Алгыстаах алаадьы
Саха киһитэ барахсан ханна эрэ бараары гынна, биир эмэ ыалдьыт кэллэ да, мааны аһын алаадьытын астаан барар. Билиҥҥи кэмҥэ ордук сиэри-туому тутуһар буоллубут, итэҕэлгэ чугаһаатыбыт. Ыраах сылдьар уолаттарбытыгар, тэйиччи сылдьар оҕолорбут тустарыгар, куһаҕан түүлү көрдүбүт, туохтан да тэһииркээтибит – тута алаадьы үрдүгэр түһэбит. Аны, ыллыҥ да, мээнэ астаабаккын, хайаан да алгыстаах алаадьы диэн ааттыыбыт. Ол эбэтэр тиэстэбитин охсуохпутуттан итии хобордооххо сырылаччы буһарыахпытыгар диэри үтүөнү түстүүбүт, саныыбыт, алгыстыыбыт.
Ол курдук хаһаайка уутун, үүтүн миискэтигэр кутта, бурдуктаата да – ытыга тыаһаабытынан барар.
Бүгүн ааҕааччыларбар социальнай ситим устун кэлбит, аатын-суолун ыйбатах, айылҕалаах киһиттэн олус туһалаах сүбэлэрдээх, сиэр-туом толоруутугар аналлаах илдьити тиэрдиэм.
Алаадьыны салҕыбакка астыахха
Алаадьы астаабыт далбарын туһунан кинигэ курдук кэпсиир: сэмэй соҕус хаһаайка алаадьыта кыра соҕус буолар, элбэх кэпсээннээх, киирбит-тахсыбыт хотун алаадьыта улахан буолар.
Аны дьон алгыска туох туһунан көрдөһөбүн диэтэхтэринэ: “Үс бастакы алаадьыҥ ойуутун көр”, – диир этим.
Билигин уһуйар дьонум бэйэлэрэ эрдэттэн көрөн, бэлэм кэлбит буолаллар.
Дьэ эрэ, алаадьыбытын хайдах астыыбытый?
Сорохтор сымыыттаах буолуохтаах, сорохтор сымыыта суох дииллэр, сорохтор тууһа суох буолуохтаах дииллэр.
Хаһан баҕар Эн Кэрэ Киһи, Киһи Киһитэ – Ытыгылыыр Сириҥ Иччилэрин, Айыыларгын, мааны ыалдьыттаргар хайдах астыыгын да, оннук астаныахтаах дии саныыбын мин.
Сымыыта да суох үүккэ охсуллубут алаадьы минньигиис-минньигэс буолааччы. Сүрүнэ диэн, ис сүрэххиттэн иэйэн-куойан дьоҥҥун санаан, барар Сиргин санаан туран оҥордоххуна, бу дьон,
Сир туһугар үтүө санааҕын сааһылаан этэ-этэ алаадьылаатаххына,
алгыһыҥ сүрэ ситиэ, алаадьыҥ амтана минньигиис-минньигэс буолуо.
Арай сорох далбар: “Ыксалга кыайан алаадьы оҥорботум”,– диэччи. Хайа баҕар ыалга чааскы да, пиала да баар. Оннук кыра иһиккэ тиэстэҕин оҕустаххына, сэттэ мүнүүтэ иһинэн алаадьылаах – мааны астаах буола түһэҕин.
Алаадьы тиэстэтин хайдах алҕыыбытый?
Сүрэх кыайарынан: оҕолорун сүрдэрэ күүһүрдүн диэн, ыарыы ыалласпатын, дьонуҥ-сэргэҥ күүстээх санаалаах, үлэни, үөрэҕи уйар буоллуннар диэн. Чэ, уонна, нууччалы эттэххэ, хас биирдии киһи туһугар “индивидуально” этиллэр.
Ким эрэ аны сылдьыбатах сиригэр барар буоллаҕына – Дойдуҥ Иччилэриттэн көрдөһөҕүн – тириэрдиҥ диэн: ол Дойду иччилэрэ уонна Кырдьаҕастара атыҥыраабатыннар, бэйэлэрин оҕолорун курдук көрүстүннэр – үтүө санаалаах баран иһэбин диэн этинэҕит.
