Алдьатыы дөбөҥ, оҥоруу уустук
Кылгас кэм иһигэр, ити барыта саҥа төрөөбүт кулунчук муҥнаахха эмискэ түмүллэн, чахчы да ыар сүгэһэр буолла. Ол эрэн бу сиргэ Дьөһөгөй оҕото буолан сылдьарга айыллыбыт ис айылгытын күүһэ уонна тыыннаах хаалар баҕата баһыйан, эдэр биэ быраҕан барбыт кулуна талахтар быыстарынан ыллык омоонун булан бастакы сэмэй хардыыларын оҥордо. Ити курдук сүүһүгэр туоһахталаах, хара өҥнөөх кулунчук будьурҕай кутуруга эрбинньэхтэнэн бүтэйи кыйа ийэтэ барахсан туран хаалбыт минньигэс сытын батыһан оргууй аҕай түөрэҥэлээн тойтоһуйа турда...
Бэс ыйын ортото буолан от-мас тыллан, үөн-көйүүр тиллэн күн ортото Кулуһуннаах алаас иһэ бокуойа суох биир кэм күйгүөрэн олорор. Манна эбии кэрии тыа кэтэҕэр кэҕэ кыыл тохтоло суох чоргуйар, ходуһа үрдүгэр күөрэгэй быыстала суох дьырылыы туойар. Быйыл кэлэн куула тыа саҕатыгар быыһа-арда суох уйаламмыт тураах үөрүн аймалҕана, толбонурар толору уулаах күөл хоптолоро аймана-саймана быыстала суох төттөрү-таары көтөрө, олохтоох көҕөн, моонньоҕон, чөккөөкү, бараах арааһын саҥата самаан сайыны өссө киэргэтэргэ, өссө тупсарарга дылы.
Чэ быһатын эттэххэ, субу манна олох бэйэтэ туһугар омуна суох күөстүү оргуйан бидилийэр.
Бу Кулуһуннаах алаас күөлэ күһүөрү сайын ийэ уутугар диэри уоллаҕына уолбата илиинэн, оттон ходуһата техниканан оттонор көбүс-көнө хонуулаах, олус өлгөм үүнүүлээх үтүөкэн алаас. Оттон окко киириэх иннинээҕи мэччирэҥин, күһүҥҥү өттүгэр оторун, кыһынын хаһыыга киирбит сылгыны уотарын туһунан киһи кэпсии да барбат. Ол курдук сылы эргиччи туһалаах буоллаҕа эбээт, бу Кулуһуннаах сыа-арыы аллар алааһа барахсан дьэ. Уонна оттон күөх быйаҥыттан сылын аайы үгүөрүтүк бэрсэр өҥ оттоох алаас буолан, сэрии иннинээҕи колхуостаахтарынан бэркэ диэн кыһанан-мүһэнэн эргитиллибит былыргылыы – эргиччи сирэйдии суоруллубут сиэрдийэ сүүрдүү үс үүттээх остуолба бүтэйдээх. Өбүгэлэрбит этэллэринэн: бүтэйдэммит алаас бэйэтэ ампаардаах ас буоллаҕа. Аны бу букатын аҕыйах хонугунан кыһыны этэҥҥэ туораабыт ынах сүөһү икки сылгы саҥа тыллыбыт күөх оту сиэн сэниэ киллэриммитин кэннэ бүтэйин аана бүтэһик кээһиилээх от түстэнэн күрүөлэниэр диэри лип сабыллыахтаах.
Бүгүн оройуон кииниттэн киэһэ хонугар тиийэрдии суоттанан хоҥнор идэлээх колхуос биригэдьиирэ, ааттыын Биригэдьиир Дьөгүөр, тоҕо эрэ эрдэлээн тахсан иһэр. Кини киһи кэпсээҥҥэ киирбит хаамыылаах дьоруо сиэр ата, дьиэтэ чугаһаан сэниэлээхтик сиэлэн иһэрин, айан суолуттан туора Кулуһуннаах диэкки аатыгар эрэ салайа тарта. Онуоха ата иҥэрсийэн ылаат, тыбыыран тырылата-тырылата туос бөтөрүҥүнэн саҥа үүнэн эрэр алаас дыргыл сыттаах ходуһатын диэкки соруттарыыта суох түһүнэн кэбистэ. Дьиҥинэн, ити Дьөгүөр бэҕэһээ отчуотун туттараат киэһэлик дойдутугар тахсыахтаах киһи, кытта төрөөбүт хаартылыыр кыдьыга батарбакка, аҕыйах харчытыгар ханыы тардан бытархай сыыһа эбинээри диэн Биэчэрэлээх Сэмэҥҥэ киирэн сарсыарданан сиэбэ тэбэнэн, дьэ кырдьык да, киҥэ-наара холлон, иһигэр бууса буһан, барыны бары мөҥүттэ иһэр этэ.
