Амма бөҕөһө Леонид Филиппов
Кэнники кэмҥэ Туймаада туонатыгар ыытыллар ыһыахтартан биир саамай күүрээннээх, өрө көтөҕүллүүлээх, хас биирдии өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо сыллата кэтэһэр күрэҕинэн Дыгын оонньуулара буолар.
Бүгүн кэпсиир эр бэрдим многоборьеҕа биир бастыҥ көрдөрүүлээх, кыайыыга дьулуурун көрдөрбүт спорт маастара Леонид ФИЛИППОВ буолар.
Кини көрдөһүүбүн алы гыммакка, тутатына “ээх” диэн сөбүлэспитэ спортсмен биир үтүө хаачыстыбатын дакаастаата.
- Леонид, дорообо! Дьэ, кэпсэтиибитин саҕалыахха...
- Дорообо! Мин Амма улууһун Болугур нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Бэйэм учуутал-тренер үөрэхтээхпин, билигин Росгвардия территориальнай салаатыгар үлэлиибин. Дьиэ кэргэним туһунан кэпсээтэххэ, бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Кэргэннээхпин, истиҥ тапталбытын туоһулуур икки уол оҕолоохпут. Хас сайын ахсын дойдубар тахсабын, сэниэ, күүс, алгыс иҥэринэн, самаан сайыммын дуоһуйа атаарар бэлиэ үгэстээхпин. Түгэнинэн туһанан, Сахам сирин бары олохтоохторун күөххэ үктэммиппитинэн, быйаҥнаах сайын кэлбитинэн эҕэрдэлиибин!
- Эн Дыгын оонньууларын биир тарбахха баттанар, ааккын-суолгун оҥостубут кыттааччытаҕын. Эн тускар сүрдээх элбэх киһи ыалдьар. Быйыл бэлэмнэнии хайдаҕый? Кыттаҕын дуо?
- Былырыын үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тахсаммын, быйыл бастыыр иһин күүскэ дьарыктана сылдьыбытым. Быйыл күрэхпит хаһан буолара, хайдах буолара чопчу быһаарылла илик буолан, дьарыкпын арыый аччаттым. Аан дойдуну аймаабыт коронавирус барыбыт да былааммытын ыста, олохпут тутулун сүрдээҕин уларытта. Онон сайын биир сүүмэрдээһин буолара күүтүллэр уонна күһүн Дыгын ыытыллар ини диэн эрэнэбит.
Бачча улахан тэрээһин хайдах даҕаны көрөөччүтэ-истээччитэ суох табыллыбат буоллаҕа.
-Эйигин ким дьарыктыыр?
-Билиҥҥи туругунан тренерим суох. Дьарыкпын былааннаан туруоруна сатыыбын. Бииргэ үлэлиир уолаттарбын кытта эрчиллэбин. Табыллыбат буоллаҕына, үлэ кэнниттэн дьарыктанабын. Иккиэннэрин дьүөрэлии, тэҥҥэ тута сатыыбын. Биллэн турар, бириэмэ кырыымчык буолар.
Бииргэ үлэлиир уолаттарым ортолоругар спортсмен элбэх. Онон спорт бары көрүҥүн эрчийэбит, уопут атастаһабыт, санаа үллэстэбит. Түгэнинэн туһанан, уолаттарбар махталбын тиэрдэбин.
- Спорт эн олоххор суолтата тугуй?
- Мин дьонум бары спорду кытта ыкса ситимнээхтэр. Ол курдук төрөппүттэрим, аймахтарым спорду, чөл олоҕу өрө туппут дьон. Бу диэн эттэххэ, спорда суох инники олохпун тымтыктанан да көрбөппүн. Аҕам эдэригэр сүүрэр, атах оонньуур, волейболлуур, баскетболлуур, ыһыахтарга мас тардыһар этэ. Ийэм эмиэ сүүрэрэ, волейболлуура. Бэйэлэрин кэмнэригэр спортка кэккэ ситиһиилээхтэрэ. Хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар.
- Спорт эйиэхэ ханнык хаачыстыбалары иҥэрэрий?
- Тус олохпор сүрдээх элбэҕи биэрэр, үөрэтэр. Холобура, тулуурдаах, күүстээх, олоххо бэлэмнээх уонна чөл туруктаах буоларга, дьиссипилиинэҕэ үөрэтэр. Туруоруммут сыалы-соругу ситиһии, толоруу диэн баар. Хас биирдии спортсмен инники, бастыҥ буоларга тардыһар. Уопсайынан, ханнык баҕарар киһи бу хаачыстыбалары, спортан эрэ буолбакка, олох хайа баҕарар салаатыттан ылыныан сөп.
- Оҕо эрдэххиттэн спорт ханнык көрүҥнэринэн дьарыктаммыккыный?
- Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан чэпчэки атлетиканан, хайыһарынан, волейболунан, баскетболунан, тустуунан дьарыктаммытым. Устудьуоннуу кэлэн бараммын, И.Ю. Григорьевка киирбитим. Баччааҥҥа диэри дьарыкпын бырахпакка, тохтоппокко сылдьабын.
- Бэйэҥ кэккэҕэр холобур оҥостор дьоннооххун дуо?
- Биллэн турар, төрөппүттэрбин холобур оҥостобун уонна бииргэ төрөөбүт убайым Илья ФИЛИППОВЫ. Кини бэйэтин кэмигэр күүстээх волейболист, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, хаста даҕаны “Лучший игрок”, “Лучший нападающий” ааттары ылары ситиспитэ.
- Бастакы күрэхтэһиигин өйдүүгүн дуо?
