05.10.2021 | 13:30

Алена Дмитриева: «Паралимпиада олоҕу көрүүбүн уларытта»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Саха сирин Паралимпийскай эрэлэ, быйылгы Паралимпиада кыттыылааҕа Алена Дмитриева туһунан биһиги хаһыаппытыгар уопсай тылынан, сонун быһыытынан билиһиннэрбиппит. Бу сырыыга ирэ-хоро кэпсэттибит, үгүһү биллибит. Биир спартакиада кини олоҕун уларыппытын, спорка бастакы хардыыта кыайыы өрөгөйүттэн саҕаламмытын бэркэ биһирии иһиттибит. Олорон эрэ волейболга аан дойду чемпиона, Европа икки төгүллээх чемпиона сэрэйэр ураты дьоҕурдааҕын, иччилээх түүллэрэ туолалларын, санаата туохтан түһэрин аһаҕастык кэпсээтэ.

Бастакы хардыыттан кыһыл көмүс мэтээл!

– Мин 1982 сыллаахха Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм.  Ахсыс кылааска Сунтаарга көспүппүт. Онус кылааска ыалдьыбытым, онон дьиэбэр олорон үөрэнэр буолбутум.

2001 сыллаахха СГУ пединститутугар туттарсан киирбитим, социальнай педагог идэтин баһылаабытым. Ол кэмҥэ Сунтаарга үөрэҕирии управлениетыгар үлэҕэ киирбитим. Быыһыгар араадьыйаҕа үлэлээбитим.

Спорду оҕо эрдэхпиттэн сэҥээрэрим. Баскетболлуур, мас тардыһар этим. Оҕо сылдьан сиэркилэҕэ көрүнэ туран спортсмен буолуом, санным кэтит, быһыым-таһаам да оннук дии саныырым.

2013 сыллаахха Бүлүүгэ “Олох суола” хаһыакка үлэлии сырыттахпына, адаптивнай спорка ыҥырбыттара. Инбэлииттэр уопсастыбаларыттан эрийэн, волейболлуугун дуо диэн ыйыппыттара. “Ахсынньыга Спартакиада буолуохтаах, волейбол хамаандатын тэринэн, куоракка барыахтаахпыт”, – диэбиттэрэ. Оччолорго уолаттар уонна кыргыттар диэн арахсыбакка, хамаандабыт булкаас этэ. “Үлэбиттэн ыыттахтарына барсабын”, – диэн сөбүлэспитим. Онтон Сунтаарга сбор буолбута. Ол күрэхтэһиигэ бастакы миэстэ буолбуппут. Салгыы арм-рестлиҥҥэ кытта хаалбытым. Онно эмиэ бастаабытым. Ити курдук спорка бастакы хардыым кыһыл көмүс мэтээлтэн саҕаламмыта. Онтон олус үөрбүтүм, сыл аайы Спартакиадаҕа, өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар кэлэн кыттар, кыайар буолбуппут.

2015 сыллаахха “Кыайыы 50 сыла” кииҥҥэ ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ Арассыыйа олорон эрэ волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тренерэ Александр Николаевич Овсянников кэлбитэ. Онно миигин көрөн: “Кыыскытын сборга ыҥырабын”, – диэбит, дааннайдарбытын ылбыт этэ. Төлөпүөннээн ыҥырбыта. Онон атырдьах ыйыгар сборга барбытым. Аны санаатахха, оччолорго олорон эрэ волейбол туһунан элбэҕи билбэт эбиппит. Лигиччи олорон эрэ оонньуурбут, мээчик кэллэҕинэ эрэ ыла сатыырбыт. Дьиҥэр, элбэх хамсаныылаах көрүҥ буоллаҕа.  Онно тиийэн тугун-хайдаҕын илэ харахпынан көрбүтүм. Мээчиги сырсыахтаахпын, элбэхтик хамсаныахтаахпын билбитим, бу көрүҥү ордук сөбүлээбитим. Сбор бүтэрин саҕана Александр Николаевич: “Хайа, сөбүлээтиҥ дуо? Өссө ыҥырдахпына кэлиэҥ дуо?” – диэн ыйыппыта. Онон алтынньыга эмиэ барар буолбутум.

