16.08.2022 | 18:00 | Просмотров: 846

Альберт Семенов Бэйэни салайыныы сэбиэтин саҥа састаабыгар киирдэ

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Бэйэни салайыныыны сайыннарар сэбиэт саҥа састаабын уонна президиумун бигэргэттэ. Бу туһунан Дьокуускай куораттааҕы Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэрэсидьиэн 2022 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи 538 №-дээх Ыйааҕар олоҕуран, сэбиэт муниципальнай чааһыгар  Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов киирдэ.

Сэбиэт Бэрэссэдээтэлинэн Владимир Путин, президиум Бэрэссэдээтэлинэн премьер-миниистир Михаил Мишустин буоллулар.

Сэбиэт федеральнай чааһыгар Бэрэсидьиэн дьаһалтатын баһылыга Антон Вайно, вице-премьер Марат Хуснуллин, Бэрэсидьиэн дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Сергей Кириенко, эконономическай сайдыы, үп, тутуу уонна ОДьКХ, юстиция миниистирдэрэ, Федерация Сэбиэтин уонна Судаарыстыбаннай Дуума бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр.

Санатар буоллахха, Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов РФ Бэрэсидьиэнин Олохтоох салайыныы сайдыытын сэбиэтигэр 2019 сыллаахха киирбитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.