Алдаҥҥа V-ис Кыһыҥҥы спартакиада саҕаланна!
Быйылгы V-ис Спартакиадаҕа кыттар хамаандалар, тэрийэр-салайар үлэһиттэр, судьуйалар, суруналыыстар Алданынан, Нерюнгринэн түһэр-олорор, күрэхтэһэр сирдэрин оптуобуһунан, массыынанан, поеһынан, сөмөлүөтүнэн айаннаан булаталаатылар. Арыый эрдэ тиийбиттэр сүүрэр суолларын үөрэтэн-чинчийэн билистилэр, аа-дьуо анньынан, “классикалаан”, “коньковайдаан” сыыйдылар.
Күрэхтэһиилэри СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Өрөспүүбүлүкэ тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, физическэй култуура уонна спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, миниистир солбуйааччыта Гаврил Мохначевскай, Физической култуура уонна маассабай спорт управлениетын начаалынньыга Роман Оконешников үүннээн-тэһииннээн салайаллар. Спартакиада сүрүн судьуйатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах судьуйа Альберт Трофимов, сүрүн сэкирэтээринэн Гаврил Трофимов, Алданнааҕы Хайыһар киинин баазатын тутан олорор Олимпийскай солбук оҕо спорт оскуолатын дириэктэрэ Максим Скупой үлэлииллэр.
Алдаҥҥа спорт сэттэ көрүҥэр (хайаттан хайыһарынан түһүү, слалом, хайыһарынан куоталаһыы, биатлон, кыһыҥҥы ориентирование, кыһыҥҥы многоборье, шорт-трек), Нерюнгригэ үс көрүҥҥэ (хоккей, фигурнай хаҥкылааһын уонна хотугу многоборье) күрэхтэһиилэр бара тураллар.
Кыһыҥҥы спартакиада аан бастаан 2008 с. ыытыллыбыта. Ковидтан көһөрүллэн 2021 с. буолан ааспыт IV-с Спартакиада күүрээнин Сахабыт сирин күүстээх хайыһардьыттара, спорт маастардара Андрей Коконкин, Ярослав Катлярчук, Владимир Рыбкин, Александр Клуген уонна Никита Шестаков үрдэппиттэрэ. Хамаанданан түмүккэ 1-кы бөлөххө Дьокуускай, Нерюнгри, Алдан оройуоннара; 2-ис бөлөххө Амма, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустара; 3-үс бөлөххө Томпо, Өймөкөөн, Уус Майа, 4-үс бөлөххө Муома, Аллайыаха, Анаабыр улуустара туһааннааҕынан үс бастакы миэстэни ылаттаабыттара.
Кэлбит спортсменнар биэс этээстээх тупсаҕай, эргиччи хааччыллыылаах гостиницаҕа үрдүттэн олорон аһыыллар, утуйаллар, сынньаналлар, спортивнай саалаларыгар уонна стадиоҥҥа дьарыктаналлар, хаһыйардарын кэтэллэр да, дьиэлэрин ааныттан анньынан кэбиһэллэр. Бу мааны, сиэдэрэй дьиэҕэ-уокка, хайыһар дьоһун базатыгар Арассыыйа Олимпийскай хамаандата ыйы-ыйынан эрчиллэн, күүс-уох ылан барара мээнэҕэ буолбатах. Сахабыт сирин бастыҥ хайыһардьыт оҕолоро, ыччаттара, аҕам саастаах бэтэрээннэрэ олимпиецтары кытта бииргэ аһаан-сиэн, тэҥҥэ дьарыктаналлар. Хатастааҕы оҕо спорт оскуолатын тренерэ Степан Контоев иитиллээччилэрин сыллата бу Алдан базатыгар аҕалан эрчийэр. Анал хостордоохтор. Бу дьоһун баазаны сүүрбэччэ сыллааҕыта СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев хотунан-соҕуруунан сүүрэн-көтөн туттарбытын санатар тоҕоостоох.
Билигин трасса былаһын тухары түүннэри-күнүстэри уотунан сандааран, киһи эрэ хайыһардыах курдук. Арассыыйа сүүрэр суолларын кыайыылааҕа, призера, блогер Николай Боякинов үгэһинэн, сэрээккэлии таарыйа, түүн 3 чааска туран, тренердэри, судьуйалары кытта лаампаларынан сырдатыллыбыт трассаны үөрэтэн сүүрэрэ, хайыһардыыра спорка ураты бэриниилээҕин көрдөрөр.
Олохторун хайыһар спордугар анаабыт бэтэрээннэр ортолоругар Римма Алексеева, Галина Сырмолотова, Николай Костромин, Людмила Мезенцева, Клавдия Шелковникова, Семен Эверстов, Иван Федоров бу күннэргэ эрчимнээх эдэр саастарын эргитэ саныыллар. Хайыһар киинин биэс этээстээх сүрүн куорпуһугар сүрүннээн судьуйалар, суруналыыстар, блогердар түстүлэр. Судьуйалар, хамаандалар бэрэстэбиитэллэрэ күннэтэ сүбэ мунньахтыыллар, күннээҕи түмүктэри таһаараллар. Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыы байыастарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһүүлэр буолуталаатылар. Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөнэ, үрүҥ көмүс призера, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Никита Крюков уонна Олимпийскай оонньуулар биатлоҥҥа икки төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ, эмиэ Алданнааҕы маҥнайгы хаар туһатын үчүгэйдик билэр Ольга Зайцева ыччаттары, спортсменнары, тренердэри кытта көрсөллөр, маастар-кылаастары ыыталлар. “Дьулурҕан” хаһыат эрэдээктэрэ Петр Павлов Никита Крюковтан хайдах дьарыктанарын ыйыппытыгар, “Коркин стенкатын” сөбүлүүрүн кэпсээбитэ сэҥээриини ылла.
