да итэҕэһэ суох ичигэс, тупсаҕай таҥастаан-саптаан, киэргэтэн улаатыннартаабыта. Ийэм эмиэ ийэтиттэн үөрэннэҕэ дии, ити курдук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истэҕэ буолуо дии саныыбын. Оччолорго төрүт ииһи-күүһү үйэтитии, сайыннарыы туһугар субу билиҥҥи курдук киэҥ хабааннаах буолбатах этэ. Ол-бу быыстапкалар, бэстибээллэр, күрэхтэр диэн тэриллибэттэрэ. Онон дьиэ иһинэн, аймах-билэ дьонунан хаалбыт далбар хотуттар элбэхтэр.
Ийэм барахсан сахалыы сайбаччы таҥнарын олус сөбүлүүрэ. Кэлин сааһыран, кыайбат-хоппот буоларын саҕана биирдэ миигин анаан ыҥыран ылан, кэпсэтэн-сэһэргэһэн баран, өр илдьэ сылдьыбыт санаатын этэн туран, анаан уурбут сириттэн булларан хас эмит хос сууланан, кичэллэн уурулла сыппыт илиинэн иистэнэргэ аналлаах, бөҕө-таҕа тимирдээх, түөрт кырыылаах иннэлэри бэлэхтээбитэ. Хайдах эрэ ис сүрэхпиттэн наһаа долгуйбутум уонна испэр олох иистэниэм диэн санаа киирбитэ. Онон иис-күүс эйгэтигэр киириим ол кичэллэн ууруллубут иннэлэртэн саҕаламмыта диэхпин сөп. Оччолорго үлэ үөһүгэр сылдьар, саҥа дьиэ-уот туттан олоҕун оҥосто сылдьар кэмим этэ. Ол да буоллар түбүктээх үлэттэн быыс-арыт булан иистэнэн ийэбин үөрдүбүт түгэннэрдээхпин санаан син уоскуйабын.
Биирдэ ийэм наһаа күүскэ баҕарарын көрөн, олох аҕыйах хонук иһигэр күннэри-түүннэри олорон, ыһыахха барарыгар сахалыы сон тигэн, түүлээҕинэн, тимир киэргэллэринэн ситэрэн, күндү киһим үөрбүт хараҕын күн бүгүҥҥэ диэри күндүтүк саныыбын. Ол саҕана саха таҥаһын маассабай кэтии суоҕа.
Тыа хаһаайыстыбатыттан – иис эйгэтигэр
– Иис-күүс дьиэ кэргэнин эйгэтиттэн саҕаламмыт эбит буоллаҕына, салгыы хайдах сайынныҥ-үүннүҥ? Тыа хаһаайыстыбатыгар хас эмит уонунан сыл ситиһиилээхтик, кыайыылаахтык-хотуулаахтык, кимиилээхтик үлэлээбитиҥ, онтон ким айар эйгэҕэ сирдээн аҕалбытай?
– Дьэ, ити чааһыгар мин дьоллоох киһибин. Иис-күүс эйгэтин ийэбиттэн иҥэриммит эбит буоллахпына, Дьылҕа Хаан бииртэн биир үтүөкэн дьону кытта көрсүһүннэрэн, ситимнээн испит эбит. Ол курдук ис сүрэхпиттэн махтанан туран чахчыта да чаҕылхай, дьоҕурдаах, үлэһит да үлэһит Павлова Саргылана Николаевнаны ааттыам этэ. Хомойуох иһин, Саргылана ыарахан ыарыыттан бу олохтон эрдэ туораабыта. Кини олус дэгиттэр талааннааҕа – күндү түүлээх тириитин таҥас буолан тахсыар диэри бары түһүмэҕин барытын бэйэтэ илиитинэн оҥорон – сууйан-тараан, имитэн-хомутан, быһыылаан-таһаалаан, аны таҥас-сап бары көрүҥүн солкоттон саҕалаан түүлээх саҕынньахха тиийэ олус да тупсаҕайдык, кэрэ көстүүлээхтик, түргэнник-тарҕаннык оҥороро. Дьэ, кини долгунугар олорсон элбэххэ үөрэммитим, оҥорбутум, иистэммитим.
Тыа хаһаайыстыбатыгар бэриниилээхтик, таһаарыылаахтык, үрдүк көрдөрүүлээхтик (оҕуруот аһын үүннэриигэ) үлэлээн баран, Раиса Михайловна Аргунова ыҥырыытынан Хатастааҕы «Ситим» айымньы дьиэтигэр үлэлии кэлбитим, манна бастаан агроном быһыытынан билиибин-көрүүбүн, сатабылбын тиэрдэн бу хайысхаҕа күүскэ ылсыбыппыт. Оҕуруот аһын үүннэриигэ кэккэ ситиһиилэр кэлитэлээбиттэрэ. Ол сылдьан «Ситимнэр» сүрүн дьарыктарыгар – илиинэн оҥорон таһаарыы араас хайысхатыгар үлэлиир кэллиэгэлэрбэр ымсыыран, кинилэри кытта бу хайысхаҕа киирсиэхпин баҕарар буолбутум. Ону салайааччым Саргылана Тарасовна Стручкова таба көрөн, өйдөөн, өйөөн анал чаас биэрэн, төрүт иискэ үлэлэһэн барбытым.