- Сатана баара, хайдах остуолга олоруохпуттан хаартым хара маҥнайгыттан таайбатын, дьиэм туппатын билэ-билэ өчөһөн иэдэйдим. Тууй сиэ, ымсыыбар сэттэ сиэбим тэбэниэр, букатын эстиэхпэр диэри олордоҕум үһү бу акаары баара! Сатаатар оонньуу оройугар Куула сатана уксан, ситэритин Кирэдиит Кириисэҕэ иэс биэрэн алдьаннаҕым ээ дьэ ити. Оо, аһай диэбэккиэн! Чэ буоллун, хайыам баарай оттон. Харчы диэн кумаахы буоллаҕа. Бүгүн баар, сарсын суох. Этэҥҥэ сырыттахха оччолоох харчы илиим иһинэн кэлиэ да, барыа да буоллаҕа. Бээ-бээ, хайа баҕаһын, аныгыскы сырыыга хаарты маатыска чиэрбэтин хотуна мичик гынар ини, – диэн тиһэҕэр Дьөгүөр бэрт судургутук бэйэтин уоскутунна.
Оттон доҕоттор, ол алааспыт куулатыгар хатыҥ булкаастаах талахтар быыстарыгар кыһыл тураҕас кытыт биэ бүтэй таһыгар субу төрөөн турар. Саҥа төрөөбүт эдэр биэ хараҕын далыгар мэччийэ сылдьар үөрүн суохтаан, сотору-сотору өндөс гынан көрө-көрө хара өҥнөөх, сүүһүгэр туоһахталаах оҕотун оргууй аҕай эйэргии таптаан, иэҥэрсийэн кэбиһэ-кэбиһэ салыы турда. Бүөм соҕус сир уонна бүтэй ааныттан лаппа тэйиччи буолан кулуннаах биэ турара киһи хараҕар соччо быраҕыллыбат. Онон Дьөгүөр санаатыгар да аралдьыйан буоллаҕа, саҥа төрөөбүт биэни бу тураҕын ээ барахсан диэн өйдөөн-дьүүллээн көрбөтө.
Арай бүтэй хара дьүһүннээх, ураанньыктаах, ааттыын Хара Атыыр аттаах киһини атыҥыраан алаас иһин толорон сүр уһуннук кистээн дьырылатта. Бу быйылгы күөххэ уонугар үктэммит дьөһөгөй оҕото Маалыкай сылгытын собуотуттан убаһатыгар аҕалыллыбыта. Онон олохтоох сылгытааҕар бөдөҥ-садаҥ, төрүөҕэ үчүгэй, биэтин барытын сылын аайы буоһатар буолан колхуоска эрэ буолбакка, оройуоҥҥа биир бастыҥ атыырынан ааҕыллар. Үөрүн көҥөнөн Хара Атыыр хаһан да кырыллыбатах сиэлэ ыһыллан, сарбыллыбатах кутуруга субуллан, хараҕын саба түспүт сүүмэҕэ үрэллэ-үрэллэ биэлэрин биир сиргэ мунньан төттөрү-таары сүүрэн батыччахтаата. Бөдөҥ сэниэлээх сылгы сымнаҕас сир кырсын туйаҕынан батарыта үктүөлээн логлоруппут кырсын буора иһэҕиттэн хоҥнон ыраахха диэри бытарыйа ыһыахтанна. Хара Атыыр уонтан тахса биэтэ быйыл барыта төрөөн, үөрэ икки төгүл эбиллэн, бэйэтэ да ситэри силигилии ситэн күннээн-күөнэхтээн сылдьар кэмэ. Оттон ити күрүө таһыгар бүөм сири булан төрөөн турар кыһыл тураҕас кытыт – бу үөр саамай бүтэһик уонна хойутаан кулуннаммыт эдэр биэтэ.
Дьэ Дьөгүөр үүнүн тимирин кылырҕаппытынан чээлэй күөх оту хабыалыы сатыыр атын хантаччы тардаат, үмүөрүһэн эрэр сылгы үөрүн диэкки тиҥилэхтээн кэбистэ. Бэйэтэ да киҥэ-наара холлон иһэр киһи хаартылаан сүүйтэрбит кыһыытын таһаара таарыйа бу сылгылары Кулуһуннаахтан таһааран ситиһэн уоскуйарга санаммыта бааламмакка дылы. Ол эрээри биригэдьиир киһи саатар биирдэ үлэһиттэрин соруспакка эрэ илэ бэйэтинэн сылгылары таһаартаан баран бүтэй аанын саптаҕына да туох буолуой.
