17.06.2020 | 17:04

Алгыс тылын хайдах иҥэринэбит?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Иван Герасимович ВАСИЛЬЕВ – Алгыстаах Уйбаан:

- Алгыһы киһи бэйэтин ис туругунан итэҕэйиэхтээх, арыллыахтаах. Алгысчыт, аныгылыы тылынан быһаардахха, спутниктан сигнал биэрэр араадьыйа курдук үлэлиир. Ол иһин онно дьиҥнээхтии холбонон олоруохха наада. Билигин литература элбэх кэмигэр Айыылар суолталарын үөрэтиҥ, ааҕыҥ, билиигитин хаҥатан алгыска бэлэмнэниҥ. Оччоҕо алгыс дьайыытын үчүгэйдик ылыныаххыт.

Дьиэҕитигэр алаадьы астанан сыт таһаарыҥ. Ыһыах мааны аһын астаан, кымыс, быырпах бэйэҕит сатаан оҥостубат буоллаххытына, атыылаһан бэлэмнэниҥ диэн сүбэлиэм этэ. Кымыс, быырпах уохтаах утахтар буоланнар киһи кутун-сүрүн көөнньөрөн таһымын үрдэтэллэр.

Алгыс ылыныаххыт иннинэ уруккуну-хойуккуну ырыҥалаан көрүҥ, өй-санаа өттүнэн сааһыланыҥ, инники былааннаргытын сааһыланыҥ. Былааннаах эрэ киһи сайдар, инники баран иһэр киһи эрэ өйө-санаата ыраас буолар.

Быйыл тэлэбииһэринэн кэлэр алгыска астаах-үөллээх олордоххутуна үчүгэй. Маны таһынан сахалыы таҥас, симэх кэтиҥ – сахалыы симэх уонна таҥас хас биирдии оһуора дириҥ суолталаахтар, онон туруккутун өссө күүһүрдүөхтэрэ.

Турук диэн киһи айылҕаҕа холбонор энергията. Хас биирдии киһи айылҕаҕа сигнал биэрэр, ол сигнал информационнай хонууга холбонор.

“Күн улууһа” диэн этиилээхпит. Ол аата солнечнай систиэмэ таһынан бэйэбит баарбытын биллэрэбит. Ону билбит эрэ киһи үлэҕэ-хамнаска, дьоҥҥо-сэргэҕэ дьайыыта күүстээх буолар. Үөрбүт-көппүт, астыммыт, дуоһуйбут киһи дьайыыта Үөһээ тиийэр. Ыһыах күн айдаарсыы, этиһии-охсуһуу суох буолуохтаах. Олохпутугар сыл устата буолбут куһаҕаны барытын ыытан кэбиһиэхтээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....