Крюков Никита: “Хайыһарга үс кыһыл көмүс мэтээлбин, Сочи Олимпиадатыттан үрүҥ көмүс мэтээлбин барытын Саха сиригэр аҕалбытым. Тоҕо диэтэххэ 2012 сыллаахтан бу Алдан баазатыгар, Алдан хаарыгар дьарыктаммытым. Тоҕоостоох кэмҥэ хаары түһэртэрээри, Байанайтан көрдөһөр этибит. Саха сирэ мин олохпор ити курдук улахан суолталаах буолан, сыл аайы кэлэбин. Билигин мэһэйдээх суолга хайыһарынан сүүрүү көрүҥэр тренеринэн үлэлиибин, онон Сахам сиригэр өтөрүнэн кэлбэтим буолуо. Мэһэйдээх суолунан сүүрүүгэ биһиэхэ хаар наадата суох, ону таһынан эһиэхэ спорт ити көрүҥэ киирэ илик. Саха сирин олохтоохторугар кыһын тоҥмоккутугар баҕарабын. Сылаас, сымнаҕас кыһын буоллаҕына, хайыһардааҥ диэн баҕа санаабын этэбин. Спорт бу көрүҥүн мин курдук күүскэ таптааҥ!”
Күрэхтэһиилэр хаамыыларын комментатор Михаил Чугунов сэргэхтик сырдатар. Ыччаттарга дуобакка аан дойду, Европа чөмпүйүөҥкэтэ Тунаара Федорова 10 км уһуҥҥа “классикаҕа” бэркэ түмүктээтэ. Күүстээхтэр кыайыылары ситистилэр. Классическай ньыманан сүүрүүгэ 10 км ыччаттарга Инна Рыбкина (Алдан), Людмила Бронникова (Нерюнгри), Регина Петрова (Нерюнгри; дьахталларга Анастасия Дубова (Алдан), Евгения Сергеева (Дьокуускай), Альбина Абсатарова (Нерюнгри); 15 км Нерюнгри уолаттара Алексей Распутин, Вадим Кривоногов, Александр Процук; эр дьоҥҥо Михаил Соснин (Алдан), Никита Шестаков (Амма), Александр Филиппов (Нерюнгри) туһааннааҕынан үс бастакы миэстэлэри ылаттаатылар.
* * *
Кулун тутар 26 күнүгэр Спартакиада үөрүүлээх аһыллыыта дьиҥ спорт бырааһынньыгар кубулуйда. 29 хамаанда улуустарын, оройуоннарын былаахтарын туппутунан киирдилэр. Улуустар баһылыктара Амматтан Степан Кузьмин, Горнайтан Никита Андреев, Мэҥэ Хаҥаластан Дмитрий Тихонов, Чурапчыттан дьокутааттар мунньахтарын бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников спортсменнарын кытта хаамыстылар. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар, Олоҥхо тыйаатырын «Эрэл», Ю.А. Платонов аатынан эстрада тыйаатырын, Алдан оройуонун Хатыыстыыр бөһүөлэгин «Энэкэн», Алдан куорат «Гэлэн» фольклор ансаамбылларын үҥкүүһүттэрэ, «Далбар Хотун» эбэҥки кулуубун эбээлэрэ түһүлгэни киэргэттилэр. Куорат олохтоохторун күүһүнэн «Көмүстээх Алдан» этномузыкальнай композиция оройуон былыргы төрүттэрин, бастакы көмүсчүттэри, куорат историятын көрдөрдө.
Сергей Местников: “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр спорт араас көрүҥэр элбэх спартакиада ыытыллар. Ол гынан баран биатлон, хоккей, хайыһар, хайаттан түһүү уо.д.а. көрүҥнэр киһи болҕомтотун тардар ураты күүстээхтэр. Быйылгы Спартакиадаҕа урут кыттыбатах улуустар бааллар, чуолаан, хоту улуустар. Инникитин бу хоту улуустарга спорт кыһыҥҥы көрүҥнэрэ сайдалларыгар улахан төһүү буолуоҕа диэн эрэнэбин. Спартакиада үөрүүлээхтик аһыллыыта сүрдээх үчүгэйдик ааста, дьон-сэргэ санаата кэлбитэ, үөрбүтэ-көппүтэ көстөр”.
Спартакиада сүрүн судьуйата Альберт Трофимов хамаандалар күрэхтэһэргэ бэлэмнэрин туһунан иһитиннэрдэ. Олимпийскай чөмпүйүөннэр Никита Крюков, Ольга Зайцева, Бүтүн Арассыыйатааҕы хайыһар күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа спорт маастара Михаил Соснин, биатлоҥҥа Арассыыйа призера Регина Петрова Спартакиада былааҕын флагштокка иилэн, өрө көтөҕөн таһаардылар. Спорт кыһыҥҥы көрүҥнэрин бастыҥ спортсменнара, спорт маастардара Анастасия Дубова, Николай Максимов, Александр Филиппов, Августина Иванова, Надежда Елисеева, Александр Процук, Инна Рыбкина, Никита Шестаков Спартакиада Уотун уларытыһа сылдьан тутан, күлүбүрэччи уматтылар!
Уруй-Айхал! Уруй-Туску! Айхал-Мичил!
Спартакиада салҕанар.