Хата, Хара Атыыр бастаан суоһурҕанан дьохсооттоһуох курдук туттан-хаптан, атын үлүгэрдик тыбыыран таныытын тырылатан хантаарыҥнаан баран, туһа тахсыбатын билбиттии халыҥ үөрүн бүтэй аанын диэкки күөйэ тутта. Онтон инникилээбит кырдьаҕас сиэр биэни батыһан барбыт үөрүн кэнниттэн оргууй батыһан бара турда. Үөгүтэ-хаһыыта уонна сырыһыннарыыта суох бэрт ыраахтан тахсар ааны тутуспут сылгылары көрөн, Дьөгүөр былаана табыллан санаата лаппа көтөҕүлүннэ. Баччалаах улахан алааһы биир гына сылгы үөрүн атынан да сырсар саастаах киһиэхэ сыанан-арыынан аҕаабата биллэр. Бүтэй аанын былдьаспыт сылгылары батыһыннары көрөөт Дьөгүөр аргыый наллаан атыттан түстэ. Көһүйбүт атахтарын уунаҥнатан, этин-сиинин уһугуннара таарыйа кэдэҥэлээн, тыыллаҥнаан баран сүһүөҕэр олороорон биллэрдик эбиллибит оту сэрэммиттии астына имэрийэн ылла. Ити кэннэ үөрүйэх киһи сиэринэн от сиэмэтэ быйыл хойуутун уонна быһа барыллаан төһө от кэлиэҕин өйүгэр тута суоттуу оҕуста. Иһигэр Быһыйа звенота былырыыҥҥытааҕар быдан элбэх оту ылыыһы дии санаата. Быһыйа звенота сылын аайы уларыйбат буолан, үлэһиттэрэ бэйэлэрин нэмнэрин бэркэ билсибит дьон. Асчыттара Маанньа ааттаах асчыт. Уолаттар бэйэлэрэ да бары буор балыксыт, булчут буоланнар илимнээн, Байанайдара биэрдэҕинэ хараларын да бойумнук булунар дьон.
Оттон звено оттоон бүтэрин саҕана уолбатын-хайырҕатын ыалларга бырыһыаҥҥа оттуурга диэн үллэрдэххэ, оҕонньоттор-эмээхситтэр сиэннэрин чомой оҥостон биир-икки ынахтарын кыстатар отун ылыыһыктар. Онно кинилэр дьэ үөрүйэх дьон. Кырдьаҕастар барахсаттар былыргы дьон сиэринэн илии хотуурунан, харах харатын курдук харыстаан уура сылдьар буускаптарынан уолбатын эрэ буолбакка, хас талах быыһын барытын ырыыскалаһан, ол эбэтэр ходуһа хонноҕун-быттыгын хасыһан, отун биир умнаһыгар тиийэ тирбэҕэлэһэн хата кимнээҕэр элбэх оту сомсооччулар. Дьэ оннук кичээҥи дьон ити урукку колхуостаахтар барахсатттар. Хата инньэ гынан Дьөгүөр бу Кулуһуннаах алааһын механизированнай аҥаардаах звено оттоон ааспытын кэннэ сити курдук ыалларга үллэрэн ходуһатын сыыһырдыбат да, талаҕынан да саба үүннэрбэт. Кэтэхтэригэр оттооччу оҕонньоттор идэлэринэн уопсай от күрүөтүн санаалара батарбакка кэлэ-бара син биир көрө-истэ, наада тирээтэҕинэ соруттарыыта суох абырахтыы, сөргүтэ сылдьааччылар. Оччотугар кини ити чааһыгар ыанньык кыстыкка киириэр диэри төбөтө ыалдьыбат. Биригэдьиир бүтэйин аанын кичэйэн саба туран ити курдук бэйэтин толкуйа дириҥиттэн санаата чахчы көнөн уонна бэттэх кэлэн, уоһун иһигэр киҥинэйэн ыллыы-ыллыы дэриэбинэ хайысхатынан туһулаат сиэр атын атара сэлиинэн айанната турда.
Хара Атыыр алаастан тахсан иһэн эдэр биэтин сүтэрэн кистээн дьырылата-дьырылата турбахтыы түстэ, онтон үөрүн кэнниттэн Үчүгэй үрэххэ киирэр кыһыҥҥы суолу батан түһэ турда. Онуоха бу соторутааҕыта төрөөбүт кыһыл тураҕас биэ үөрүн сайыһан иҥэрсийэн ылаат, төбөтүн умса туттан илгистэ-илгистэ улаханнык ыксаабыт быһыынан төттөрү-таары сүүрэлээтэ. Эмиэ да ийэ буолан оҕотугар таттарара сүрдээх, эмиэ да эдэрэ бэрт буолан үөрүн сайыһара оннооҕор ордукка дылы. Ити курдук үлтү буккуллан, тоҥ күөс быстыҥа мучумааннанан баран оҕотун эмнэрбэккэ эрэ эдэр эдэрэ өтөн, кытыт биэ кулунчугун хаалларан кэннин да хайыһан көрбөккө үөрүн эккирэтэн ыарҕа талах быыһынан аҕыйахта элэҥнээн хаалла.
