05.07.2019 | 11:04

АЛЛЕРГИЯ ТӨРҮӨТЭ ТУГУЙ?

АЛЛЕРГИЯ ТӨРҮӨТЭ ТУГУЙ?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Розалия ТОМСКАЯ

Аллергия – билиҥҥи үйэ киһитигэр үксүгэр баар буолбут ыарыы. Тоҕо уонна туохтан тарҕанна?

Учуонайдар суруйалларынан, бу суостаах ыарыы төрүөтүнэн химия промышленнаһа оҥорон таһаарар бородууксуйата маассабайдык тарҕаныыта, экология буорту буолуута, икки атахтаах аһара ыраас, тупсаҕай олоххо үөрэнэн хаалан, иммунитета кыайыахтаах эттиктэригэр утарылаһар кыаҕа мөлтөөһүнэ о.д.а. буолаллар.

Дария Васильевна Аммосова – 1 №-дээх поликлиника тыынар уорганы чөлүгэр түһэрэр киинин сэбиэдиссэйэ, Доруобуйа харыстабылын туйгуна, 1-кы категориялаах аллерголог-иммунолог бырааһа:

– Аллергия тоҕо үөскүүрүй?

– Бастатан туран, аллергия көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ыарыы диэххэ наада. Төрөппүттэриттэн биирдэстэрэ туохха эмэ аллергиялаах буоллаҕына, оҕо аллергик буолара 50 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Оттон икки төрөппүтэ иккиэн аллергиялаах буоллахтарына, бу оҕолоругар 100 бырыһыан бэриллэр.

Иккиһинэн, экология сабыдыала. Айылҕабыт туруга мөлтөөн иһэр – аллергиялаах дьон ахсаана сыллата эбиллэр. Күҥҥэ, тымныыга аллергиялыыр дьон элбэх. Араас үүнээйи тыллыытыгар, сытыгар ыалдьар дьон үгүс.

Үсүһүнэн, дьон аһара эмтэнэр буолла. Быраас аныы да илигинэ, күүстээх антибиотиктарынан эмтэнэллэрэ, бэйэлэрэ эмтиэкэ буолаллара элбээтэ. Ийэлэр оҕолоро ыарыйда даҕаны антибиотик иһэрдэн бараллар. Дьиҥэ, ханнык баҕарар вируһу оҕо бэһис күнүгэр аһарынарга барар.

Төрдүһүнэн, олохпут усулуобуйата олус тубуста. Наар сууйуллар-сотуллар дьиэҕэ олоробут, бактериялары барытын анал химиянан сууйан иһэбит. Киһи аймах инфекциялары кытта алтыспат да буолла. Ол иһин иммунитет тугу кытта охсуһуохтааҕын  умна быһыытыйда. Урут тулалыыр эйгэтин билигин туора эйгэ курдук ылынара элбээтэ.

Бэсиһинэн, биһиги нэһилиэнньэбит иммунитеты күүһүрдүүнэн аһара үлүһүйдэ. Туох да төрүөтэ суох иммуномодулирующайы сиэн киирэн барар буоллулар. Арассыыйа фармацевтическай хампаанньалар саамай байар дойдулара. Аптекаларбыт ырысыаба суох эмп атыылыыллар, дьон быраастан ыйытыыта суох бэйэтэ эмтэнэр.

Европаҕа аллергия наһаа элбэх, нэһилиэнньэтин 30-50 бырыһыана эрэйдэнэр. Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ 10-20 бырыһыана аллергиялаах. Европа дойдулара төттөрү тыа сиригэр, айылҕаҕа талаһар эбит буоллахтарына, биһиги дойдубутугар дьон үксэ куоракка, тупсаҕай олоххо талаһар. Онон Арассыыйаҕа аллергик ахсаана өссө да эбиллэ туруоҕа.

Куорат олохтоохторо, тыа сирин олохтоохторугар холоотоххо, аллергияттан ордук эрэйдэнэллэр.

ОҔОНУ ЭМИИЙДЭЭҺИН – АЛЛЕРГИЯНЫ СЭРЭТИИ

– Ол аата аллергия утумунан бэриллэр ыарыы диэтиҥ...