Биир кыыспыт эчэйэн, илиитин тоһутан Европа чемпионатыгар барар буолан хаалбытым. Мунньахтыы түһэн баран: “Пааспаргын аҕал, барсар буоллуҥ”, – диэбиттэрэ. Дьиктитэ баар, кыраныысса таһынааҕы пааспарбын тоҕо эрэ суумкабар укта сылдьыбыт этим. Ол чемпионакка иккис миэстэҕэ тиксибиппит. Кыргыттар бастыыр санаалаахтар эбит, онон хомойбуттара. Оттон мин наһаа үөрбүтүм. Ону оччо санаалара түспүт дьону көрөн туран, хайдах үөр да үөр буолуохпунуй, таспар таһаарбатаҕым, – диэн билигин күлэ-күлэ кэпсиир.

Табыллыы диэн баар!

Ити курдук Алена бииртэн биир сборга ыҥырыллар буолбута. 2016 сыллаахха Паралимпиадаҕа кыттар чиэскэ тиксибитэ, ону биллэр биричиинэнэн Арассыыйа хамаандатын күрэхтэһиигэ аһардыбатахтара.

Быйылгы Паралимпиадаҕа Алена кыттара-кыттыбата хойукка диэри биллибэт этэ. 15 кыыстан икки эдэр спортсмены аныгыскыга барыаххыт диэн хаалларбыттара. Аны 13 киһиттэн биир киһи сыыйыллыахтааҕа. Эбиитин вакцина боппуруоһа сытыытык турбута. Кытаанах киирсии, хонтуруолунай оонньуу түмүгэр биһиги кыыспыт Паралимпиадаҕа кыттар буолбута.

– Тэҥэ суох конкуренция этэ. Мин 40-чалаахпын, оттон сорохтор 30-лаахтар. Кинилэр баазалаахтар, оскуолаҕа сылдьан оонньообуттар. Аны туран, аҕыйах сыллааҕыта атаҕа суох буолбуттар. Кинилэри кытта хайдах да күрэстэһэр кыаҕым суох дии санаабытым. Ол эрээри хонтуруолунай киирсиилэргэ баарбынан-суохпунан кыһаллан оонньообутум. Ааспыт Паралимпиадаҕа илиитэ тостон барбатах кыыстыын иккиэн араа-бараа сылдьыбыппыт. Статистика түмүгүнэн миигин талбыттара. Онон кини бу сырыыга эмиэ барбатаҕа. Спорка дьоҕуру, баҕа санааны таһынан  табыллыы диэн баар эбит диэн өссө итэҕэйбитим.

 

Оонньуон баҕалаах кыргыттар бааллара буолуо...

– Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатынан аан дойду араас муннугар тиийэ сырыттыҥ, үгүс күрэхтэһиигэ кытынныҥ. Саха сиригэр адаптивнай спорт, чуолаан олорон эрэ волейбол төһө сайынна дии саныыгын?

– Манна саалабыт олус кыра. Мээчик ыраах көттөҕүнэ, хамсана сылдьан ылыаххын сөп, ол эрээри истиэнэ кэлэн хааллаҕына салгыы сатаан барбаккын. Оттон Паралимпийскай оонньууларга уолаттар мээчиги  ртуть курдук сүүрэкэлии сылдьан ылаллар.

Олорон эрэ волейболга сетката кытта атын буолуохтаах, хоруобуйата эмиэ. Биһиги, этэргэ дылы, лаахтаах муостаҕа оонньуурбут ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Ол эрээри 2015 сылтан син сайынныбыт диэххэ сөп. 2016 сыллаахха Саха сирин уолаттарын хамаандата Арассыыйа чемпионатыгар үһүс миэстэни ылбыттара. Дьиҥэр, кыргыттары да хомуйдахха, син баар буолуохтара этэ. Мин соҕотохпун, саатар 3-4 кыыс наада диэн этэ сатаабытым ыраатта. 2018 сыллаахха СахаВА аатынан кыттыбыппыт. Онно тренерэ суох хайдах барыаххытый диэн ыытымаары гыммыттара. “Алена оонньуур тренер буоллун”, – диэбиттэрэ. Алта кыыс бэйэбит сүүрэн-көтөн, спонсор булан, айаммытын уйунан тиийбиппит, онно үһүс миэстэ буолбуппут. Онтон ыла дойду чемпионатыгар суолбут аһыллыбыта.