Уп-уһун кэдэрги тардыллыбыт кыламаннарын быыһынан чох хара хараҕынан үөрүн сырсан барбыт ийэтин батыһыннара көрөөт, ийэ үүтүн амтанын да билбэккэ тулаайах хаалбыт кулунчук тураары үнүөхтээн иһэн кыаммакка умса баран түһээхтээтэ. Орто дойдуга хайдах кэлбитэй да, сол курдук соһуччу тулаайахсыйбыт эрэйдээх бокуойдаабакка быыстала суох сабыта түһэр кумаартан, үөнтэн-көйүүртэн көмүскэнэн баһын быһа илгистэн таллаҕар кулгааҕынан сапсына, өтөр-өтөр тириитин тардыалатан дьигиҥнэтэ сытта. Ол сытан хантан сэниэлэммитэ эбитэ буолла, бэрт сорунан үнүөхтээн нэһиилэ туран кэллэ уонна түөрт түөрэм туйахтарын сыыһынан тирэнэн илибирии-илибирии ситэри билбэккэ да хаалбыт ийэтин сайыһан, кини субу аҕай минньигэс сыта туран хаалбыт суолун диэкки мунаарбыттыы, мунчаарбыттыы, сайыспыттыы көрдө. Дьиҥинэн киниэхэ барыта сонун, барыта дьикти курдук эрээри, тура төрүү тулаайах хаалбыт эрэйдээххэ уонна ийэ үүтүн амтанын адьас да амсайбатах туос аччык муҥнаахха тулалыыр эйгэтэ эйэргэһэргэ тиэтэйбэтэ. Эйэҕэһэ суохтук, уот бастааҥҥыттан хара кулуну хаҕыстык көрүстэ.
Бүгүн сарсыарда Өрүүнэ ынахтарын ыан баран, күүлэтин аанын айаҕар сынньана таарыйа табаахтыы олордо. Кэргэнэ Ырбай Ылдьаа сылгыһыт буолан дьиэтигэр-уотугар хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт аҥаардаах киһи. Онон дьиэ-уот, хаһаайыстыба көрүүтэ-истиитэ барытан бэйэтин илиитигэр. Быйыл үс ынахтааҕа үһүөн тыһы ньирэйи төрөөн Өрүүнэ үөрүүтэ үгүс уонна үүтэ, үрүҥ аһа да дэлэй. Бу уруккута учаастак улахан колхуос киинэ буолан тулатыгар, чугаһынан мэччирэҥ да баардыҥы. Кыстыкка отунан тутахсыйбатах буолан уопсай уонна кэтэх ыал ыанньыгын үүтэ билигин күн аайы үрүлэччи эбиллэ турар.
Дьэ кырдьык бу Куду уруккута колхуос киинэ эрдэҕинэ оскуолалаах, оҕо саадтаах, лааппылаах, кулууптаах этэ буоллаҕа. Оттон колхуостары бөдөҥсүтүү ухханыгар дьоно-сэргэтэ оҕолорун үөрэттэрээри үгүстэрэ нэһилиэк киинигэр көспүттэрэ. Онон билигин Куду барахсан уруккута буолбатах. Нэһилиэнньэтин ахсаана, дьиэтэ-уота, улахан тутуута да аны аҕыйаан турар. Сүнньүнэн ыанньыксыттар уонна субай бостууктара, сылгыһыттар, кадровай булчуттар эрэ хаалбыттара уонна олору аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан хааччыйарга диэн кыра лааппы, эргэ кулууп, арыы сыаҕа баар уонна оройуоннааҕы киин балыыһа биир үлэһиттээх медпууну тутар.
Өрүүнэ үүтүн эриттэрэ турдаҕына хойуу куудара баттахтаах сиэн балта Уоча туран суунан-тараанан баран соруттарыыта суох былыргы алтан сылабаарга хаппыт хардаҕаһы чыыппааннаан симэн чэй өрө туруорда. Ити Өрүүнэ кыыһынан сылдьан оҕоломмут балта Кэтириис соҕотох кыыһа Уоча барахсан ис сүрэҕиттэн сүрдээх бүгүрү, сыыс-буор саараама сыстыбат оҕото. Барахсаным ийэтин курдук ис-иһиттэн чэбэр, чэнчис. Оттон ийэтэ Кэтириис эрэйдээх кыратыттан ааһах буолан, кыыһа кыратыгар сэллигин ситэри эмтэммэккэ уһаабатаҕа. Онон Уоча үһүттэн эдьиийигэр иитиллэ сылдьар. Онон Өрүүнэ мурун бүөтэ кыыһыгар ханыы гынан, таарыйа дьиэһиттэнэн дьэ абыранна.
