06.05.2022 | 18:00

«Александр Самсонов – Улуу Кыайыы ырыаһыта»

«Александр Самсонов – Улуу Кыайыы ырыаһыта»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 12 күнүгэр 15.00 чаастан, Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун музейыгар, Улуу Кыайыы күнүгэр анаммыт «Александр Самсонов – Улуу Кыайыы ырыаһыта»  быыстапка аһыллыыта буолар. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ РФ үтүөлээх артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа, Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданина Александр Парфеньевич Самсонов бэйэтэ кыттар. Дьоро киэһэни «Туймаада» Судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл солистара, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын уонна Марха 2-с №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ киэргэтиэхтэрэ. 
Өр сыл усталарыгар Александр Парфеньевич аата бу сааскы улуу бырааһынньыгы кытта сибээстээх. Саха норуота кинини «Улуу Кыайыы ырыаһытынан» ааттаабыта, сүгүрүйээччилэрэ байыаннай ырыаларын репертуарын  олус сөбүлээбиттэрэ. 20 тахса сылы быһа Александр Самсонов киин куорат Кыайыы болуоссатыгар «Маай вальстара» кэнсиэр бырагыраамалаах тахсара.


Бэйэтин көҕүлээһининэн, 2000 сылтан саҕалаан, А.П. Самсонов нэһилиэнньэни, чуолаан ыччаты патриотическай иитиигэ үлэтин саҕалаабыта. Кини Саха сирин бары улуустарыгар сылдьан бэтэрээннэргэ, устудьуоннарга уонна үөрэнээччилэргэ иккилии чаастаах кэнсиэртэри бэлэхтиирэ, кылаас чаастарга сылдьан бэйэтин олоҕун, сэрии сылларын ыарахан кэмнэрин, норуот хайдах тулуйбутун уонна кыайбытын, Ийэ дойдуга таптал туһунан кэпсиирэ. 
Быыстапкаҕа Александр Парфеньевич тус маллара уонна музей пуондатын экспонаттара бааллар: архыып хаартыскалара, Улуу Кыайыы 55, 60, 65, 70 сылларыгар анаан артыыс бэйэтин илиитинэн оҥорбут альбомнара, А.П. Самсонов ааптар уонна эрэдээктэр быһыытынан үлэлэһэн таһаарбыт кинигэлэрэ уонна ырыанньыктара, граммофон пластинкалара, Дьокуускайдааҕы опера уонна балет драматическай тыйаатырын солиһын ырыаларын суруйбут дискэлэрэ, кэнсиэртэр афишалара  уо.д.а. 
Хомойуох иһин, Александр Парфеньевич Самсонов айар үлэтин түмүктээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Ол эрэн, кини сүгүрүйээччилэрэ быыстапкаҕа кэлэн, тапталлаах ырыаһыттарын айар үлэтин туонатыгар киирэр кыахтаналлар. 
Быыстапкаҕа кэлээччилэргэ Александр Парфеньевич бэлэх бэлэмнээтэ – өскөтүн эһиги араас тэрээһиннэр, улуустарга гастроллар хаартыскаларыгар бэйэҕитин буллаххытына, ити хаартысканы ылыаххытын сөп. 
Быыстапка ыам ыйын 7 – 28 күннэригэр үлэлиир.
Буолар сирэ: Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун музейа. 
Аадырыһа: Киров уул., 31, 3 этээс.
Билсэр төлөпүөн нүөмэрдэрэ: 35-38-84, 8961-868-46-64

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...