Арассыыйа олорон эрэ волейболга чемпионата манна ыытыллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Бу көрүҥү дьон-сэргэ көрүө этэ. Ол кыаллыбатаҕына тренердэри, спортсменнары аҕалан маастар-кылаас ыыттарбыт киһи төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй! Дьиҥэр, оонньуон баҕалаах кыргыттар бааллара буолуо ээ... Дьиэлэригэр олордохторо... Кинилэри хомуйан, сүүмэрдээн хамаанда оҥоруохха сөп дии саныыбын.

– Алта сыл тухары дойду сүүмэрдэммит хамаандатын састааба төһө уларыйда?

– Икки кыыс 20-тэн тахса сыл хамаандаҕа баар. Биир кыыс киирбитэ 17 сыл буолбут. Уоннааҕылар 10-тан тахса сыл сылдьыбыттар. Мин кэннибиттэн биир-икки кыыс кэлбитэ. 16-17 саастаах кыргыттар эмиэ соторутааҕыта киирдэхтэрэ. Саамай саастаахпыт 43-тээх эҥин буолуо.

Кыайарбытын түһээбитим...

– Спортсмеҥҥа ситиһии үгүс үлэ, дьаныардаах дьарык түмүгэр кэлэр. Сорох кыайыы харах уулаах, оннооҕор сиэртибэлээх буолар. Эйиэхэ ханнык кыайыыҥ ордук күндүнүй?   

– 2018 сыллаахха Голландияҕа ыытыллыбыт аан дойду чемпионатыгар кыайыыбыт. Ол иннинэ баанньыкка сылдьан халтарыйан, төбөбүнэн кафельга баран түспүтүм. Хата, баттахпын сокуолканан үөһэ туттара сылдьыбыт буоламмын быыһаммытым. Аны чемпионакка тиийэн баран, душка эмиэ охтубутум. Итинник кэмҥэ киһи элбэҕи ырыҥалыыр, толкуйдуур эбит. Мин ону-маны түһүүр, ол-бу бэлиэлэри көрөр буолбутум. Биирдэ экипировкаттан кэлэн иһэн, халлааҥҥа хараҥа былыт быыһыгар 1 диэн сыыппара курдук быһыылаах үрүҥ былыты көрбүтүм. Хараҕым иирдэ дуу дии санаабытым. Бииргэ хааман испит кыыспыттан тугу көрөҕүн диэн ыйыппытым. Онуоха 1 диэбитэ. Мин: “Бастыахпыт”, – диэбитим. Киэһэ тренербэр эмиэ инньэ диэбитим. Сөмөлүөккэ киирэрбитигэр кубоктаах киһини утары көрсүбүппүт. “Ок-сиэ, үчүгэй бэлиэ”, – дии санаабытым. Ити курдук ситиһиилээхтик кыттарбытын эрдэттэн сэрэйбитим, билбитим. Онтон ыла кыргыттар тугу түһүүрбүн ыйыталаһар буолбуттара. Быйылгы Паралимпиадаҕа эмиэ кэтэнэн көрбүтүм, туох да бэлиэ кэлбэтэҕэ.     

– Ханнык күрэхтэһиини ордук өйдөөн хаалбыккыный? Уопсайынан, атын дойдуга тиийдэххинэ, туохха болҕомтоҕун уураҕыный?

– Кытайга 2018 сыллаахха “Кубок супер шесть” диэн күрэхтэһии буолбута. Оттон 2019 сыллаахха Японияҕа ыытыллыбыта. Бу күрэхтэһиигэ аан дойду алта бастыҥ хамаандата кыттар. Мин минньигэстик аһыырбын туохтааҕар да ордоробун, ол иһин дойду куукунатыгар улахан болҕомтобун уурабын. Кытай аһын олус астыммытым. Онно күрэхтэһии аһыллыытын уонна сабыллыытын сиэрэ-туома олус чаҕылхайдык ааспыта. Японияҕа атыҥырыы көрбүтүм элбэх.

 

Соҕотох курдук сананарым...