Эпэрээссийэҕэ ким эрэ барар буоллаҕына – ыарыытын тыынын, силиһин, мутугун барытын булан быстыннар, суох гынныннар, киһибит буор кута түргэнник чөллөрүйдүн, үтүөрдүн диэн буолар.
Барытын бэйэҕит туттар тылгытынан эттэххитинэ – онто күүстээх буолар.
Алгыс суруллубут кинигэлэриттэн ыла-ыла дьон алгыһын аахтаххытына – охсуу ылыахха син.
Атын киһи алгыһын өйгө үөрэтэ-үөрэтэ нойосуус ааҕыы – убаастабыла суох быһыы.
Хас алаадьыны уурабыт?
Маннык диэн ыйытыы өрүү үөскүү турар. Былыр саха киһитэ тааһынан таһааран аһы сиргэ уурбат этэ. Суолталаан, аһы ас курдук сыаналаан, 3, 5, 7, 9 алаадьыны уурара.
Эдьиий Дора туох эрэ улахан кутталлаах кэлээри гыннаҕына, тэйэн биэримээри гыннаҕына тааһынан уурдарар.
Былыргы киһи туомҥа сүөһүнэн төлүүрэ, сүөһүнү толук биэрэрэ. Билиҥҥи киһи барахсан кэччэгэй, сүөһүнэн сатаан биэрбэт, сүөһүтэ да суох. Ол иһин тааһынан уурдарар алаадьыны, дьааһыгынан арыыны да буолбатар, төлөбүр син биир баар буолуохтаах.
Сиргэ тиийэн баран Ытык мас, таас иннигэр Айыылар, Иччилэр, ытык кырдьаҕастар көрөн-истэн турдахтарына «хас алаадьыны биэрэбин” диэн ыйытыллыа суохтаах.
Ыалдьыт кэллэҕинэ, миискэҕин тутан туран: “Эйиэхэ хас алаадьыны биэрэбин?” - диэн ыйыппаккыт дии. Син эмиэ ол курдук. Айылҕаҕа сылдьан алаадьыны буорга, кумахха таах уурбаккыт – таас үрдүгэр эбэтэр, эрэкэ-дьэрэкэ оҕолортон көҥүллэтэн от үргээн, от үрдүгэр уураҕыт. Оттоох сиргэ үргээбэккэ окко уураҕыт. Эбэҕэ киирэн ууга ыыппаккыт, кытыыга уураҕыт.
Ким эрэ этиитинэн маннык гын диэбит эрэ буоллахтарына, ууга ыытыахха син.
Сиэбит иһиккиттэн алаадьы ылан, сиргэ-уокка-биэрбэккин. Аһаан баран биирдэ санаан биэрэр түгэҥҥэр, бу икки түгэҥҥэ абааһылары аһаттыҥ диэччилэр. Ол кэннэ туох эрэ куһаҕан буоллаҕына, соһуйбаккын – бэйэҥ күндүлээн ыҥырдаҕыҥ дии.
Алаадьыгын ууран иһэн бэйэҥ “аччыктаатым” диэн “хап” гынан ыстаан ылбаккын. Оннуктар эмиэ баар буолааччылар: бу уураары туран иҥсэтэ баппакка.
Алаадьыгытын астаан, сиргитин-уоккутун мааллааҥ, сөпкө тутта үөрэниҥ.
Алаадьыгыт минньигэс буоллун!
Алгыы, алҕана үөрэниҥ. Алгыс баһа сыаланнын!
Зоя Петровна, куорат олохтооҕо:
– Мин тыа сиригэр улааппыт киһи буолабын, билигин төһө да куоракка олордорбун. Ийэбит барахсан куруук алаадьылыыра, улахан таҥара күннэрин көтүппэт буолара. Онтон улахан бырааһынньыктарга, Саҥа дьылга, Ддьахтар күнүгэр, Пиэрибэй маайга уонна төрөөбүт күннэрбитигэр бэрэски буһаран күндүлүүрэ.
Таһырдьа хоспохпутугар күөстэнэр оһохтоох этибит. Оо, онно ийэм буһарбыт алаадьытын сыта билигин да кэлэр курдук. Ыалларбыт оҕолоро, бэйэбит оонньуубутун быраҕан туран ийэбит аттыгар кэлэн кылахачыһа турааччыбыт. Онтон ип-итии алаадьыны ытыспытыгар ылан, үрэ-үрэ сии охсон, төттөрү оонньуу тэбинэрбит.
