28.10.2021 | 14:55

Алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри кимнээх үлэлиэхтэрэй?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа үрдүнэн, ол иһигэр биһиги региоммутугар, коронавирус дьаҥынан сибээстээн уһун өрөбүллэр биллэрилиннилэр. Ол эрэн хамнас толору төлөнүөхтээх. 
Үлэлээбэт күннэр коронавирус инфекциятын тарҕаппат сыаллаах киирдилэр. Ити кэмҥэ хааччахтыыр миэрэлэр күүһүрэллэр, өрөспүүбүлүкэҕэ санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы уустук. Онон уһун өрөбүллэргэ улахан наадата суох онно-манна барбакка, уопсастыбаннай миэстэлэргэ сылдьыбакка дьиэҕэ олорор ордук. 
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев илии баттаабыт уурааҕар этиллибит тэрилтэлэртэн ураты бары сабыллаллар. Атыы-эргиэн кииннэригэр аптекалар, ас-үөл маҕаһыыннара, саамай наадалаах табаары атыылыыр туочукалар, рестораннар уонна кафелар эрэ үлэлиэхтэрэ, кинилэргэ QR-кодунан эрэ киириллэр. Итини сэргэ социальнай дистанцияны тутуһуу баар буолуохтаах, сааланы аҥаарынан эрэ толоруллуохтаах. Итинтэн атын эргиэн кииннэрэ, бородууктаны атыылаабат супермаркеттар уонна да атын маҕаһыыннар сабыллаллар. Табаары тиэрдэр сулууспалар уонна өҥөнү дистанционнайдык оҥорор тэрилтэлэр бу хааччахха киирбэттэр.
Кимнээх үлэлиэхтэрэй?
- олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэр;
- тохтоло суох үлэлиир тэрилтэлэр;
- медицина тэрилтэлэрэ;
- балыыһалары кислородунан хааччыйар тэрилтэлэр;
- аптекалар (ол иһигэр атыы-эргиэн кииннэригэр баар аптекалар);
- ас-үөл маҕаһыыннара;
- саамай наадалаах табаардары атыылыыр маҕаһыыннар (ассортименнарыттан оннук табаар 20% кырата суоҕу ылар буолуохтаах);
- уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ (кафелар, рестораннар, остолобуойдар) сарсыарда 6.00 ч. киэһэ 22.00 ч. диэри QR-кодунан киллэрэллэр, эбэтэр 72 ч. иһигэр ПЦР анаалыһы туттарбыт дьону. Чайнойдар үлэлэригэр хааччах суох;
- фудкортар бэлэм астарын таһыгар таһааран атыылыыллар;
- култуура тэрилтэлэрэ эмиэ QR -кодтаах, ПЦР-даах үлэлииллэр.
- гостиницалар, хостеллар;
- онлайн үлэлиир маҕаһыыннар.
18 саастарыгар диэри оҕолор библиотекалартан ураты үөһэ этиллибит тэрилтэлэргэ улахан дьону эрэ кытта сылдьаллар.
Оскуолалар, уһуйааннар, эбии үөрэхтээһин кииннэрэ, спорт куруһуоктара алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри бары каникулга сабыллаллар. Уһуйааннарга үлэлиир төрөппүттэр оҕолоругар дьуһуурунай бөлөхтөр үлэлииллэр.
Кимнээх үлэлэрэ тохтууруй?
- гостиницалар, саамай наадалаах табаардары атыылыыр уонна бородуукта маҕаһыыннарыттан ураты маҕаһыыннар;
- эргиэн кииннэрэ, эргиэн-саататар кииннэрэ, эргиэн комплекстара;
- рыноктар уонна дьаарбаҥкалар;
- парикмахерскайдар, салоннар, косметическэй, спа-кииннэр, массаж кэбиниэттэрэ;
- турбазалар уонна комплекстар, сынньалаҥ базалара;
- зоопаркалар;
- фитнес-кулууптар уонна тренажернай саалалар, спортивнай саалалар, сабыылаах манежтар, хайыһар базалара, сабыылаах катоктар, спортивнай-сынньалаҥ тэрилтэлэрэ;
- аһаҕас хаҥкылыыр сирдэр, хайыһар прокаттара, муус, хайыһардыыр пааркалар;
- бассейннар;
- баанньыктар, сауналар, солярийдар;
- көмпүүтэр кулууптара, саалалара;
- букмекерскай хонтуоралар уонна тотализатордар, лотереяны, сүүйүүлээх оонньууну тэрийэр тэрилтэлэр. 
- өрөбүл күннэр ыйаахтарыгар киирбэтэх атын тэрилтэлэр.
Итини сэргэ, 60-н үөһээ саастаах быһыыны ылбатах, үлэлээбэт уонна дьарҕа ыарыылаах дьон дьиэҕэ олоруохтаахтар. Үлэлиир уонна быһыыны ылбатах буоллахтарына 4 нэдиэлэҕэ тэйиччиттэн үлэлиир буолаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....