Альберт Семенов Москва куорат Дууматын Бэрэссэдээтэлин кытта көрүстэ
Көрсүһүүгэ бэрэстэбиитэллээх уорганнар салайааччылара бииргэ үлэлээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Алексей Шапошников Москва куорат Дууматын дьокутааттарын ааттарыттан Дьокуускай куорат 390 уонна Дьокуускай куораттааҕы Дуума 200 сылларынан эҕэрдэлээтэ.
«Аныгы Дьокуускай — балысханнык сайдар, тэтимнээхтик улаатар куорат, итиннэ бүтүн национальнай таһымнаах соруктар быһаарыллаллар, Хотугу норуоттар үгэстэрэ, култууралара оннунан хааларыгар үлэ барар. Дьокуускай ыалдьыттара олохтоохтор аламаҕайдарын, эйэҕэстэрин уонна ыалдьытымсахтарын бэлиэтииллэр», — диэтэ Москва куорат Дууматын Бэрэссэдээтэлэ Алексей Шапошников.
Көрсүһүү кэмигэр өрүттэр бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥи түһэрсэр быһаарыыны ылыннылар.
«Икки өттүттэн сибээһи сайыннарар уонна бөҕөргөтөр, социальнай-экономическэй сайдыы эйгэтигэр уопут атастаһар сыаллаах сөбүлэҥ куораттарбыт уонна дойдубут олохтоох бэйэни салайыныылара сайдарыгар күүспүтүн сомоҕолооһунунан буолуоҕа», — диэн түмүктээтэ Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов.