12.02.2020 | 11:29

Алексей Неустроев: «Бэл, баайыахпын баҕарабын»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сахаҕа мас, тимир ууһа аҕыйаҕа суох. Сөбүлүүр, кыайар дьарыктарын урбааҥҥа кубулуппуттар даҕаны элбэхтэр.

Элбэхтэн биир холобур – Алексей Неустроев суола.

- Алексей, дорообо! Бэйэн тускунан кэпсии түс эрэ.

- Мин Таатта улууһун Баайаҕатыттан сылдьабын. Уус сыдьааннаах киһи буолан алтыс кылаастан саҕалаан уһанан барбытым. Бастакы хараҥаччым, уһуйааччым таатталар киэн туттар киһибит Борис Неустроев-Мандар Уус. Оскуолам кэннэ куруук мастарыскыайга уһанан тахсарым, биир да бокуой, иллэҥ суох этэ. Оскуолабын бүтэрэр сылбар тутатына орто үөрэххэ туттарсар былааннааҕым, тоҕо диэтэр үрдүк үөрэх таһыма оччолорго хайдах эрэ түһэн турар курдуга. Үөрэхтээх дьон сатаан үлэ булбаттара, ол оннугар орто үөрэхтэр быдан инникилээх буолбуттара. Ити курдук сварщик уонна тимири, күндү таастары кытта үлэлэһэр исписэлиис буолбутум.

 - Урбаан эйгэтигэр хайдах кэлэн хааллыҥ?

 - Бэйэм илиибинэн тутан-хабан оҥорбут оҥоһуктарбын өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан атыылыырым. Бастакы улахан ситиһиилэрим атыы-эргиэн дьаарбаҥкаларыгар кыттыыттан саҕаланан барбыттара, манна быһахтарбын атыылаан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбытым. «Син харчылаах эбит, айахпын, дьоммун иитэр кыах баар буолсу” диэн түмүккэ кэлбитим. 2011 с. бэйэ дьыалатын тэринэн, быhах уонна мастан миэбэл оҥоробун. Араас станогу атыылаһан, кыһыннары-сайыннары тохтоло суох үлэлиибин. Дьиэм аттыгар сайыҥҥы производственнай сыахтаахпын. Кыһын гарааспар быһах, батыйа оҥоробун. Нэһилиэгим ыччатын, уус дьону түмэн үлэлээччибин. Онон дьон эбии кыра харчыланар, ыччат бэйэтин суолун арынар.

 - Ол аата аҥаардас быһаҕынан муҥурдаммат эбиккин, ол туүһунан кэпсии түс эрэ.

 - Сүрүн көрүҥүм, биллэн турар – быһах уонна батыйа, аанньыы. Халлаан сылыйда эрэ, олбуор боруотатыгар, сибэкки олордор иһиккэ, дьиэ ааныгар, ыскамыайкаҕа, оҕо хачыалыгар о.д.а. сакаас киирэр. Ардыгар үлэҕэ баттата сыһабыт, бириэмэ сырсартан соло булбаппыт. Ардыгар кыайбакка бырабааллаан кэбиһиэм диэн куттанабын даҕаны. Хас биирдии сакааспын хаачыстыбатыгар  эппиэттиир, уһун үйэлээх буоларыгар кыһаллабын. Аны иэйии уһуктуута диэн баар. Иэйии араастаан кэлиэн сөп, оннооҕор дьыл кэмиттэн, аһыыр астан, таҥнар таҥастан кытта тутулуктаах. Иэйии уонна баҕа баар буоллаҕына, үлэ ордук таһаарыылаах буолар. Уус дьон миигин бэккэ диэн өйдүүллэрэ буолуо...

 - Атын уустары кытта уопут атастаһаары, сайдаары, быыстапкаларга сыл аайы кыттар этим диэтиҥ. Билигин хайдаҕый?

 - Билигин даҕаны кыттабын. Биир да тэрээһини куоттарбакка буола сатыыбын. Быыстапка араас таһымнаах буолааччы, ардыгар киһи сонньуйар да түгэннэрэ баар, ол эрэн уустар быыстапкаҕа атыылаатахпытына эрэ харчыбыт уонна үлэбит сыаналанар. Сыл аайы уустар ыһыахтарыгар ситиһиилээхтик кыттабын да, тэрийсэбин да.

«Уһаныы абылаҥа» баар эбит диэн Алексей инники эппитин быһаарар. Кини сарсыарда ойон тураат, аһаат даҕаны, дьиэтин таһыгар турар мастерскойугар тахсан уһаммытынан барар. Дьиэтигэр аһыы эрэ киирэр. Онно-манна, Дьокуускай куоракка да сылдьар кэмигэр «бу оннугар уһаммыт киһи баар ини…» диэн санаалар киирэллэр эбит. Кини аймахтарыгар даҕаны ыалдьыттыы тиийдэҕинэ таах сыппат, уус киһи туох суоҕун көрөн-истэн, уһаммытынан барар үгэстээх эбит. Ол туһунан кини маннык кэпсиир: «Киһи киһиэхэ үтүөнү оҥордоҕуна олус дуоһуйар, астынар. Эн төһөнөн элбэҕи биэрэҕини да, оччону ылаҕын дии саныыбын. Холобур, дьиэ туттарбар мин хаһан эрэ көмөлөспүт дьонум илии-атах, күүс-көмө буолбуттарыттан олус үөрбүтүм. Үгүс үтүөнү олохпор көрсүбүт буолан, оҕолорбун эмиэ оннук үөрэтэбин. Доҕору атыылаһан ылбаккын…»

- Аны олохтоох нэһилиэнньэҕэ, тыа дьонугар уу ыраастаан атыылыыргын билэбин, бу дьарыкка туох санааттан кэллиҥ?

 - Эбии дохуот киллэрэр санаалаах арыммытым. Олох биир сиргэ турбат, иннин хоту бара турар, биһиги ону сырсыахтаахпыт. Оннооҕор улууска, тыа сиригэр иһэр уу бастакы категориялаах буолара ирдэнэр. Олохпут оннук сайынна. Уу ыраастыыр бизнеһи өрөспүүбүлүкэ араас муннугар элбэх киһи тутан олорор буолуохтаах. Рекламатын кыайдаххына, ыраас уу атыыга хамаҕытык  барар буоллаҕа.

- Эн рекламатын кыайдыҥ дуо?

- Аныгы үйэҕэ интэриниэтинэн рекламалыыбыт, араас акциялары тэрийэбит. Дьон атыылаһар.

- Маны барытын ситиһэргэр ким көмөлөһөр?

- Биһиги уу ыраастыыр ыстаансыйабыт дьиэ кэргэнинэн бизнеспит. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт, ким иллэҥнээх, ол киһи үлэлиир. Хас биирдии  киһи бэйэтэ туспа эбээһинэстээх. Мин ууну баһан аҕалабын, кэргэним финансовай боппуруоһун уонна бухгалтерияны быһаарар, уоннааҕытын техника оҥорор.

 - Ыстаансыйа  үлэтин туһунан сиһилии сэгэт.

 - Уу ыстаансыйанан атыылаһааччы бэйэтэ туттар. Бэйэтэ кэлэн уутун куттар, хачайдыыр. Хара сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри үлэлиибит.

Уубут 200 м сир анныттан хачайданан тахсар. Ону таһааран емкостарга бырахтарабыт. Онтон төттөрү баран фильтрдэнэн ыраастанан кэлэр. Чоҕунан ыраастыыр фильтр, ультрафиолеттаах, мембраннай уонна атын фильтрдэр. Бу курдук уу 7 сүһүөх ыраастааһыны ааһан, киһи сиикэйдии да иһэрин курдук ыраастанан тахсар. Уу фильтрдэри нөҥүөлээн кэлэрэ сабыылаах процесс, атын ханнык да эттик киирбэт.

Атыылаһааччы бэйэтин иһитин-хомуоһун туппутунан кэлэн, төһө кээмэйдээҕи ыларын бэйэтэ билэр. Уу автоматынан кутуллар буолан, олус судургу. Уу хаачыстыбатын уонна хонтуруолун куруук кэтиибит, хас сырыы аайы анализка ыытан бэрэбиэркэлэтэбит. Туох баар бэрэбиэркэни ааспытын кэннэ биирдэ бородууксуйабытын нэһилиэнньэҕэ таһаарабыт.

Бу бизнес дэриэбинэҕэ саҥа киирэн эрэр. Мин санаабар, аҕыйах кэминэн хас дэриэбинэй аайы баар буолара буолуо. Дьэ, оччоҕо дьон олоҕо чэпчиэ этэ. Сыл аайы тымныыга уу ыларбыт тохтуо этэ. Бу буоллаҕа дии олоҕу чэпчэтии, саҥа үйэ дьонугар усулуобуйа олохтооһун.

- Олоххо активнай уонна элбэх идиэйэлээх киһигин быһыылаах. Өссө атын хайысхаҕа сайдар баҕа баар дуо?

 - Билигин өссө атын былааным суох, туох баарын үлэлэтиэххэ наада. Аҕыйах кэминэн оҥорон таһаарар кээмэйбитин улаатыннарар сыаллаахпыт, өссө атын нэһилиэктэргэ филиаллары аһыахпыт. Тымтыктанан көрбүт суох, олох көрдөрөн иһиэ.

Бизнесмен киһи кыһалҕата баһаам буолуо, туох кыһалҕаны көрсөҕүт?

 - Докумуон өттүн кэргэним быһаарар. Кэнники бириэмэҕэ уоппут сотору-сотору арахсар буолла. Уот суох буоллаҕына, үлэ барыта тохтуур, илии-атах баайыллар.

- Урбаан эйгэтигэр ылсыан баҕалаах дьоҥҥо тугу сүбэлиигит?

- Бастаан дьыаланы саҕалыыргар, кырдьык, олус уустук. Былааннана үөрэниэххэ наада эбит. Биллэн турар, биир-икки сыл тулуур ирдэнэр. Бэйэҥ баҕарар идиэйэҕин олоххо хайаан да киллэриэхтээххин дии саныыбын. Дьыала харчытыгар буолбатах, дьыала ис туругар сытар. Баҕа эрэ наада. Кимтэн да куттаныма, дьон барыта эмиэ эн курдук саҕалаабыта, күүскүн-уоххун ууран, ылсыбыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрт. Өссө бизнеһи эрдэттэн саҕалыыр быдан табыгастаах – эдэр киһи сэниэтэ баһаам уонна судаарыстыба да көмөтүгэр тиксиэн сөп.

Эдэр урбаанньыт инники былаана киэҥ. «Киһи сатыырын барытын сатыахпын баҕарабын. Тимиринэн уһаныахпын, муос кыһыахпын баҕаран кэлэбин. Сороҕор, кэргэммин көрө-көрө, баайыахпын да баҕарааччыбын. Уопсайынан, «илии кыһыйара» диэн баар эбит», — диэн эдэр урбаанньыт күлэн кэбиһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....