01.10.2020 | 17:51

АЛЕКСЕЙ САМОРЦЕВ: “САРСЫАРДА ААЙЫ УЛААТАН, УЛАРЫЙАН УҺУКТАБЫТ”

АЛЕКСЕЙ САМОРЦЕВ:  “САРСЫАРДА ААЙЫ УЛААТАН, УЛАРЫЙАН УҺУКТАБЫТ”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Дьокуускай куорат Киин уокуругар буолан ааспыт быыбарга эдэр кандидаты үгүс киһи өйөөтө. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт –  политик, уопсастыбанньык, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, эр бэрдэ Алексей Саморцев.

Кини кыра эрдэҕиттэн байыаннай буолар баҕа санаалаах улааппыта. Ол олоҕун оҥосторугар, эр киһилии уһаарыллан, хатарыллан тахсарыгар тирэх буолбута. 

– Кадеттар куорпустарыгар икки сыл, 33 №-дээх оскуолаҕа байыаннай-патриотическай кылааска үөрэммитим. Күн өрүү-өрүү иккилии физкултуура буолара. Спордунан күүскэ дьарыктанарбыт. Күрэхтэһиилэри көтүппэккэ кыттарбыт. Дьиктитэ баар, аҥаарбыт уол, аҥаарбыт кыыс этэ, – диэн оҕо сааһын ахтар-саныыр.

Лидер уолу 9 кылааска отделение хамандыыра, нөҥүө сылыгар 9-11 байыаннай-патриотическай кылаастар хамандыыра оҥорбуттара. Сыл аайы ыытыллар байыаннай-патриотическай оонньууларга Алексей биир бастыҥ көрдөрүүнү ситиһэрэ.

Оскуола кэнниттэн уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, Рязань куоракка ВДВ училищетыгар туттарса барбыта. Куонкурус үрдүк этэ: биир миэстэҕэ 12 киһи. 1200-тэн тахса оҕону лааҕырга ыыппыттара. Алексей Тамбов, Курскай, Москва уолаттарын кытта тута бодоруспута, доҕордоспута.

– Биһиги таспытыгар училище 3 кууруһун курсаннарын лааҕыра баара. Ол дьон ытыалаһыы бөҕө. Дьиҥнээх курдук кимэн киирии кытаанаҕа этэ. Сэрии толоонугар сылдьардыы санаммыппыт.

Училищеҕа ураты бэлэмнээх, анал үөрэҕи ааспыт суворовецтары ылбыттара. Атыттары, этэргэ дылы, саа да тэбэр сиригэр чугаһаппатахтара. Дьокуускайга төннөн кэлээт, Алексей аармыйаҕа барбыта. Приморскай кыраай Уссурийскай куоратыгар сулууспалаабыта. Отделение хамандыырыттан саҕалаан, взвод хамандыырын солбуйааччытыгар тиийэ үүммүтэ-үрдээбитэ. Аармыйа олоҕо дьоруойдар тустарынан киинэ буолбатах, ону илэ хараҕынан, эт кулгааҕынан билбитэ.

Дембель дьиэтигэр кэлэн баран, сыл аҥаара сынньаммыта. Онтон 11 №-дээх ПТУ-ҕа автослесарь идэтигэр үөрэнэн баран, “Якутмедтранс” тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Онтон ийэтин сүбэтинэн “Авиалесоохрана” диэн тэрилтэҕэ хантараагынан сулууспалыы киирбитэ. Десантураҕа биир сыл үлэлээбитэ. Үчүгэй көрдөрүүлээх эдэр киһини бэлиэтии көрөн, сүрүн үлэҕэ ылбыттара. Бастаан парашютист баһаарынайынан сылдьыбыта.

Уоту кытта охсуһуу

Ол сайын балаһыанньа уустук этэ. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ өрө турбута. 300 миэтэрэ чугас сиргэ ойуур умайа турара көрүөххэ ынырыга. Оннооҕор ачыкылара ууллаары ыксатара. 16 күннээх түүн уоту кытта охсуспуттарын билиҥҥэ диэри өйдүүр.