- 2007 с. улуустааҕы көҥүл тустуу күрэҕэр үһүс миэстэ буолбутум, ол бастакы мэтээлим этэ. Билигин дьиэбэр бүтүн кэллиэксийэ буолан турар, өйдүү-саныы сылдьарга уонна кыайыыга кынаттыыр аналлаахтар.
- Тэҥнээхтэргин кытта илин-кэлин түсүһэр буоллаҕыҥ дии. Спортсменнар бэйэ икки ардыгытыгар сыһыаҥҥыт хайдаҕый?
- Күрэхтэһэр уолаттарым сорохторо бииргэ үөрэммит, бииргэ сулууспалаабыт, эрчиллибит, алтыспыт доҕотторум буолаллар. Ол иһин кинилэргэ сыһыаным үчүгэй, этэргэ дылы, «на ковре соперники, за ковром – друзья». Биллэн турар, күрэхтэһиигэ утарылаһааччы буолабыт, көрөөччүгэ чиэһинэй киирсиини көрдөрүөхтээхпитин билэбит.
- Дыгын оонньууларыгар, дьэ, дьиҥнээхтии сахалыы таҥаскын, кургун кэппиккин, быһаххын иилиммиккин көрөөччү сүрдээҕин сэҥээрбитэ.
- Мин сахалыы традиционнай оҕунан ытабын. Дыгыҥҥа онтукабын уларытар санаам суох. Саха омук бэйэтин уратыта төрүт үгэһигэр, тылыгар-өһүгэр, сиэригэр-туомугар сыттаҕа дии. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ саха буоларбынан киэн туттабын. Сахалыы иитиилээх, майгылаах киһибин.
- Спортан тэйэн, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсэтиэх эрэ.
- Кэргэним быраас идэлээх. «СПИД центр» балыыһатыгар үлэлиир. Икки уол оҕолоохпут, улаханым 4-тээх, кырам 2-лээх. Оҕолорбун кытта доҕордуу сыһыаннаахпыт. Олох бары күчүмэҕэйдэригэр үөрэтэ- такайа сатыыбын, үтүө киһи буолалларыгар кыһаллабын. Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрүт үгэскэ, чөл турукка үөрэтэ сылдьыахха наада. Олох араас түһүүлээх, тахсыылаах буолар, онно бэлэмнээх дьону иитэн таһаарар улахан соруктаахпыт.
Оҕолорбутун кытта быыс-арыт көһүннэ эрэ, киинэҕэ, тыйаатырга, циркэҕэ, айылҕаҕа бииргэ сылдьабыт. Ким туох интэриэстээҕин, тугу гыныан баҕарарын барытын биир санаанан, биир өйүнэн салайтара сатыыбыт, бэйэ-бэйэбитин сүрдээҕин өйүүбүт.
- Иитии боппуруоһугар тугу этиэҥ этэй?
- Оҕоҕо оҕолуу сыһыаннаһыахха наада. Кэмигэр таптаан, сөбүгэр буойан, оччоҕуна эрэ үтүө майгылаах, киэҥ көҕүстээх киһини иитэн таһаараҕын. Мин бэйэм холобурбунан оҕолорбун иитэбин. Оҕону куруук мөҕө сылдьар буоллахпытына, хайдах киһи буолан тахсара биллэр. Онон суобастаахтык уонна муударайдык иитиэххэ наада. Мин санаабар, уол оҕону спортка эрэ буолбакка, араас куруһуоктарга биэрэр, бэйэтэ тугу баҕарарынан, дууһата ханна сытарынан талан сылдьара ордук.
- Булка-алка төһө сылдьаҕын? Быйыл төһө кустаатыҥ?
- Улахан булчутум суох эрээри, айылҕаҕа тахсарбын сөбүлүүбүн. Балыкка уонна куска сылдьабын. Быйыл дьиэ кэргэммэр сиирбитигэр эрэ кустаатым. Күһүн, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, дойдубар тахсан бултуур санаалаахпын.
- Олоххо тутуһар санааҥ?
- Сүрүн күүһүм – дьиэ кэргэним. Барыта кинилэр тустарыгар оҥоһуллар – үлэ, олох, тулалыыр эйгэ. Табаарыстарым, чугас дьонум бары миигинэн киэн туттуохтарын баҕарабын. Дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур буоларга дьулуһабын.
- Эдэр дьон, аныгы ыччат туһунан тугу этиэҥ этэй?
- Сахалыы многоборье билиҥҥи кэмҥэ сайынна уонна кыаҕын ылан турар. Ол иһин эдэр ыччат үксэ, атын спорт көрүҥүттэн многоборьеҕа көһөн, күүстээх утарсыылары оҥороллор. Бу хайҕаллаах дьыала. Эдэр дьон күрэхтэһиигэ да, көрөөччүгэ да саҥа тыыны киллэрэр, интэриэһи тардар буоллулар.
Кэнники кэмҥэ чөл олоҕу тутуһар киһи биллэ элбээтэ. Маны таһынан киһи быһыытынан турукпут, санаабыт эмиэ уларыйда. Саха ыччата хаһан баҕарар сырдыкка, кэрэҕэ тардыһарыгар баҕарабын. Биирдэ бэриллэр олоххо чиэһинэйдик, ыраастык уонна киһилии олоруҥ!
- Леонид, кэпсээниҥ иһин махтал! Үтүө-көнө майгыҥ, сахалыы кутуҥ-сүрүҥ быйылгы Дыгын оонньууларыгар арчылаатыннар! Cитиһии уонна дьол эрэ кынаттаах сырыт диэн баҕа санаабын этэбин.