"АЛТАН" IT-оскуола онлайн үөрэххэ ыҥырар
"АЛТАН" IT-оскуола “2D-ХУДОЖНИК. КОНЦЕПТ-АРТ ПЕРСОНАЖА” диэн ыраахтан үөрэтии куурсугар оҕолору ыларын туһунан биллэрэр:
- 5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр;
- Куурус 1 ый устата барар;
- Дьарык нэдиэлэҕэ 2-тэ 60-нуу мүнүүтэ буолар;
- 5 үөрэтэр видеоуруок + түмүктүүр бырайыак.
✔ Куурус сыаната - 3000 солкуобай
Үөрэх ыам ыйын 4 күнүттэн саҕаланар.
Оҕо графическай планшеттаах, персональнай көмпүүтэрдээх, интэриниэккэ тахсар кыахтаах буолуохтаах.
1 ый иһигэр оҕолор графическай планшекка уруһуйдааһыны баһылыахтара. “KRITA” графическай редакторга үлэлиир сүрүн ньымалары, араас формалаах уруһуй албастарын билиэхтэрэ.
Куурус түмүгэр оҕолор персонаж АРТ-КОНЦЕПТын оҥорон таһаараллар!
Суруттарар төлөпүөн: 700-290
WhatsApp https://wa.me/79142700290
Дьулустаан Осипов - "АЛТАН" IT-оскуола (Дьокуускай) салайааччыта:
- Бу саас, орто сүһүөх оҕолоругар, саҥа «2D – художник» диэн цифровой графика куурсун аспыппыт. Саҕалаан иһэммит карантин буолан хаалбыта. Самоизоляция кэмигэр оҕолору цифровой искусствоҕа угуйарга сананныбыт. Ол иһин «2D – художник» кууруспутун онлайн көһөрдүбүт.
Биллэн турар онлайн үөрэтии кылааска уруокка олорон үөрэнииттэн отой ураты ньымалаах буолуохтаах. Элбэх научнай чинчийиини ырытан баран маннык методикаҕа кэллибит:
Холобура, оскуолаҕа оҕолор саҥа тиэмэни кылааска бары бииргэ бараллар, онтон сорудаҕы дьиэҕэ үлэҕэ биэрэллэр. Оттон биһиги дистанционнай кууруспутугар таҥнары. Саҥа тиэмэни үөрэнээччилэрбит хас биирдии бэйэлэрэ дьиэҕэ үлэ курдук барар буолуохтара. Саҥа тиэмэни биһиги методистарбыт оҥорбут бэрт өйдөнүмтүө видеоуроктарынан уонна сайтпытыгар баар интерактивнай матырыйаалларбытынан үөрэтиэхпит.
Ол кэннэ оҕолор анаммыт кэмҥэ уруокка холбонон учууталтан сорудах ылан толорор буолаллар. Үөрэнээччилэр сорудах толорор кэмнэригэр учуутал ыйытыыларга хоруйдуур уонна сирдээн биэрэр. Ити ньыма педагогикаҕа Flipped class (эргиллибит кылаас) дэнэр.
Эргиллибит кылаас ньыматынан ый аҥаара дьарыктаныахтара, ол кэм иһигэр үөрэнээччилэрбит билиилэрэ хаҥаабыт буолуоҕа. Аны ылбыт билиилэрин туһанарга үөрэниэхтээхтэр. Онно проектнай үөрэтии ньыматын туһанабыт.
Проектнай үлэ ньыматыгар оҕо айар-тутар майгыта уонна улахан үлэни наардаан былаанныыр дьоҕура сайдар.
Бүтэһик онлайн уруокка үөрэнээччилэр экспертэр иннилэригэр проектарын көмүскүөхтэрэ.Араас социальнай ситимнэргэ цифровой оҥорууларын таһааран дьоҥҥо билиһиннэриэхтэрин сөп. Ити икки ньыманы аан дойдуга аатырбыт үөрэх кыһалара (MIT, Stanford ) туһаналлар эбит.
Бу кууруспут идеята: оҕолор айар дьоҕурдарын компьютер нөҥүө таһааралларын үөрэтии буолар. Үөрэнээччилэрбитин графическай планшеты, Krita диэн цифровой уруһуйдары оҥорор программаны, цифровой араҥалары (слои) уонна кисточкалары туһанарга угуйабыт.
Холобур, уруһуйдары маннык оҥороллор: бастакы араҥаҕа уруһуй эскиһын, иккис араҥаҕа өҥнөрүн, үһүс араҥаҕа сырдык түһэрин, төрдүс араҥаҕа күлүк түһэрин, бэһис араҥаҕа чопчулуур контурдары тарданнар уруһуйу туталлар. Бүтэһигэр оҕолор оонньуу эбэтэр мультик персонаһын концепт-артын оҥоруохтаахтар. Ол аата биир персонаһы араас эмоциялаах турарын уонна араас хамсаныылары оҥорбутун (сүүрэн иһэрин, ыстанан эбэтэр илиититтэн чаҕылҕан тахсыбытын) уруһуйдуохтаахтар уонна кини туһунан бэрт кылгас айымньы суруйуохтаахтар.