Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар саҥа дьыллааҕы харыйаны тэрийдилэр
«Арассыыйа — мин историям» мультимедийнай пааркаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы утреннигы бэлэхтээтилэр.
«Харыйаҕа барыта 120-тэн тахса оҕо сырытта. Хас биирдии оҕо Тымныы Оҕоннор уонна Хаарчаана илиилэриттэн саҥа дьыллааҕы бэлэх тутан, бэртээхэй бырааһынньыкка сылдьан, дуоһуйууну ылла. Ол курдук, оҕолору Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан судаарыстыбаннай циирка артыыстара фокусник, гимнастар, клоуннар о.д.а. эҕэрдэлээтиэр. Итини сэргэ оҕолор маастар-кылаастарга сырыттылар, квест, экскурсия кыттыылаахтара буоллулар», – диэн иһитиннэрэллэр бырааһынньыгы тэрийээччилэр.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйөөһүҥҥэ сүҥкэн болҕомтону уурар. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2023 сыл сэтинньи 1 күнүттн Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан өйөбүл саҥа миэрэлэрэ оҥоһуллаллар, ол иһигэр олорор сирдэринэн чугастааҕы оскуолаҕа киириигэ уонна көһүүгэ быраап, хос үөрэххэ, эбии дьарыкка босхо сылдьыы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар 6,6 саастарыттан 18-гар диэри санаторнай-курортнай эмтэнии о.д.а. миэрэлэрэ бааллар, диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Хаартыска: «Арассыыйа — мин историям» мультимедийнай паарка.