24.01.2021 | 10:33

Александр Прокопьев: «Бэйэҕэр үлэлиир табыгастаах, эппиэтинэһэ үрдүк»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Идэни талыыга, араас эйгэҕэ, түгэҥҥэ дьону кытта бодоруһууга, аныгы уопсастыбаҕа бэйэ миэстэтин булунуу сытыылаан турар кэмэ. Александр Прокопьев икки сыл анараа өттүгэр бүддьүөт тэрилтэтин исписэлииһэ этэ, уол устудьуон сылларыттан саҕалаан дойдулары кэрийэн, дьон хайдах дьаһанан олорорун билбит-көрбүт буолан, бэйэтин бизнеһин тэриммит.

ТАҺЫМ ҮРДЭЭТЭ

Мин Намтан төрүттээхпин, төрөппүттэрим тыа боростуой ыаллара этэ, дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон төрөөбүтүм, бары уолаттарбыт. Ханнык даҕаны саха ыалыттан туох да итэҕэһэ суох улааппыппыт. Дьону кытта дьон курдук улахан материальнай да буоллун, иитии да өттүгэр уратыбыт суоҕа. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан куруук хотон айдаанын өйдүүбүн. Ынахтары уулатыы, аһатыы барыта мин үрдүбүнэн барар курдук этэ (күлэр). Билигин санаатахпына, кыра эрдэхпиттэн үлэҕэ сыстан улааппыт буоламмын, куруук үлэҕэ эриллэ сылдьабын. Биир сиргэ олорбокко, олох тэтиминэн сайдан иһиэххэ диэни оҕо эрдэхпиттэн өйдөөбүтүм.

ЧАҔЫЛХАЙ ГИМНАЗИСТ

Бэһис кылаастан гимназияҕа киирэн үөрэнэр былааннааҕым. Бииргэ олорор, үөрэнэр уолаттарым бары гимназияҕа барбыттара, мин сайыны быһа бириэмэни халтайга ыытан, ол курдук киирбэтэҕим. Дьиҥэ, ахсаан өттүн кыайарым – математиканы, геометрияны, логическай садаачалары, ол оннугар нуучча тылыгар олох мөлтөх этим. Бэһис кылаас кэнниттэн туттарсан гимназияҕа киирбитим, манна кэлэн ахсааным мөлтөөбүтэ, олох түһэн хаалбытым, гимназия ирдэбилигэр хапсыбат курдугум. Оҕолор хайдах үөрэнэллэрин көрөн, барыта бэйэбиттэн тутулуктааҕын өйдөөбүтүм, үөрэхпэр өссө кыһаллар буолбутум. 11 кылаастан Саха сиригэр үөрэнэ хаалбаппын диэн санаалаах этим, учууталларым даҕаныкуруук соҕуруу дойдулар олохторун, киин сирдэргэ бастыҥ үөрэх кыһалара баалларын кэпсииллэрэ.  2005 с. Екатеринбург куоракка УГЛТУ (Ураллааҕы судаарыстыбаннай  лесотехническэй университет) автоматизация кафедратыгар киирбитим. Олох атын эйгэҕэ тиийэн хаалбытым, соҕотох саха этим. Оччолорго даҕаны Саха сириттэн тиийэр оҕо ахсааннааҕа.

Кытыы куорат буолан, барыта тоҥ нууччалар этэ, азиат сирэйдээхтэри соччо-бачча ылыммат курдуктара, аны нууччалыы мөлтөхтүк саҥарарым таайа сытара. Онтон биир сыл иһигэр тылым-өһүм сыыйа-баайа тупсан, санаабын сатаан этэр буолбутум. Уолаттары кытта кэпсэтэн, кинигэ бөҕө ааҕан, спортсменнары кытта билсэммин үчүгэй эйгэҕэ тардыспытым. Кикбоксинынан дьарыктанан саҕалаабытым, чөл олохтоох эрэ буоллахпына киһи буолабын диэн санаа өйбүттэн тахсыбатаҕа. Кэлин үрдүкү куурустарга тахсан баран, сири-дойдуну кэрийэн саҕалаабытым. Ыйдааҕы стипендиябын уурунан уонна быыспар-арыппар үлэ булан үлэлээбит харчыбын мунньан Москва-Питер көрбүтүм, Египеккэ сылдьыбытым. Онтон омук тылын үөрэтээри уонна дьон сайдыылаах сиргэ хайдах олорорун билсээри Work and Travel бырагыраамаҕа хапсан Америкаҕа тиийбитим.