– Оннук. Син биир төрөппүттэн бэриллэн иһэр. Холобур, Кореяҕа быраастар аллергик дьоҥҥо элбэх оҕолонумаҥ диэн сүбэлииллэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр саамай аллергиялаах улуус – Сунтаар. Чааһынай быраактыканан дьарыктанарбар үгүс улууһу кэрийэбин. Ол иһин кэккэ түмүктэри оҥоруохпун сөп. Поллиноз (от-мас тыллыытыгар аллергия) ордук Өлүөхүмэ, Сунтаар диэки үгүс. Оттон сыллата ууга барар улуустарга, холобур, Тааттаҕа эҥин, грибковай аллергия элбэхтик көстөр.

Ийэ буолаары сылдьар дьахтары урут аһын диеталыырга күһэйэллэр этэ. Аллергеннаах астары сиэбэтин, оҕото аллергик буолбатын диэн. Ол ньыма  30-ча сыл туттуллан баран, туһата суоҕун көрдөрдө. Аныгы медицинэ ийэ буолаары сылдьар дьахтарга тугу барытын көҥүллүүр. Биллэн турар, аһара барбакка, нуормалаан. Организмы араас аска үөрэтиэххэ сөп. Саамай сүрүнэ, барыта натуральнай буолуохтаах.

Аллергияны сэрэтии саамай туһалаах ньымата – оҕону эмиийдээһин. Дьахтар айылҕатынан даҕаны оҕотун эмтэриэхтээх. “Үүтүм аҕыйах”, “бүтэн хаалар” диэччилэр. Оннук буолбатах. Ханнык баҕарар ийэ оҕотун эмтэриэн сөп. Баҕарбат, сүрэҕэлдьиир буоллаҕына, кыһаллыбатаҕына, үүтэ кыччыыра биллэр. Учуонайдар да быһаарбыттарынан, саамай улахан биричиинэ ийэ мэйиитигэр олорор. Оҕотун ис дууһатыттан эмтэриэн баҕарбат буоллаҕына, мэйии оннук сигналлары ыытар, үүтэ уоларга барар.

Билиҥҥи ийэ эмиийдээбэт буолан, аллергик оҕо элбээтэ дииллэрин кытта толору сөпсөһөбүн.

– Аллергия диэн киһи тириитигэр тахсар баас эрэ буолбатах.

Бааһырыыттан ураты аллергия тыынар уорганнарынан биллэрэр. Мурун ринита, харах конъюктивита, бронхиальнай астма – барыта аллергия сибикилэрэ. Дьон сороҕор билбэккэ да сылдыахтарын сөп.

– Кыра оҕо аллергията, улааттаҕына, ааһар дииллэрэ төһө оруннааҕый?

Суох, ааспат. Аллергологияҕа “Атеопическай марш”  диэн өйдөбүл баар. Ол аата “диатез – дерматит – аллергическай ринит – бронхиальнай астма” уочаратынан барыан сөп. Бу барыта, биллэн турар, кэмигэр эмтэммэтэҕинэ. Үксүн искусственнай аһылыктаах оҕолор дерматит, диатез буолаллар.

– Сааһырбыт да киһи кэнники алергиялыыр буолан хаалыан сөп дуо?

Урут туохха эрэ аллергиялыырын билбэккэ сылдьыбыт буолуон сөп. Аллергия үксүгэр оҕо сааска биллибэт, кэлин көбөн кэлиэн сөп. Маны тэҥэ хат дьахтар организмыгар уларыйыылар бараннар; менопауза эбэтэр гормоннар кэһиллииллэригэр; стресс түмүгэр тулалыыр эйгэҕэ аллергия ханнык баҕарар көрүҥэ сайдыан сөп.

Гипоаллергеннай бытовой химияҕа көһүөххэ наада. “Миф”, “Тайд” курдук бороһуоктартан, иһит сууйар химикаттартан аккаастаныахха. Сытыы сыттаах, элбэх химикаттаах эттиктэри дьиэбитигэр аҕыйатыахха.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн сакаалкалаан, сайын айылҕаҕа сырытыннаран доруобуйатын бөҕөргөтүөххэ сөп. Муораҕа үс сыл субуруччу сынньанар туһалаах. 1-3 саастаах оҕо син биир элбэхтик ыалдьар. Онно бэлэм буолуохха наада. Стерильнэй эйгэҕэ улааппыт оҕо, төттөрүтүн, кэбирэх буоларын олох бэйэтэ көрдөрөр.

Кэрэ аҥаардар доруобуйаларын көрүнэн, бэлэмнэнэн баран оҕолонуохтарын наада. Доруобай эрэ ийэ доруобай оҕону төрөтөр.

КУОРАККА ТОЛКУЙДААХ КӨҔӨРДҮҮ НААДА

Ыам ыйа – бэс ыйа хатыҥ, ольха тыллар кэмигэр аллергиктарга сэрэхтээх. Үүнээйи пыльцатыгар аллергиялаах дьон түннүктэрин арыйбакка, дьиэҕэ кондиционер туруораллара тоҕоостоох. Арассыыйа киин куораттарыгар тополь түүтэ көтө сылдьар буолар – ол аллергиктары эрэйдиирэ биллэр. Биһиги куораппытыгар оннук түүтүн көтүтэр талах аҕыйах эрээри, аллергияны көбүтэр от арааһа барыта үүнэр. Ыһыах кэмиттэн саҕалаан ол аллергеннаах отторбут айылҕаҕа ситэллэр. Онон тустаахтарга эмиэ ыарахан.

Куораты көҕөрдүүгэ оту-маһы аллергология өттүттэн эмиэ толкуйдаан, талан олордоллоро буоллар табыгастаах буолуо этэ дии саныыбын.

– Атын дойдуга сынньана барыы кэмэ саҕаланна. Туохтан сэрэниэхтээхпитий?

Маныаха биири өйдүөхтээхпит. Аллергия биһиги аллергеннары кытта өр кэмҥэ алтыстахпытына эрэ үөскүүр кыахтаах. Ол аата эн дойдугуттан атын сиргэ тиийэн, урут хаһан да көрбөтөх үүнээйигэр аллергиялаабаккын.

Фруктаҕа, оҕуруот аһыгар, тиийээт да, саба түспэт ордук. Кыра-кыралаан сиэн саҕалыахха наада. Биһиги дьоммут соҕуруу тиийэн тааһынан клубника, виноград сиэн кэбиһэн ыалдьар, аллергиялыыр “үгэстээхтэр”.

Күҥҥэ аллергиялаах, ол аата фотодерматиттаах дьон, “спф 50” кремнэри бистэ сылдьаллара хайаан да наада.

– Аллергияҕа бастакы көмө хайдах оҥоһуллуохтааҕый?

Антигистаминнай эмп бэриллэр. Онтон суһал көмөнү ыҥырбыт ордук. Саамай күүстээх аллергия “анафилактический шок” диэн ааттанар, маныаха адреналин укуола эр абырыыр кыахтаах. Ол иһин идэтийбит медицинэ үлэһиттэриттэн көмөнү эрэйбит ордук.

– Аллергологка хайдах тиийэбит?

Олорор сиргит поликлиникатыттан. Эбэтэр төлөбүрдээх клиникаларга сылдьыахха сөп. Улуустарга аллергологтар суохтарын кэриэтэ. Аллерголог штата нэһилиэнньэ ахсааныттан көрөн арыллар буолан оннук. Дьокуускайга 10-ча аллерголог үлэлиир, улуустарга 11 аллерголог баар. Аллерголог-иммунолог быраас буоларга уһуннук үөрэниэххэ, үлэлиэххэ наада.

АЛЛЕРГИЯНЫ ЭМТИИР УРАТЫ НЬЫМА

“Аллерген-специфическая иммунотерапия” (АСИТ) диэн баар. Аллергиялаах киһиэхэ аллергенын кыра-кыралаан, уһун кэм устата киллэрэллэр. Бу укуол, убаҕас эмп, таблетка буолуон сөп. Оччоҕуна киһи организма бэйэтэ “блокирующие антитела” диэни үөскэтэн, киһи устунан аллергиялаабат буолан хаалыан сөп.

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...