04.07.2022 | 12:51

Анабыл уонна Дохсун — бастыҥнар!

Анабыл уонна Дохсун — бастыҥнар!
Ааптар: Иннокентий АММОСОВ, Екатерина ДМИТРИЕВА хаартыскаҕа устуулара
Бөлөххө киир

Ааспыт быыһык күн Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическэй университет ипподромугар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бирииһигэр 10 км, Нөмүгүтээҕи килиэп собуотун бирииһигэр 1600 м, «ДЕРБИ»  – 2400 м,  уонна СӨ Бырабыыталастыбатын бирииһигэр 3200 м сүүрдүүлэр ыытылыннылар. Бириис уопсай суумата 3,5 мөлүйүөн солкуобай. Дистанцияларынан «ВИК АРТ», «Саханефтегазсбыт» хампаанньалар уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ успуонсардаатылар.

Аан дойдуга аатырбыт, бары судаарыстыбаларга олус ытыктанар «ДЕРБИ» бириис сүүрүк сылгы үөскэтиллэн тэнитиллибит дойдутугар Англияҕа 1780 сыллаахха аан маҥнай оонньоммута. Ол сүүрдүүгэ Англия Банберри уонна Дерби диэн албан ааттаах, суон сурахтаах лордара Эпсом кытыытыгар тиҥэһэлэрин, ботуччу уксан баран, 2414 м сүүрдүбүттэр. Тэрийээччилэр бириис аатыгар мөккүөрдэрин сэрэбиэй быһыытынан быһаарбыттар. Дерби лорд баата тосхойон, тиҥэһэлэр бириистэрэ «ДЕРБИ» диэн сүрэхтэнэн, аатын үйэлэргэ суураллыбат гына ааттанан, күн бүгүнүгэр диэри бу орто дойдуга Дерби–тиҥэһэлэргэ улахан суолталаах бирииһинэн биллэр. Ол эрээри бастакы Дерби кыайыылааҕынан Лорд Банберри  тиҥэһэтэ Дайомед буолар.

Онтон киэҥ киэлилээх Арассыыйа Эбэ Хотуҥҥа «ДЕРБИ» бириис «Императорское Скаковое общество» көмөтүнэн 1886 сыллаахха олохтоммут. Бастакы Арассыыйа «ДЕРБИ»‒тин бирииһэ оччотооҕу кэмҥэ ботуччу эбит – 17 910 солк. Уопсай сууматтан бастаабыкка 14 674 солк. 50 харчы бэриллибит. Ол кэмнээҕи Эмиэрикэ дуолларын кууруһугар таһаардахха, 7 337 $.

Дойдубут бастакы «ДЕРБИ»‒гэр 48 сылгы суруттарбыт да, стартка 13 тиҥэһэ тахсыбыт. Арассыыйаҕа ат сүүрдүүтүн устуоруйатын кэрэһитигэр, көмүс буукубанан суруллар маҥнайгы «ДЕРБИ» бириискэ Польша магната Л.А. Красинскай сылгытын собуотугар төрөөбүт Гуд Бой уонна Баронет 2 м. 51 сөк. тэҥҥэ кэлбиттэр. Онтон ыла Арассыыйаҕа ат сүүрдүүтэ түргэн тэтиминэн сайдыбыт. Норуот араас араҥата үксэ ипподромҥа сылдьар буолан, сүүрдүү ураты бырааһынньыкка кубулуйбут. Бэл, тапталларын ыраахтан көрөн дьоллонор баҕаттан, Лев Толстой арамаанын дьоруойа Анна Каренина эҥин курдуктар…

1915-16 сс. бириис пуондата 50 000 солк. тиийбит. Эһиилигэр өссө да улаатыахтааҕын, Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт «нууччалар» Өктөөптөөҕү өрөбөлүүссүйэлэрэ атахтаабыт. Бэйэ‒бэйэни кытары сэймэктэһэ сылдьан ат сүүрдүүтүн тэрийиэх дьон буолуохтара дуо… суох буоллаҕа эбээт. Ол да буоллар, дьолго диирбитигэр тиийэбит, Сэмэн Буденнай, Килимиэн Ворошилов курдук сылгы куттаах салайааччылар туруорсууларынан 1922 с. «ДЕРБИ» аата «Большой Всесоюзный приз» диэҥҥэ кубулуйбут. ССРС үрэллэ илигинэ, Москваҕа сыллата тэриллэрэ.