– Бөртөлүөтүнэн көтөн тахсыбыппытыгар, ол көстөр сиртэн маныаха диэри уот сиэбит сирэ күл-көмөр буолбут этэ. Чугас эргин биир да күөл, үрэх диэн суоҕа. Тула барыта – хойуу тыа. Илии-атах, кыах тиийбэт үлүгэрэ диэни онно билбиппит.

Инструкторга биир сыл үөрэнэн баран, парашютист баһаарынайдар бөлөхтөрүн инструктора буолбута.

– Ыксаллаах быһыыга-майгыга мэлдьи бэлэмҥин. Аҕыйах сөкүүндэ иһигэр ханна түһэргин, туохтан саҕалыыргын толкуйдуу охсоҕун. Сиргэ түһэриҥ эмиэ араас буолуон сөп. Баҕар, тыал мэһэйдиэ, маска ыйанан хаалыаҥ. Сороҕор куталаах сир түбэһиэ. Кыыл хороонугар түһэн, атаххын бүлгүрүтүөххүн эмиэ сөп. Түһэ охсон, дьоҥҥун көрсөҕүн. Дьэ, онтон уоту кытта охсуһуу, айылҕа күүһүн кытта киирсии саҕаланар. Онно өссө эбии тыатааҕы “кыттыһара”. Тыа хаһаайына биһигини “амсайаары”, аттыбытыгар субу кэтии сылдьара (күлэр). Сорох түүн түспүт сирбитигэр кэлэн ыалдьыттыыра. Тушенкабытын, сгущенкабытын сиэн кэбиһэрэ. Аһылла илик бааҥканы тиҥсирийэн булбута эрэ баар буолара.

Икки илиибитинэн, икки атахпытынан түһүнэрбит

– Баһаар күүстээх тыалга 1 мүнүүтэҕэ 100 миэтэрэҕэ тиийэ түргэтиэн сөп. Кураан күҥҥэ-дьылга көрүөх бэтэрээ өттүгэр биир кэм уотунан салыыр. Буутуҥ быстарынан куотуоххун эрэ баҕараҕын. Оннук сирдэргэ үксүн түүн үлэлиирбит. Оччоҕуна күн күүскэ сырайбат. Күнүс тэйиччи соҕус сирдэргэ тиийэрбит. Баран истэхпитинэ аттыгар мас сууллаары ыксатара. Онон тыаһы-ууһу истэ, тулабытын көрүнэ, кэтэнэ-манана сылдьарбыт.

Тыраахтар, тиэхиньикэ нэһилиэк чугас эрэ буоллаҕына көрүллэр. Авиация улахан төлөннөөх баһаарга эрэ көмөлөһөр. Оттук да сыаната ыарахана бэрт.

Онон үксүн икки илиибитинэн, икки атахпытынан түһүнэрбит. Көмөлөһөөччүбүт – күрдьэхпит. Силиһэ умайан сууллаары турар маһы сүгэнэн охторорбут. Дьэ, чахчы, эр киһи эрэ кыайар үлэтэ.

Тыыннаах массыынаҕа кубулуйарбыт

–2015 сыллаахха баһаары үс күн умулларбыппыт. Күнүс 1-1,5 чаас утуйан ыларбыт. Уот нэһилиэккэ бу кэлбит этэ. Дьиктитэ баар, үлэлии сылдьан сылайбыккын билбэккин. Бүтэн баран, үлэҕэр тиийдэххинэ, олоппоско олордоххуна биирдэ өйдүүгүн. Баһаар кэмигэр тыыннаах массыынаҕа кубулуйар курдуккун.

Уоту сатаан салайбаккын. Кыайан бохсуллубат, алдьатыылаах сүдү күүс. Дьиҥэр, улаханнык туохха да итэҕэйбэт киһибин. Киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор дии саныыбын. Ол эрээри “Авиалесоохранаҕа” үлэлии сылдьан Байанайга, хара тыа иччитигэр, кини модун күүһүгэр итэҕэйбитим. Дьэ, бүттүбүт дии санаатахпытына, “хаһан бүтэргитин мин быһаарабын” диир курдуга. Барытын умулларан эрдэхпитинэ, хантан кэлбитэ биллибэт кыым түһэрэ уонна маһы харса суох сиэбитинэн барара. Быыкаа төлөн оннооҕор өрүһү нөҥүөлээн кэлэн түһэрин хаста да илэ харахпытынан көрбүппүт. Ол Алдаҥҥа этэ. Онон анараа биэрэккэ көһөргө күһэллибиппит. Айылҕаны таһынан күүс баарыгар итэҕэйбитим.

