10.01.2022 | 16:00

Анаалыс ылбатахтарына Министиэристибэҕэ биллэрэбит

Анаалыс ылбатахтарына Министиэристибэҕэ биллэрэбит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Регионнааҕы Суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина, медиктэр коронавирус дьаҥын көрдөрөр анаалыһы ылбатахтарына, доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтигэр «итии линия» нүөмэригэр собуоннаан биллэрэргэ ыҥырда. Бу туһунан кини  тохсунньу 10 күнүнээҕи өрөспүүбүлүкэҕэ баар эпидемиологическай быһыыны-майгыны сырдатар брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. 
«ОРВИ-нан ыалдьыбыт сибики баар түбэлтэтигэр поликлиникаттан быраастары ыҥырыллыахтаах, кинилэр булгуччу коронавируһу бэрэбиэркэлиир анаалыһы ылыахтаахтар. Аккаастанар түбэлтэлэригэр суһаллык «итии линия» нүөмэригэр собуоннаан доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтигэр биллэрэр наада», — диэтэ Ольга Балабкина.
Министиэристибэ пресс-сулууспата чуолкайдаабытынан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо 122 нүөмэргэ собуоннаан баран тоновай эрэсиимҥэ «4» сыыппараны баттыыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....