Америкаҕа тиийэн тугу гынныҥ?

Онно дьиҥнээх олох оскуолатын ааспытым. Аттыбар ким даҕаны суох, бэйэм үлэлээтэхпинэ эрэ тот, доруобай, чөл туруктаах сылдьарбын өйдөөбүтүм. Араас дьон бааллар этэ –  албын, түөкүн... Түөрт штатынан сылдьан, сайыҥҥы кэмим Деловер, Мэриланд, Вирджиния уонна Нью-Йорк курдук сирдэргэ ааспыта.

Нью-Йорк куоракка куруусчутаан сылдьыбытым, онтон Намтан төрүттээх Москваҕа үөрэнэр табаарыспын көрсүбүтүм. Кини миигин көһө сылдьан үлэлиир аттракционнар пааркаларыгар үлэлииргэ ыҥырбыта. Оннук сылдьан сир бөҕөтүн көрөн, элбэх киһини кытта билсэн, тэҥ саастыылаахтарбын кытта булсубутум, бэһиэлэй устудьуон сылларым сэргэхтик ааспыттара.

Нью-Йорка тоҕо олохсуйа хаалбатыҥ?

Олохсуйуохпун баҕарар этим. Дьонтон: «Төһө дьоллоохтук олороҕут?» – диэн ыйыттахпына бары биир хоруйу биэрбэттэр этэ. Үрдүк үөрэҕэ суох, эбиитин эмигрант быһыытынан юридическай күүһүҥ толору эппиэттээбэт, атаххар туруоххун баҕардаххына кырата икки үлэҕэ үлэлиэххин наада. Оччоҕуна эрэ син олоруохха сөп этэ. Алын кээмэйдээх олохтооҕу кытта тэҥнэһэргэ кырата уонча сылы барыыгын. Манна тахсарым ыарахан, боростуой буолбатах диэн түмүккэ кэлбитим.

Арассыыйаҕа кэллиҥ, үөрэххин бүтэрдиҥ дуо?

Бүтэрэн. Антах миэхэ табаарыстарым «ЯТЭК» курдук кыахтаах тэрилтэҕэ үлэ булан биэрбиттэрэ. Ол да буоллар, хайдах да хаалар кыаҕым суох, департамент үөрэттэрбит оҕото төрөөбүт дойдутугар кэлэн үлэлиэхтээх, олоруохтаах. Маҥнай “Сахатранснефтегаз” тэрилтэҕэ, Кыһыл Сыырга инженеринэн киирбитим. Онно үлэлии сылдьан сыл аҥаарынан кэргэммин көрсүбүтүм, икки сыл үлэлээбитим уонна  уурайан куоракка көһөн кэлбитим.

ЭЛБЭХ УОПУТУ ИҤЭРИНЭН

Куоракка тугу үлэлээтиҥ?

Үлэ бөҕөтүн боруобалаабытым. Табаарыһым ИП-гар үлэлээн көрбүтүм, ыраас ууну атыылыыр тэрилтэҕэ технолог быһыытынан уонна “Сахатранснефтегазка” слесарынан үлэлээбитим. Устудьуоннуу сырыттахпына ийэм бу дойдуттан күрэммитэ, онтон аҕам араагынан ыалдьыбыта. Аҕабын илдьэ Питергэ көрдөрүнэ барар буолбутум. Үлэбэр уоппуска көрдөөбүппүн биэрбэтэхтэрэ. Ол иһин үлэбиттэн баҕа өттүбүнэн кыһалҕа кыһарыйан тохтообутум, барыам иннинэ тэрилтэлэргэ резюмеларбын ыыталаабытым. Онно «Региональное агентство энергоресурсосбережения” диэн тэрилтэ биһиэхэ сөптөөх исписэлиис диэн үлэҕэ ыҥырбыта. Бу тэрилтэҕэ киирэн, билиҥҥи үлэлиир салаабын өйдөөн, үлэлээн саҕалаабытым. Барытыгар ылсан, ымпыгын-чымпыгын быһаарсан, үс сыл иһинэн толору исписэлиис буолбутум, дьэ үүннүм-сайынным диэн толкуйданан баран бэйэм бизнеспин арыммытым. Бу тэрилтэ билигин суох, ыһыллыбыта.