Хомуньуус, хомсомуол

Алексей 2012 сыллаахха Хомуньуустар партияларыгар, хомсомуол тэрилтэтигэр киирбитэ. Сомоҕолоһуу, түмсүү ханнык баҕарар уустук боппуруоһу быһаарар кыахтаах диэн санаата өссө күүһүрбүтэ.

– Хомсомуолга эдэр, кэскиллээх лидер элбэҕэ. Араас хабааннаах хамсааһыннарга кыттарбыт, тэрээһиннэри ыытарбыт. Аҕам саастаах дьоҥҥо, инбэлииттэргэ көмөлөһөрбүт. Субуотунньуктарга тахсарбыт. 2016 сыллаахха куорат кэмитиэтин инструкторынан ылбыттара. Ол курдук, бэйэм да билбэппинэн политикаҕа кэлэн хаалбытым. Үксүн тэрийэр үлэҕэ сылдьабын.

Түгэнинэн туһанан, ааспыт быыбарга миэхэ куоластаабыт, миигин өйөөбүт дьоҥҥо махтанабын. Дьиэ кэргэним, партиям, доҕотторум күүс-көмө буоллулар. Евгений Прокопьевка махталым муҥура суох. Кэргэним Соҕуруу Кореяҕа эмтэнэ барарыгар тэрийбит аһымал кэнсиэрпитигэр билсибиппит.

Сөҕөбүн-махтайабын

– Ханнык баҕарар эр бэрдэ киһи киһитэ буолуохтаах. Үтүө санаалаах, дьоҥҥо эйэҕэс, элэккэй. Кимиэхэ баҕарар көмөлөһөргө өрүү бэлэм. Сэбиэскэй кэмҥэ “уопсастыба туһа” диэн өйдөбүл күүстээҕэ. Коммунизмы тутааччылартан олус сөҕөбүн-махтайабын. Атастарын, доҕордорун туһугар туохтарын да кэрэйиэхтэрэ суоҕа. Билигин бэйэмсэх дьон олус элбээтэ. Барыта харчы туһугар диэн буолла. Көрдөххө, баара-суоҕа кумааҕы эрээри, дьон олоҕун салайар.

Коммунизм идиэйэтэ барыта судаарыстыбаҕа сигэнэр. Дьадаҥы элбэх – судаарыстыба буруйдаах. Аһыыр аһыҥ суох – судаарыстыба буруйдаах. Демократияҕа оннук буолбатах. Дьиҥэр, судаарыстыба эмтиэхтээх, үөрэтиэхтээх, көмүскүөхтээх. Ону баара, медицинаҕа сарбыйыы бөҕө барар. Үөрэхтээһиҥҥэ эмиэ оннук. Оскуолаҕа оҕо элбэх, учуутал ноҕорууската үрдүк. Көмүскэл туһунан тугу да этэр кыаҕым суох (өрө тыынар).

Ыарахаттарга бэриммэккэ

– Олоҕум аргыһын кытта хомсомуолга билсибиппит, бииргэ үлэлээбиппит. Эмиэ актыбыыс, уопсастыбанньык. Наташам – доҕорум, тапталым, үтүө сүбэһитим, эркин курдук эрэнэр киһим.

Кэргэммин ыарахан ыарыы ытарчалыы ылбытыгар олох уустуктарын иккиэн тутуспутунан туораабыппыт. Төһө эмэ быраастар утарсыбыттарын үрдүнэн, оҕолонорго быһаарыммыппыт. Билигин үс саастаах Богдан диэн үчүгэйкээн уоллаахпыт.

Биһиги күн аайы араас моһолу, тургутугу ааһабыт. Сарсыарда аайы киһи быһыытынан улаатан, уларыйан уһуктабыт. Бу орто дойдуга остуоруйаны чахчы оҥороору олоробут. Хайа да түгэҥҥэ санааҕытын түһэримэҥ. Хоруопка киирбит эрэ кыайан тахсыбат. Быыс-хайаҕас хайаан да көстүө. Ыарахаттарга бэринимэҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...