Бүгүн Өрүүнэ өрөөбүччэ өр сылларга сайылаабыт Балаҕаннаах сайылыгар биир алааска оонньоон улааппыт дьүөгэтэ Огдуос кыыһа Татыйыынаҕа баран кэлиэхтээх. Өссө онно үлэлиир эмдилиэссик Даарыйаттан сэппэрээтэр эрэһиинэтэ ылыахтаах. Ааспыкка лааппыга түбэһэ көрсөн сэппэрээтэрим эрэһиинэтэ быһынна диэн суҥхарбытыгар, миэхэ эйиэнигэр сөптөөх ордук эрэһиинэ баар диэбитэ. Хата санаабычча эрэһиинэ ылыллыа этэ диэн бэйэтэ бэйэтигэр мүчүйэн ылла. Ити Даарыйа эмиэ ыаллыы алаас кыыһа, аҕыйах сыл аҕа эрээри бары биир түөлбэ оҕолоро буолан кыраларыттан бэйэ-бэйэлэрин бэркэ билсэллэр. Хайалара да тулаайах аҥаардаах улаатаннар салгыы үөрэнэ-хайыы барбаккалар колхуос тутаах үлэһиттэрэ буолбуттара. Даарыйаҥ билигин да ааттаах от охсооччу, Татыйыына кыра да буоллар оччоттон бастыҥ мунньааччы, оттон Өрүүнэ аатырбыт бурдук түүтэҕин баайааччы.
- Чэ бэйи, арааһы, буолары-буолбаты ыатараммын аны олорон хаалаары гынным. Хата бачча санаабычча дьүөгэлэрбэр кыра чэй, табаах сыыһа, оҕолорго ыйааһыннаах кэмпиэт кэһиилээх барыахха. Оҕолоор, чэйиҥ чэйдии охсуоҕуҥ. Онтон мин лааппыга баран кэлиэхпэр диэри остуолгутун хомуйуҥ, дьиэҕитин өрө тардыҥ. Кэллим да үһүөн Балаҕаннаах сайылыгар барыахпыт - диэн Өрүүнэ идэтинэн сымнаҕастык саҥаран унаарытта. Ол кэннэ кыргыттарынаан сулбурҕа соҕустук чэйин истэ да быһа лааппыга ойдо. Кини тахсаатын Уочата эһиил оскуолаҕа барыахтаах балта Оочуккалыын күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ иһиттэрин-хомуостарын сууйа-сото, дьиэлэрин иһин дьаһайа хааллылар. Оочукка алталаах да буоллар бэрт чобуо, сытыы, саҥаран баран төннөөр диэбит киһилэрэ доҕор дьэ. Ону ааһан сорох улахан киһитээҕэр ордук болҕомтолоох, туһугар эмиэ дьикти кыыс оҕо.
Эбиэт кэннэ арай дьоммут Балаҕаннаахтан төннөн истэхтэринэ Оочуккалара оҕо оҕото өтөн иннилэригэр суол икки кытыытынан лыахтары сырсан сүүрэн сэрбэкэччийэ сырытта. Ол сылдьан кучу от быыһыгар бырда быстан сытар били – туоһахталаах ыас хара өҥнөөх кулунчукка кэтиллэ түһэн дьонун ыҥырар саҥата уокка арыыны куппуттуу биирдэ умайыктана түстэ. Онуоха дьоно саба сырсан кэлэн дьэ Оочуккаттан ордук соһуйуу-өмүрүү бөҕөтө:
- Чээн.
- Эрэйдээҕи даа.
- Бу барахсаны.
- Хайаа, муҥнааҕыҥ адьас туос аччык эбит дии. Киһи тарбаҕын супту эмээри гынна.
- Бу эрэйдээх хантан кэлээхтээбитэй. Ханнык үөртэн хаалбытай. Ийэтэ хайдах буолаахтабытай ити? - эҥин дэстилэр.
Оҕолор кулунчугу аһынан имэрийии-томоруйуу, араастаан ааттаан, эҥинэ бэйэлээх минньигэстик таптаан бөҕөтө буоллулар. Кулунчугу урут булбут киһи быһыытынан ордук Оочукка отой сүрдэннэ. Уйарҕаан, ымманыйан, уйадыйа манньыйан адьас буорайда. Сып-сылаас муннутунан сурдурҕаччы сытырҕалаан, сып-сымнаҕас уоһун оҕотунан ас көрдөөн ибигирэтэн биирбит биирбитин эбии иэдэттэ.