Салайааччыбар махталым улахан. Үөрэнэр-сайдар туһугар эбии үөрэхтэргэ ыытан, билиим да дириҥээтэ, сатабылым да эбилиннэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу тэрилтэ хас биирдии үлэһитэ тус-туһунан киһини кэрэхсэтэр дьикти, кэрэ эйгэлээх. Этэргэ дылы, муоста да сууйа киирэн баран умсугуйан, уйуһуйан, сайдан, уһуйааччы буолбуттар бааллар. Бу көстүү кэлэктиип ис туруга, ис эйгэтэ ил-эйэ, айыы-дьайыы, оҥоруу-тутуу туһугар аһаҕастарын көрдөрөр.
«Өбүгэ үгэһин утума» диэн бырагырааманан үлэлиибин. Бырагыраама аата да этэринии, төрүт үгэһи тутуһан, сайыннаран, олоххо киллэрэн, оҕо аймах имигэс илиитигэр иилэн, талааннаах тарбаҕынан таарыйан, ылбаҕай өйүнэн ылынан, төрүт иис кистэлэҥнэрин арыйар. Өбүгэлэрбит ииһи мээнэҕэ иис-күүс диэбэттэр этэ. Иистэнэр киһи өйдүүн-санаалыын, эттиин-хаанныын күүстээх буоллаҕына эрэ дьиҥ чахчы мындырдаан, куурдан-хатаран, имитэн-хомутан уу да курдаттаабат, тыал да үрбэт, хаарга да сытыйбат таҥас-сап, иһит-хомуос тигиллэрэ. Манна кыбытык да тигии, тимиринэн, оҕуруонан киэргэтии, кылынан өрөн да оҥоруу, аппликация даҕаны бааллар. Оҕолор бу эйгэни сөбүлээн, умсугуйан туран дьарыктаналлара киһини үөрдэр. Уһуйуллааччы уһуйааччыттан, уһуйааччы уһуйуллааччытыттан билии, сатабыл бэрсэммит, бэйэ-бэйэбитин ситэрсэр, эпсэр, байытар түгэннэрбит аҕыйаҕа суохтар.
Иистэнньэҥ түбүктээх, хараҥаттан хараҥаны силбэһиннэрэр унньуктаах үлэтин дьиэ кэргэним өйүүр-өйдүүр. Кинилэргэ махталым муҥура суох – оҕолорбор, оҕолорум дьиэ кэргэттэригэр, сиэннэрбэр. Өссө биир махталым дьарыктыыр оҕолорбор, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр.
Ийэ тыл илгэтин иҥэринэн
– Эйигин дьиҥ сахалыы өйү-санааны, сатабылы, ииһи-күүһү, үгэстэри таһынан төрөөбүт тылбыт сүөгэйин, сүмэтин иҥэриммит буолан тылбыт кэрэтин, үтүөтүн, суолтатын олус бэркэ билэр уонна ону сүрдээх үчүгэйдик туттар диэн бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Тылга сыһыаныҥ, билииҥ-көрүүҥ төрдө туохханый?
– Ол дьиэ кэргэммиттэн, ордук чуолаан аҕабыттан бэриллибитэ дии саныыбын. Биһиги, кини оҕолоро, Дьулуруйар Ньургун Боотур олоҥхо пластинкатынан улааппыппыт (мичээрдиир). Оччолорго оҕо сылдьан ону наһаа наадалааҕы истэр курдук санаабаппыт этэ буоллаҕа, ол эрээри киирэ-тахса да сылдьан куруутун истэр киһиэхэ син биир иҥэр эбит. Аны онно эбии аҕабар «Хотугу сулус» сурунаалы, классик суруйааччыларбыт кинигэлэрин доргуччу аахпыт эмиэ мин. Утуйда быһыылаах диэн аралдьыйаары гыннахпына «ноо» диэн сэргиирин биллэрэн салгыы ааҕар буоларым. Дьэ, ол иҥэр эбит.
Анастасия Ивановна түбүктээх үлэтин быыһыгар күнүн-дьылын олус диэн бэркэ аттаран, санаатын сааһылаан, кинигэ таһаарыытыгар үлэлэһэн, агрономнар, оҕуруот үлэһиттэрин, ийэлээх аҕатынан сибээстээн улахан дьиэ кэргэнин үйэтитиигэ дьоһун үлэлэрдээх.
