Амбулатория киинин нөҥүө 16 тыһыынчаттан тахса киһи ааста
Үс нэдиэлэ устатыгар «Триумф» спорткомплексыгар арыллан үлэлээбит амбулатория киинигэр 16 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта. Бу туһунан регионнааҕы доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Амбулатория киинэ, коронавирус дьаҥа сытыырхайбытынан сибээстээн, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан тохсунньу 27 күнүгэр арыллыбыта. Кииҥҥэ өрөспүүбүлүкэ медицинскай тэрилтэлэриттэн 175 медик үлэлээтэ.
«Саамай уустук бастакы үлэ күнэ этэ. Барытыгар бэлэм этибит даҕаны бачча элбэх киһи кэлиэ дии санаабатахпыт. Ол эрэн суһаллык дьаһанан, кэнники күннэргэ үлэни штатнай эрэсиимҥэ киллэрбиппит», — диир киин салайааччыта Алена Никитина.
Бастакы уон хонук иһигэр амбулатория киинигэр ортотунан 1200-1500 киһи сылдьыбыт. Хас биирдии быраас үлэлиир күнүгэр 70-тан тахса ыарыһаҕы көрбүт. 16318 киһиттэн 5594-дэ ОРВИ-нан ыалдьыбыт сибикилээх көрдөрүммүт, 5479 – ковидтаах, 4321 – ОРВИ сибикитэ суох дьон. Итинтэн 15 киһитин стационарга ыыппыттар.
«Ыалдьыбыттарга толору медицинскэй көмө оҥоһулунна. Коронавируһунан ыалдьыбыттара бигэргэтиллибит дьоҥҥо тута эмптэрэ бэрилиннэ. Үтүөрүөхтэригэр диэри кэтээн көрүүгэ сырыттылар, эмтэммиттэрэ онус күнүгэр ПЦР туттара ыҥырылыннылар. Туруктара мөлтөөбүт түгэнигэр ыарыһаҕы КТ ыыттылар, сорохтору балыыһаҕа киллэрдилэр», — диэтэ Алена Никитина.
Итини сэргэ кииҥҥэ электроннай больничнайдар арылыннылар. Итилэри олунньу 6 күнүн кэнниттэн дистанционнай көрүҥүнэн саптылар.
Хас биирдии түһүмэххэ администратордар кэлбит дьону сөптөөхтүк салайдылар, электроннай уочарат терминаллара үлэлээтилэр.
Олунньу 19 күнүгэр, ыалдьыбыт дьон аҕыйаабытынан сибээстээн, киин үлэтэ тохтотулунна.
«Киини тэрийии өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев саамай сөптөөх, кэмигэр оҥоһуллубут быһаарыыта буолар. Ити ыарыы эмискэ үрдээбит кэмигэр медицинскай көмөнү оҥоруу саҥа көрүҥэ буолар. Кылгас кэм иһигэр киини арыйыы өрөспүүбүлүкэ медицинскай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин суһаллык хомуйа тутан сатанна, кинилэргэ уонна тэрилтэ кылаабынай быраастарыгар махталбытын тиэрдэбит», — диэн бэлиэтээтэ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.