Өрүүнэ сылгыһыт кэргэнэ буолан бу кулунчук хаһан төрөөбүтүн, тоҕо бу соҕотох суол кытыытыгар быстан кэлэн сытарын сэрэйдэ эрээри таһыгар таһаарбата. Хааллардахтарына уһаабат туруктааҕын иһин кулунчуктарын нэһиилэ туруоран, үһүөн өйөөн-убаан, аара хаста да сынньатан дьиэлэригэр син аҕаллылар. Оҕолор тиэргэннэригэр киллэрэн бүөбэйдэһэр кэмнэригэр ийэлэрэ аны ыалтан ньирэй аһатар иһит, суоска уларсан уонна үүт сылытан кутан бэлэмнээтэ, онтон үһүөн көмөлөөн кулунчуктарын бэркэ сэрэнэн кыра-кыралаан хаста да аһаттылар. Ол кэннэ илдьэн хотон иһигэр хаайдылар, ааннарын маһынан баттаттылар. Нөҥүө күнүгэр сарсыарда ааттаах эрдэ Оочукка оронуттан тураат хотонтон кулунчугун кытары куустуспутунан таҕыста. Сэниэ киллэриммит кулунчук бэҕэһээҥҥитэ буолбатах, адьас атыным буолла. Ийэтэ бэлэмнээбит суоскалаах сылаас үүтүн муннугар үҥүлүппүтүн биирдэрэ тута үөрүйэхтик хабан ылла уонна минньигэс баҕайытык иһэн кэбистэ. Онтон уос-тиис соттуу, сылаас муннуттан сыллаһыы кэнниттэн топпут кулунчук сэрэммиттии тиэргэн иһин Оочуккатынаан тэбис-тэҥҥэ чинчийэн төттөрү-таары сырыста.
Дьэ уонна устар сайыны быһа Оочукка хара сарсыардаттан күн киириэр диэри кулунчугун ыт оҕотун курдук бүөбэйдээн, мэктиэтигэр бииргэ оонньоон сайылаата. Сайыны быһа Күлүк диэн кырдьаҕаһын ааһан дөйүҥү ыт харабыллаах, алҕаска булуллубут дьолугар Булумньу диэн ааттаммыт кулунчугун балаҕан ыйыгар диэри хамнастаах үлэлээх киһи курдук бостууктаан икки буостуктаан улаатыннарда. Үһүөн саппай уопсан батысыһа сылдьан сайын үтүөтүн бараатылар. Тойуу саахары, араас минньигэһи иктэни Булумньу дьэ бэркэ сөбүлээн сиир. Лэппиэскэни, килиэби да биэрдэххэ сирбэт. Аны Өрүүнэ бэтэринээр Өлөксөй сүбэтинэн үүтүгэр балык сыата эбэр, битэмиин да сиэтэр, ол быыһыгар Өлөксөй бэйэтэ өссө иккитэ кэлэн тох эрэ хаппыт диэн ааттаах укуол да туруорда. Кулунчукпут бэйэтэ да сымнаҕас, сүрдээх чычаас буолан оҕоҕо-урууга, оҕонньорго-эмээхсиҥҥэ сүрдээҕин сөбүлэттэ. Бэркэ диэн таптанан, кимнээҕэр да боссонон, имэриллэн-томоруллан этэҥҥэ улаатан истэ. Дьиэтийбит, оҕону кытары сылдьан сайылаабыт буолан киһи этэрин мэктитэтигэр өйдүүргэ дылы. Оочукка олох тэҥнээх дьүөгэтин курдук кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьар. Булумньу да өйө диэн сүрдээх. Үөрүнньэгэ, киһи курдук дьээбэтэ-хообото, оҕо курдук мэнигэ. Көнньүөрдэҕинэ түөрт атаҕынан өрүтэ ыстаҥалыыр, мэниктээтэҕинэ кэлин атахтарын тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ туора-маары ойуолуур, кистээн дьырылата-дьырылата тамайа сиэллэҕинэ будьурҕай кутуруга эриллэр. Баҕардаҕына ытыран да көрөр, сыттаан-сыллаан ылар. Чэ быһата Кудуга олору бырааптаах көҥүл «киһи».
Дьэ оттон, биһиэнэ буолан баран хайаан да туохтаах эмэ буоллаҕына сатанар. Оҕо барахсан үтүөнү оҥорбута үчүгэй түмүктээх буолуо баара дуо?!
Биир үтүө күһүҥҥү күн, ыраас халлаан үрдүгэр этиҥ эппитин курдук, Оочуккаҕа ийэтэ Өрүүнэ олус хомолтолоох сураҕы иһитиннэрдэ. Бэҕэһээ киэһэ оҕолор лапталыы сырыттахтарына Биригэдьиир Дьөгүөр ааһан иһэн бу кулунчук колхуос биэтин оҕото, онон уопсай баай буоларын быһыытынан сарсын ааһан иһэн сылгыһыттарга чугаһата таарыйа Кээнэкээн сайылыгар илдьэбин. Ону сылгыһыт уолаттар бу күннэргэ отторун кээстилэр да өйүөлэрин ылан төннөн иһэн Кубалаахха илдьэ барыахтара диэбит. Биригэдьиир Дьөгүөр Куду муҥур тойоно, онон кини тылынан да, суругунан да дьаһала манна биир тыла суох булгуччу толоруллар.
