21.11.2023 | 16:30 | Просмотров: 535

Алгыстаах эҕэрдэ күрэҕэ ыытыллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин өйөбүлүнэн, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ ахсынньы 1 күнүттэн 27 күнүгэр диэри Саҥа Дьылга аналлаах алгыстаах эҕэрдэлэри суруйууга аһаҕас куонкуруһу биллэрэр.

Куонкурус усулуобуйата:

•18-н үөһэ саастаах сахалыы суруйар дьон кыттар;

•Кыттааччы куонкуруска Саҥа Дьылга аналлаах алгыс тыллардаах эҕэрдэ хоһоонунан кыттар (1-2 үлэни туталлар);

•Биир суруйуу муҥутаан 28 cтрокаттан уһун буолуохтаах;

•Кыттааччы ыыппыт суруйуута (алгыс тыллаах хоһооно) аккырыыкка буоларыгар, сайтарга тахсарыгар тута сөбүлэҥин биэрэр;

•Кыттааччы 300 cолкуобай усунуос төлүүр.

Толору сайаапкаҕытын Suraluma@bk.ru («алгыс» диэн бэлиэтээн ыытаҕыт).

Билсэр төлөпүөн нүөмэрэ: Любовь Егоровна 8 (914) 100- 88-74

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.