Тугунан дьарыктанаҕыт?

2019 с. ИП буолбутум. Биһиги эйгэбит уоту уонна ититиини кытта сибээстээх. Ол аата счетчиктары туруорабыт, дьон дьиэтэ сылааһы төһө туттубутун таһаарабыт. Хочуолунайтан дьиэҕэ ититии төһө киирэрин, сылааһы төһө тутарын, төһө харчыны, уоту сиирин ааҕабыт, уопсай хартыынаны таһаарабыт. 261 федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран үлэлиибит. Сокуоҥҥа этиллэринэн, сылааһы тутар дьиэ уопсай хочуолунайтан ититиллэн олорор буоллаҕына, счетчик хайаан да туруоруохтаах диэн.

Мин көрүүбүнэн, Арассыыйа ититиигэ биһиги дойдубутугар сылга 14-16 млрд солкуобай сууманы көрөр.  Бу харчы кырдьык олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар барда дуо диэн Арассыыйа бырабыыталыстыбата көрүөн баҕарар. Счетчик турдаҕына уопсай хартыына көстөн кэлэр. Инньэ гынан билигин цифровизациялаан эрэбит, билигин хас биирдии улахан дьиэҕэ, эбийиэккэ счетчик хайаан да турар буолуоҕа. Энергосбыт барыларыгар счетчик туруорар кыаҕа суох, харчылара тиийбэт, ол иһин тустаах тэрилтэ ылыстаҕына сатанар уонна бэйэлэрин хонтуруоллуур тэрилтэ хайаан да счетчик туруортарар.

Бу счетчиктары ханнык улуустарга туруордугут?

Өймөкөөн улууһугар алта эбийиэккэ туруордубут. Балыыһаларга, “Алмазэргиэнбаан”, биэнсийэ пуондатыгар, о.д.а. тэрилтэлэргэ. Маны таһынан, 25 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ.

Биир счетчик сыаната төһө буоларый?

180-200 тыһ. солк. тэҥнэһэр.

200 тыһ. сыаната үрдүк буоллаҕына куонкурус ыытаҕыт?

Бүддьүөт тэрилтэтэ бэйэтэ куокурус ыытар, онно биһиги кыттыахпытын сөп буолар.

Тэрилтэҕэ хас үлэһит баарый?

Аутсорсинг диэн сайдан турар. Тустаах исписэлиистэрбин билсэн, кэпсэтэн ыҥырабын. Эбийиэк куруук баар, үлэ хаһан даҕаны тохтообот. Билигин биир үлэһити ыллым, инникитин элбэх эбийиэги ылар былааннаахпын.

Пандемияҕа оҕустардыгыт дуо?

Соччо оҕустарыы суох. Ол да буоллар, сорох исписэлиистэргэ бытаарыы баар эбэтэр ким эрэ ыалдьан хаалар. Ааспыт сыл сүрдээх уустук дьаһаллаах ааста. Быйылгы сылга былааммыт хара баһаам.

Тэрилтэҕэ үлэлиир ордук дуу, бэйэ бизнеһин арынар ордук дуу?

Киһи сайдыан наада уонна ханнык да ыарахан түгэҥҥэ бэлэм буолуохтаах. Бэйэҕэр үлэлиир быдан табыгастаах уонна эппиэтинэһэ үрдүк, киһи бэйэтин да тургутан, холонон көрүөн сөп.

Бэйэ бизнеһин арынар дьоҥҥо тугу сүбэлиигин?

Куттанымаҥ уонна иннигит диэки эрэллээхтик хардыылааҥ. Туруоруммут былааҥҥытын күн ахсын кыра да буоллар ситиһэргитигэр баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....