14.06.2020 | 14:14

Алтынньы ыйга муммуттара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хампах Абаҕан Төллөй сиэнэ, Ньурба улууһа: – 1964 сыл. Алтынньы саҥата. Ол күһүн мин 4-с кылааска үөрэнэрим. Дьөгүөрэп Кирииһэ эбэтин кытта сүппүт борооскуларын көрдүү барбыттара, муммуттара хаһыс да күнэ буолла. Кирииһэ миигиттэн биир сыл аҕа, алтыска үөрэнэр. Кинилиин биһиги бары табаарыстыы этибит. Бииргэ оонньуурбут, моҕотойдуурбут. Сааһыгар сөбө суох оттомноох, өйдөөх-төйдөөх, көрсүө-сэмэй уол этэ. Эбэтиниин иккиэйэҕин олороллоро. Эбэтэ 70 саастаах, сүрдээх эйэҕэс эмээхсин. Кинилэргэ киирдэхпитинэ, оҕом табаарыстара кэллилэр диэн, өрүү чэйдэтэн, кэпсэтэн таһаарара. Аҕалара Сэргиэйэбис холкуоска суотчуттуура. Холкуостар бөдөҥсүйүүлэригэр кэргэниниин, икки кыра уолларыныын Марха дэриэбинэтигэр көспүттэрэ. Кирииһэ эбэтин кытта Чуукаарга хаалбыттара. Муммут күннэрин нөҥүө сарсыардатыгар дэриэбинэ дьоно, оскуола улахан кылаастара учууталларын кытта көрдөөһүҥҥэ туруммуттара. Сүппүт борооскуларын көрдүү, Хаастыыр диэки барбыттар диэн сурах баара. Хаастыырынан, Хомустааҕынан, ол диэки ойуурдарынан элбэх киһи тараахтаан, хас да күн көрдөөбүттэрэ да, ууга тааһы бырахпыт курдук сүппүттэрэ. Хаар түһэн, онон-манан туртайбыта, түүнүн сүрдээх тымныы этэ. Нэдиэлэ курдук көрдөөһүн туох да күттүөннээх түмүгү аҕалбатаҕа. Бу тымныыга, халтаҥ таҥастаах барбыт дьон иэдэйдэхтэрэ диэн киһи бары аймаммыта. Таһаараа ыалбыт эбэлэрэ: “Кирииһэ эбэтэ сүрдээх ыксаллаах эмээхсин. Тоҥон, аччыктаан, маннык эрэйдэниэхпит кэриэтин ууга түспүппүт ордук диэн баран, ууга киирэн тимириэхтэрин сөп. Баччааҥҥа диэри көстүө этилэр, саатар суолларын, сылдьыбыт бэлиэлэрин дьон көрүө этилэр”, – диэн саҥаран салыннартаабыта. Биһиги эмиэ күн аайы үөрэхпит кэнниттэн Хаастыыр эргин баран көрдүүрбүт. Ол сылларга куобах мэнээгэ этэ. Сотору-сотору кылбаа маҥан куобахтар ойуоккалаһаллара. Дьоммут сүппүттэрэ нэдиэлэ курдук буолбута. Дэриэбинэ олохтоохторо бары –  аттаах да, сатыы да сылдьан көрдөөбүттэрэ.

Сүппүттэрэ сэттис күнүгэр, бүтэһик уруокка үөрэнэ олордохпутуна, дириэктэрбит үөрэн бөҕө киирбитэ. “Кирииһэлээҕи булбуттар, дьиэлэригэр аҕалбыттар, этэҥҥэлэр үһү”, – диэн үөрүүлээх сонуну иһитиннэрбитэ. “Баран табаарыскытын көрсүҥ”, – диэбитэ. Биһиги, доҕорбутун көрсөөрү, сүүрэкэлэһэн тиийбиппит. Дьиэлэрин таһыгар киһи бөҕө мустубут. Күүлэҕэ киирбиппит, уонча кылбаа маҥан куобах сытар. Бу көрдөөһүҥҥэ сылдьыбыт дьон бэрсибиттэр. Бары үөрэ-көтө сылдьаллар. Дэриэбинэбит дьоно олус да көхтөөх, үтүө да санаалаах этилэр. Киирбиппит, Кирииһэбит баар, биһигини көрөн мичээрдиир. Кэпсэтээри гыммыппыт, күөмэйэ олох бүтэн хаалбыт, нэһиилэ кыыкыныыр. Ырбыта, дьүдьэйбитэ диэн сүр.