Онон хайдах эрэ барыта биирдэ омос санаатахха улахан сибээһэ суох эйгэлэри алтыһыннаран тыа хаһаайыстыбатын кытта иис-күүс, тыл-өс эйгэтин бииргэ түмэр Анастасия Ивановна, дьэ, этэргэ дылы, мааһа табыллар, талаанын аҕыс кырыыта арыллар.
Ис уонна тас турук дьүөрэлэстэҕинэ...
Иис-күүс өттүгэр бу курдук бэлиэтээн этиэҕи баҕарыллар. Анастасия Ивановна айан-тутан таһаарбыт үлэлэрэ көрбүтү эрэ барытын угуйар, сөхтөрөр дьикти эйгэлээхтэр. Ол курдук хатастар «Симэх» галерея ыҥырыытынан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр улахан быыстапкаҕа кыттыбыт үлэлэрин ытыктыыр, убаастыыр киһибит Яна Викторовна Игнатьева бэрт элбэх үлэттэн ала-чуо хааман кэлэн: «Бу уонна бу үлэлэр Москва куоракка бараллар», – диэн талбыт 4-5 үлэттэн иккитэ кини үлэтэ этэ. Оннук курдук түгэннэр хас быыстапка аайы буолаллар. Бука, кэрэни кэрэхсиир үтүө-мааны дьоммут Анастасия өҥү-дьүһүнү табан алтыһыннарыытын, үлэтэ олус ыраас буочардааҕын уонна сахалыы тыыннааҕын чорботон эрдэхтэрэ.
Быыстапкаҕа кэлбит дьону кытта сэһэргэһиигэ Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, сүдү талааннаах, мындыр киһи Герасим Семенович Васильев этиитэ маннык буолла:
– Анастасия Ивановна тас көрүҥүттэн көрдөххө, куруутун оргууй- наллаан, элбэх араллаана, киириитэ-тахсыыта суох чуумпу киһи. Ол гынан баран киниэнэ барыта сааһыламмыт-наардаммыт санааттан буолан, тугу да гыммыта, оҥорбута кимиилээх, таһаарыылаах. Манна кини тылы-өһү билиитэ, сахалыы өйү-санааны иҥэриммитэ төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Кини холобуругар киһи ис туруга тас туругунуун олус бэркэ дьүөрэлиһиитин көрүөххэ сөп. Тугу да оҥорор буоллахха бастаан өйгөр-санааҕар иҥэриммит, ылыммыт буоллаххына дьэ ол кэннэ сатабыл, дьоҕур-талаан эбиллэн бу курдук хоһоон курдук хоһуллубут үлэлэр тахсаллар. Өссө биири тоһоҕолоон бэлиэтээн этиэм этэ – сахаларга оргууй-наллаан диэн өйдөбүл баара мээнэҕэ буолбатах, ол аата ыксаабакка, тиэтэйбэккэ дьиҥ чахчы ылынан, ырытан баран оҥорор, айар-тутар таһаарыылаах, үтүө түмүктэрдээх буолар. Ол Анастасия Ивановнаҕа эмиэ баар. Инники өттүгэр ситиһиилэр кэлэ туруохтара диэн эрэлим улахан.
ССРС култууратын туйгуна, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэл, «Симэх» арт-галерея салайааччыта Яна Викторовна Игнатьева Анастасия Ивановна үлэлэрэ ураты туспа, уйан-уйаҕас тыыннаахтарын, олус ыраас буочардааҕын бэлиэтээбитин бары да киэн тутта, сүргэ көтөҕүллэ иһиттибит уонна ылынныбыт. Яна Викторовна этиитин түмүгэр Анастасия Ивановна уонунан сылларга түбүктээх үлэтин сыаналаан туран, киниэхэ «СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара» ааты иҥэрбиттэрин туһунан үөрүүлээх-көтүүлээх быһыыга-майгыга биллэрдэ.
Дьэ, онон Анастасия Ивановна Алексеева ийэтин алгыһыттан саҕаламмыт түбүктээх, сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналаммытыттан бары сүргэбит көтөҕүлүннэ. Хатаска иис-күүс эйгэтигэр өссө биир сулус чаҕылыйа умайда. Бу түгэн баар буоларын туһугар сыаллаах-соруктаах үлэлээбит «Симэх» арт-галерея (дириэктэр Игнатьева Я.В.) өйөбүлүнэн арыллыбыт «Тускул» култуура киинин (дириэктэр Чепалов В.А.) иһинэн үлэлиир «Дом ремесел» (салайааччы Жиркова Т.Г.) эмиэ тэҥҥэ үөрэр-көтөр, киэн туттар, талба талааннаах, үлэһит үтүөтэ Анастасия Ивановна Алексееваҕа махтанар, өссө үрдүк чыпчааллары дабайарыгар баҕарар.