Саха АССР бастакы  «ДЕРБИ» бирииһэ 1989 с. бэс ыйын 11 күнүгэр оонньоммута. Аан дойдуга аатырар сүдү бириис Саха сиригэр тэриллэригэр өй-санаа өттүнэн сүбэ-ама биэрбит дьонунан энтузиастар Егор Андросов, Михаил Федоров, баайааччылар Петр Васильев, Степан Егоров, Андрей Константинов, Сергей Ядреев, Дьокуускайдааҕы Киин ипподром салайааччыта С.А. Скрябин буолаллар. 

 

СӨ «ДЕРБИ» бирииһин 15 төгүл кыайбыт мэҥэ хаҥаластар

 

«ДЕРБИ»‒2022

Тиҥэһэлэргэ СӨ сүрүн бирииһигэр быйыл 9 сүүрүк суруйтаран стартаата. Мэҥэ Хаҥаластан үһүөлэр: Динамика. Анабыл уонна Талбан. Старт. Динамика сүүрүүнү баһылаан иннин хоту олус тэтимнээхтик куйаара турар. Эргииргэ киириигэ Анабыл иккискэ тахсар, үһүс – Арылык (Чурапчы), Тойон (Хаҥалас). Соҕуруу эргиири Динамика сүүрэр суол тас өртүн тутуһан ааһар. Ис өртүнэн сүүрэн иһэр Анабыл уҥуоргу көнөҕө тахсыыга инники чорбойор. Уһун көнөҕө Динамика Анабылы ааһар. Анабыл ыыппат. Кутурук уопса сылдьан, ойоҕоһугар сыстар. Түмүктүүр эргииргэ киириэхтэрин иннинэ бастыыр, ойдоҕун ахсын сырдыгын улаатыннаран, биэтэккэ 2 м. 48 с. 8 бириэмэни көрдөрөн, бастаан киирэр! Баайааччыта Станислав Тимофеев, сүүрдээччитэ Семен Гаврильев. II миэстэ – Арылык (Чурапчы), 2 м. 53 с. 8;  III миэстэ – Тойон (Хаҥалас), 2 м. 55 с. 2; IV миэстэ – Галилей  (Амма), 2 м. 56 с. 2.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун тиҥэһэлэрэ СӨ «ДЕРБИ» бирииһин Анабылынан ‒ 15 төгүл (!) кыайбыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох.

 

1600 м. «ВИК АРТ» ХЭТ бирииһэ

Бу уһуҥҥа эмиэ Мэҥэ Хаҥалас сүүрүгэ Магриб тыҥааһыннаах сүүрдүүгэ 1 м. 44 с. 1 көрдөрөн бастаата. Тириэньэрэ уонна жокейа Егор Оконешников. Свидетель Барс (Амма) ‒ 1 м. 44. 7., Байсар Барс (Сунтар) ‒  1. 46.

Киин трибуна иннинэн Анабыл

СӨ Бырабыыталыстыбатын бирииһэ. 3 200 м.

Сэттэ сылгы сүүрбүтүттэн Үөһээ Бүлүү сүүрүктэрэ Нумизматик уонна Голден Асс инники кэллилэр. Кыайыылаах Нумизматигы Иннокентий Иванов сүүртэ. Көрдөрүүлэрэ: Нумизматик – 3 м. 50 с. 5., Голден Асс ‒ 3 м. 51 с. 1., Төлөн (Чурапчы) ‒ 3 м. 55 с. 8.

 

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бирииһэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бирииһигэр ат сүүрдүүтэ 2008 сылтан ыытыллар. Быйылгы сүүрдүүгэ сэттэ ат күөн көрүстэ.

I  миэстэ – Дохсун (Чурапчы). Моисей Мордовской кэтэх ата. Баайааччыта Николай Пермяков, сүүрдээччитэ Егор Оконешников; II миэстэ – Эрэл (Таатта); III миэстэ – Кылбар, IV миэстэ – Уолчаан (иккиэн Мэҥэ Хаҥалас сылгылара).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...