   Эбэтэ эмээхсин дьоҥҥо кэпсиир:

– Быйыл идэһэ гыныахтаах тыһаҕаспыт сүтэн, онтубутун көрдүү биэс биэрэстэлээх сиргэ Хаастыырга барбыппыт. Ол эргин алаастары көрөн баран, халлаан өссө да эрдэ, Хомустааҕы көрөн кэлиэххэ диэн аҕыс биэрэстэлээх сиргэ барбыппыт. Онно чугаһаан иһэн, атын суолу тутуһан, олох да мунан хаалбыппыт. Дэриэбинэ туһаайыыта манан буолуохтаах диэн, сиэмминээн хаамп да хаамп. Хайыахпытый, халлааммыт хараҥаран, охтубут тиит түөрүллүбүт арбаҕын анныгар сыппыппыт. Ол түүн тоҥорон, бабыгыраһа хоммуппут. Иккис, үһүс күммүтүгэр хаамабыт да, суол омоонун да көрбөппүт. Хата, оҕом саатыгар үс иитиилээх ботуруоннаах эбит. Бастакы күн биир бочугураһы өлөрбүтүн үтэн сиэбиппит. Үһүс күммүтүгэр этэ дуу, оҕом барахсан биир хара куртуйаҕы бултуйан, үөлэн сиэн, испит бэттэх кэлбитэ. Дьэ, ол кэнниттэн отонноон эҥин сиэбитэ буолан син тыыннаах сырыттыбыт. Түүнэ тымныыта сүр, хахха сири булан, сиэммин кууһан баран, олорбутунан утуйбута буоларбыт. Саатар, былыттаах күннэр-дьыллар тураннар, илиммин-арҕаабын олох бутуйан кэбиспитим. Хаамарга атахтарым да эстибиттэрэ. Сороҕор сарсыарда ааспыт сирбитигэр төттөрү тиийэн кэлэрбит. Онон-манан хаардаах буолан, атахпыт суола син көстөрө. Дьэ, мин олох ыксаан, ыгылыйан барбытым. Саатар оҕобун илдьэ кэлэммин, бэйэм эрэ эбитим буоллар, улаханнык хараастыа суох этим. Бэринэн да кэбиһиэхпин сөбө.

Төрдүс күммүтүгэр, хаама сатаан баран, оҕобор: – Чэ, тоойуом, аны эн сирдээ, эн ыйааҕыҥ-дьылҕаҥ билиэ, киһи буолуох буоллаххына, дьонноох сиргэ тахсыахпыт, айан суолун булуохпут, – диэтим уонна кинини бастаттым. Барахсаным мин бара сатыыр сирбиттэн олох атын хайысханы тутуста. Онтон ыла кинини эрэ батыстым. Уонна дьэ, сэттис күммүтүгэр айан суолугар таҕыстыбыт. Онно суол кытыытыгар хаамар сэниэ бүтэн, эстэн-быстан тиит төрдүгэр олордохпутуна, бу Уйбаан барахсан, аттаах кэлэн, күн-ый буолла, – диэн баран, Сэллэттэ Уйбаан диэки махтаммыттыы көрдө.  

Уйбаан оччолорго отуччалаах, кыанар киһи этэ. Дэриэбинэттэн үс көстөөх Чахчаҥа диэн күөлгэ үүтээн туттан, от оттоон, бултаан олохсуйан олороро. Ол күөлү, кини тулатынааҕы сирдэри, Чуукаардар билигин Сэллэттэ Сирэ диэн ааттыыллар. Күөлүгэр чугаһаан иһэн булаттаабыт. Өскө ол суолу сыыһа түспүттэрэ буоллар, отой даҕаны үрэх баһын диэки бара туруохтар эбит.

Табаарыспыт Кирииһэ, орто оскуоланы үөрэнэн бүтэрэн, Хабаровскайдааҕы үрдүкү-партийнай оскуолаҕа үөрэммитэ. Бииргэ үөрэммит эдэркээн нуучча кыыһын батыһыннаран кэлэн, ыал буолан, Ньурба Үөдэйигэр биригэдьииринэн ананан үлэлээбитэ. Икки оҕоломмуттара. Аҕыйах саҥалаах, көнө сүрүннээх, салайар үлэҕэ дьоҕурдаах биригэдьиирдэрин олохтоохтор сөбүлээбиттэрэ. Онно хас да сыл үлэлээн баран, Ньурбаҕа көһөн киирэн иһэн, хаарыан доҕорбут массыына саахалыгар түбэһэн, олохтон туораабыта. Кирииһэ бэйэтин лаппа кыанар уол этэ. Оскуола улахан кылаастарыгар үөрэнэ сылдьан көҥүл тустууга хаста да оройуоҥҥа, Бүлүү зонатыгар чемпионнаабыта. Бииргэ үөрэнэр табаарыстара Федоров Алексейы, Илларионов Иваны кытта бардылар да, бириистээх миэстэни ылаллара. Кирииһэ турникка аҥаар илиитинэн уонтан тахсата тардынарын биһиги сөҕө көрөр этибит. Бииргэ оонньоон улааппыт, оҕо сааһым доҕоро Егоров Григорий туһунан ахтан-санаан аастым.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....