Ийэбит биһигини сиэргэ-туомҥа оҕо эрдэхпититтэн үөрэппитэ. Сиргэ-уокка бардахпытына, хайаан да аһатан, күндүлээн, ыраах айаҥҥа туруннахпытына, үөрэнэ барарбытыгар, алаадьы кэһиилээн ыытара. Оччолорго, дьиҥэр, сахалыы сиэри-туому тутуһуу, сири аһатыы наһаа тарҕана илик курдук саныыбын да буоллар, оһохторун, эһэкээннэрин булгуччу күндүлүүллэр этэ.
Соҕуруу үөрэнэ барарбар алаадьынан тиийбит сиргин хайаан да аһатаар диэн туспа үс алаадьыны биэрэн ыыппыта. Оо, онтукпун хаайтаран хайаан, оччолорго салапаан да суох буоллаҕа, хаһыакка суулуу сылдьан хатаран кэбиспит этим. Онтон соҕуруу куораппар көтөн тиийэн баран ол алаадьыбын уурар сирбин көрдөөн, дьон көрүө диэн кыбыстыбыппын, наһаа өр хаппыт алаадьылаах сылдьыбыппын билигин көрүдьүөс курдук күлэ саныыбын. Син ханна эрэ миэстэ булан, ким да көрбөтүгэр уурбутум быһыылааҕа. Үөрэнэ сырыттахпына ийэм алаадьыны тоҥорон ыытара наһаа да минньигэһэ, ийэм, дьиэм, дойдум сыта, амтана кэлэргэ дылы буолара.
Ити быычыкайкаан алаадьы туһунан арааһы кэпсээн, хоһуйан, санаан-ахтан киирэн бара туруохха сөп.
Мин билигин сааһыран олорон алаадьыны өссө астыыр буоллум. Анал дьайыыга сылдьар сахабыт уолаттарыгар алгыстаах алаадьыны сотору-сотору оҥоробун, онно чугас билэр оҕом суох да буоллар. Сиэннэрим, оҕолорум, чугас дьонум туһугар, ханна эмит айанныы барарга, ыраах-чугас буоллун, син биир бастакынан алаадьыбын астыыбын. Сайын дойдубар сайылыы барарбар бэлэхтээх маспар, Эбэбэр киирэн кытылга уурабын, көрдөһөбүн, уонна оттон сир астыы барарга, оттуу барарга хайаан алаадьыта суох барыаххыный. Оттон көрдөһүү, алгыс туһунан эттэххэ, барыта бэйэҥ ис санааҕыттан тахсыахтаах дииллэр, тугу саныыргынан, тугу сатыыргынан диэн буолар. Мин дойдубар тиийээт, бастатан туран оһохпун, эһэкээммин аһатабын, хайаан да кыратык оттобун, алаадьыны кытта үрүҥ арыгыны кутабын. Тоҕо диэтэххэ аҕам барахсан куруук үрүҥүнэн аһатара, онон сорохтор арыгыны уокка биэримэҥ дииллэрин утарабын, бу хас биирдии киһи бэйэтин санаатыттан тахсыахтаах дии саныыбын, оннук өйдөбүллээхпин.
Уопсайынан, сиэри-туому үөрэтээччилэр, тиэрдээччилэр биһиэхэ чопчу маннык гыныҥ, инник гыныҥ диэн соҥнооботтор ээ, син биир бэйэҕит ис санааҕыт тугу этэрин оҥоруҥ, ылыныҥ дииллэр, мин онно толору сөпсөһөбүн. Ханнык да кэмҥэ быраабыланан олорору утарабын, оттон кинилэр суруйбуттарын, үөрэтэллэрин туһанар эрэ буоллахпыт дии. Кылаабынайа, тосту-туора быһыыламмакка, сиэри-туому ортотунан тутуһан олоруохха наада дии саныыбын, оттон алаадьы сыта ыал, дьиэ аайыттан тунуйдун, алгыстаах алаадьы көмөлөстүн, абыраатын, быыһаатын!