Альберт Семенов киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕы ыытта
Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов муус устар 15 күнүгэр Москва куоракка буолбут киин уонна бөдөҥ куораттар Норуоттар икки ардыларынааҕы ассамблеяларын Экспертнэй сүбэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын ыытта. Бу туһунан Дьокуускай куораттааҕы Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Санатар буоллахха, Альберт Никандрович ити тэрилтэ вице-бэрэсидьиэнэ уонна Экспертнэй сүбэ бэрэссэдээтэлэ. Ити иннинэ Айсен Николаев, куорат баһылыга эрдэҕинэ, Экспертнэй сүбэ бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Ассамблея — Тутулуга суох судаарыстыбалар сомоҕолоһууларын уонна Евразийскай экономомическай сойууһу ситимниир соҕотох тэрилтэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Ассамблея чилиэннэринэн 56 мөлүйүөнтэн тахса нэһилиэнньэлээх киин куораттар уонна регионнааҕы кииннэр буолаллар. Ол иһин үгүс бэрэстэбиитэллэр мунньахха видео-конференция сибээһинэн кытыннылар.
Экспертнэй сүбэ киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар уонтан тахса куорат салайааччылара уонна бэрэстэбиитэллэрэ, Арассыыйа Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын, СНГ экономическай сайдыытын Дьыалабыай киинин, сүрүннүүр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха Ассамблея 2020-2021 сыллардааҕы үлэтин түмүгүн иһиттилэр, быйылгы сылга сайдыы кэскилин торумнаатылар. Мунньахха Ассамблея ситэриилээх бэрэсидьиэнэ, генеральнай дириэктэрэ Владимир Селиванов дакылааттаата.
«Город, где хочется жить» диэн XIV-с норуоттар икки ардыларынааҕы куорат быраактыкаларын көрүү-күрэҕин түмүгүн Экспертнэй сүбэ эппиэттээх сэкирэтээрэ Александр Сягаев, «Город в зеркале СМИ» X-с норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус түмүгүн, ону сэргэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 80 сылыгар анаммыт «Яблоки 41 года» норуоттар икки ардыларынааҕы ыччат театральнай бэстибээлин түмүктэрин кытта Ассамблея генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Юрий Васюнькин билиһиннэрдилэр.