Оо, ону истэн баран Оочукка кулунчуга муҥнааҕы аһыйан түүнү супту ытаан хонно. Инньэ гынан сарсыарда икки хараҕын халтаһата дьолточчу иһэн турда. Ойон тураат таһырдьа тыбыгырайан тахсыбыта, Булумньута идэтинэн тойуу саахар сиэри кинини күүтэн аан иннигэр субу хап-харанан көрөн, кулгаахтара чөрөйөн тураахтыыр.
Онуоха Оочукка кулунчугар саба түһэн кууһан баран, оҕотук уйан дууһата уйадыйарын кыайан тулуйбата. Туттуна сатаата да адьас кыаммата. Кууһан турааран кулунчугун аһынан, кыатаммакка, саҥа таһаарбакка эрэ ис-иһиттэн дириҥник уһуутаан ыла-ыла иэйэн-куойан ытаата. Ол икки иэдэһинэн хараҕын уута сүүрэ туран өйдөөн көрбүтэ, Булумньута эрэйдээх икки кулгааҕын ньылатан, төбөтүн оҕо санныгар сымнаҕастык сыһыары ууран баран, иччитин кытары тэҥҥэ иҥэрсийэн эмиэ киһи курдук ытыы турар эбит. Букатын арахсар бүтэһик түгэн кэлбитин кини да сэрэйэн эрдэҕэ. Кулунчук киһи курдук өйдөөх хараҕыттан, уһун кыламаннарын быыһынан сып-сырдык бөдөҥ таммахтар эр-биир ыгыллан тахсан сылаас иэдэһин устун сүүрэн аан айаҕын иннигэр тэлгэммит хатырык муостаҕа түһэллэрин – кыыһын батыһан тахсыбыт Өрүүнэ түбэһэ көрөн эмиэ тулуйбата. Кини хараҕар аҕатын сэриигэ атаары долгутуулаах түгэнэ, хара суругу тутуу ыар күнэ, ийэтэ эрэйдээх үлэҕэ баттатан тымныйан суорума суолланыыта, оҕо сааһыгар балтынаан тулаайах хаалбыта, кыһалҕалаах олохторун эрэйэ-муҥа барыта биир күдьүс кылгас кээмэйдээх киинэ курдук хараҕын иннигэр элэкис гынан элэҥнээн көстөн ааста. Аны Өрүүнэ ахтылҕан, мунчаарыы, арахсыы курус иэйиититтэн уйадыйан сиидэс былаатын уһугунан халыс гыммыт хараҕын уутун сэрэнэн сотунна уонна тыаһа суох хоһугар төттөрү киирэн сыттыгар умса түһэ сытан, өр сылларга тууйуллубут ыар-баттык санаатын тэбээн саҥа таһаарбакка эрэ уйа-хайа суох ытаан икки санна дьигиҥнии сытта. Ийэтин-аҕатын, баар суох балта Кэтирииһи, сэриигэ баран өлбүт бииргэ үөскээбит үөлээннээх уолаттарын, сэрии саҕана тыылга ыар олох охсуутун тулуйбакка эрдэ суорума суолламмыт билэр дьонун түмүллүбүт истиҥ ахтылҕанын, сүрэхтэн ыгыллан тахсыбыт хараҕын уутун сыттыгар сөҥөртө.
Сотору буолаат Биригэдьиир Дьөгүөр аттанан-атыырданан кэлэн, буруйдаах киһилии туттан үгүс-элбэх саҥата-иҥэтэ суох тулаайах кулунчугу уопсай баайга холбоору атыгар сэтиилэнэн Сиэр Ат диэкки суол аартыгын тутуһан сиэллэрэ турбута.
Кэлин, Булумньутун кытары арахсыытын аһыыта арыый да мүлүрүйбүтүн кэннэ, биир сарсыарда, Оочукка эрдэ уһуктан дьиэтиттэн тахсан иһэн, күүлэ аһаҕас аанын ойоҕоһугар ийэлээх-аҕата олорон отур-ботур кэпсэтэллэрин истээри атаҕын төбөтүгэр үктэнэн чочумча турда. Онно билбитэ кини ииппит кулунчуга Булумньу муҥнаах сайылыкка тиийэн да баран уһаабатах этэ. Аара ылан ааһыахтаах сылгыһыт уол Аталла Киэсэ туохтан эрэ тардыллан хойутаабыт. Инньэ гынан нөҥүө нэдиэлэтигэр дуу, хайдах дуу ыанньыксыттар ыаммытынан биэдэрэлээх үүтү туохха эрэ аралдьыйан умнан кэбиспиттэрин титиик таһыгар сылдьар Булумньу уулаан иһэн, эрэйдээх иһэ тааллан* өлөөхтөөбүт. Ону бэтэрэнээр Өлөксөй кэлэн ыанньыксыттар дьалаҕайдарын мөҥүттэ-мөҥүттэ акт суруйбутун кэннэ сайылык бостууга Батаап Дьөгүөр умаппытын истэн соһуйбута эрээри, таһыгар биллэрбэтэҕэ. Аҕата Ылдьаа сылгыһыт буолан Булумньу этэҥҥэ улаатан сылгы буолбута буоллар, өйдөөх уонна үчүгэй көлө эбэтэр атыыр тахсыахтааҕа хааллаҕа диэбитин Ооочукка оҕотук бэйэтэ умнубаттык өйдөөн хаалбыта. Дьон кэпсэтэн бүппүттэрин истэн төттөрү сыбдыйан киирэн оронугар сытынан кэбиспитэ. Өтөр буолбакка ийэтэ Өрүүнэ кэнниттэн киирэн били Булумньутун курдук сылаас, сымнаҕас муннунан сүүһүттэн сыллаан баран суорҕанын көннөрөн тахсыбытыгар тугу да билбэтэҕэ, утуйбута буолан кубулунан оннугар сытан хаалбыта.