– Паралимпиада олоххо биирдэ бэриллэр түгэн эбит. Үөрүүлээх аһыллыы тэрээһинигэр стадиоҥҥа туран эрэ бу иннинэ олус чэпчэкитик сыһыаннаспыппын, спортсмен барыта кыттыбат түһүлгэтэ буоларын өйдөөбүтүм.

Мин инбэлиит буолуохпуттан сүүрбэччэ сыл дэриэбинэҕэ олорбутум. Соҕотох курдук сананар этим. Паралимпиадаҕа ким эрэ биир атаҕа эбэтэр биир илиитэ суох, сорох икки илиитэ эбэтэр икки атаҕа суох. Кинилэри көрөн доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон санаалара модунун сөхпүтүм. Остолобуойга биир кыыһы көрбүтүм. Баһаарга улаханнык эмсэҕэлээбит, умайбыт эбит. Ол иһин икки илиитин салбаҕын, икки атаҕын сототун быспыттар. Голландия спортсмена буоларын кэлин билбитим. Фехтованиеҕа чемпионнаабыта. Итинник күүстээх санаалаах дьону кытта алтыһан олоҕу көрүүҥ кытта уларыйар эбит.

Инники былаан, баҕа санаа

– Алта сыл тухары хаста даҕаны спортан тохтуу сатаабытым. Кырдьык, сороҕор санаам олус түһэр. Ол эрээри тостуо суохтаахпын диибин. Чугас дьонум сүргэбин көтөҕөн, санаабын бөҕөргөтөн биэрэллэр. Сахам дьонун энергетиката олус күүстээх, ол сэниэбэр сэниэ эбэр.

Отут сааспар диэри араас эйгэҕэ үлэлээбитим. Онон баай уопуттаахпын. Адаптивнай физкультура тренерэ үөрэхтээхпин. Идэбинэн үлэлиэхпин баҕарабын. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон доруобуйата айгыраата, инбэлиит оҕо элбэх. Дьиҥэр, адаптивнай спорт көрүҥэ олус элбэх – кэлээскэнэн регби, бочча, о.д.а.

Олорон эрэ волейбол сайдыан баҕарабын. Чэгиэн киһи доруобуйатыгар хааччахтаах киһини өйдөөбөт. Холобур, аҥаар атахтаах киһи тренажернай саалаҕа тиийдэҕинэ, эйигин сатаан дьарыктаабаппыт диэхтэрин сөп. Ылыстахтарына даҕаны доруобай киһини курдук эрчийиэхтэрэ. Онон анал үөрэхтээх киһи үлэлэһэрэ ордук, – диэн санаатын үллэһиннэ.

Алена Дмитриева Сунтаар улууһугар хас да сыл субуруччу “Сыл бастыҥ спортсмена” ааты ылбыта. Кини биир дойдулаахтарыгар махтала муҥура суох.

– Улууспут баһылыга А.В. Григорьев адаптивнай спорду олус өйүүр, мэлдьи күүс-көмө буолар. Олоҕум тухары 30 000 солк. истипиэндьийэ анаабыта. Дойдум дьону өрүү арыылаах алаадьылаах, кымыстаах айхаллыы көрсөллөр. Миэстэлэһэн, ситиһиилэнэн кэллэхпинэ хайаан да чиэстииллэр, бириэмийэ туттараллар. Кинилэргэ махтанабын!

– Алена, Паралимпиадаҕа саха аатын ааттаппыккар, хамаанданан оонньууга суолу тэлбиккэр махтанабыт. Баҕа санааҥ барыта барҕара туоллун!

 

PS. Алена билигин даачаҕа сынньанар, онно түбүк-садьык элбэх. Биһиги кэпсэтиибит оруобуна кини төрөөбүт күнүгэр түбэспитэ. Эҕэрдэлээн туран, кэрэ-бэлиэ күнэ хайдах ааһарын, умнуллубат төрөөбүт күнүн ыйыталаспытым.

– 2016 сыллаахха Е.А. Борисов олимпиецтары, паралимпиецтары тыйаатырга мунньан эҕэрдэлээбитэ. Судаарыстыбаннас күнүгэр араас эйгэҕэ үлэлиир дьону наҕараадалаабыттара. Онно Ил Дархан миэхэ төрөөбүт күммүнэн туспа сибэкки дьөрбөтүн туттарбыта. Олус үөрбүтүм уонна долгуйбутум! 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...