Оочукка оччолоох хобдох, кулунчугун кытары арахсыбытын аһыыта өссө ааһа илигинэ ситинник олус куһаҕан сонуну дьонуттан – уоран уонна кистээн истибит буруйун аатыгар буоллаҕа – хомойбут хомолтотун кимиэхэ да эппэккэ хонноҕун анныгар кистээн, кулунчукка убаммыт уйан дууһатын түгэҕэр оччоттон улахан киһилии сөҥөрдөн улааппыта. Ол курдук дьонугар сарсыарда туран тугу да истибэтэх, билбэтэх киһи курдук туттан-хаптан күһүҥҥү килбик күнү күлбүтэ-үөрбүтэ буолан көрсүбүтэ эрээри, билигин да ханна баҕарар кулунчугу көрдө да хаһан эрэ бэйэтэ булбут уонна бүөбэйдээн улаатыннарбыт кулунчугун Булумньу муҥнааҕы санаатаҕына, хараҕар таммах уу тахсыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар.
Дьэ оннук этэ Булумньу барахсан, киһи курдук өйдөөх хап-хара харахтаах, уус киһи муостан кыһанан-мүһэнэн оҥорбутун курдук хара килбэчигэс туйахтардаах, туос маҥан туоһахталаах бүтэй хара дьүһүннээх, мэктиэтигэр оҕо курдук доҕордоспут уонна ис сүрэҕиттэн истиҥник таптаабыт кулунчуга эрэйдээх.
Өскөтүн ийэтэ быраҕан барбыт кулунчугу алҕас оҕо булбатаҕа буоллар, арааһа син биир өлүө уонна таах суор-тураах, үөн-көйүүр аһылыга буолбута ырааппыт буолуо этэ. Биригэдьиир Дьөгүөр даҕаны ама ону билбэтэ буолуо баара дуо. Ол гынан баран, хомойуох иһин, ол саҕанааҕы ирдэбил кытаанаҕа, атына сыттаҕа эбээт. Ыалга босхо улаатыннаран баран, сыллааҕы отчуокка сылгы төрүөҕэр биир убаһаны эбинээри былааһын туһанан туура тутан ыллаҕа. Ыалларын кыыһа Оочукка тулаайах кулунчугу ииппитин оччо билэр эрээри, алталаах кыыс оҕо сайыны быһа ыт оҕотун курдук бүөбэйдээн улаатыннарбыт кулунчугун былдьаһа-тараһа барбакка Өрүүнэлээх Ылдьааҕа биэрэн да кэбиспитэ буоллар туга быстан түһүө эбитэ баарай. Отчуокка, докумуоҥҥа киллэрбэккэ буолан баран.
Дьиҥинэн Дьөгүөр да бэйэтин оҕо сааһа, тус олоҕо олус чэпчэкитэ суох этэ буоллаҕа ону баара. Үс бииргэ төрөөбүт быраата: Испирдиэҥкэ, Хабырыыска, Ньукулааскы, баара-суоҕа уон тоҕус, сүүрбэ икки уонна сүүрбэ биэс саастарыгар сэриигэ баран сураҕа суох сүппүттэрэ. Ийэтэ Балааһа, аҕата Арамаан, биэс бииргэ төрөөбүт балта: Улахан Маарыйа, Даарыйа, Огдооччуйа, Өкүлүүн уонна саамай кыра балтыта, мыттыллыбыт кыысчаан Өлөксөөс эрэйдээх сэриини туораабатахтара... Кыайыы сааһыгар Дьөгүөр төрөөбүт балаҕаныгар турар бэйэтинэн чороҥ соҕотох хаалаахтаабыта. Кырыыстаах сэрии уон хаан-уруу дьонун харан да көрбөккө туолбат маҥалайыгар мэҥиэстибитэ.
Бэйэтэ сэрии тулаайаҕа киһи, диҥ иһигэр, ону өйдүө да эбит...
Муттуххай БОРОҤ
Үөдүгэй. Үөһээ Бүлүү улууһа.
* Тааллар – сылгы, ынах очоҕоһо бааллар, иһэ үллэр