Альберт Семенов анал эпэрээссийэ кыттыылаахтарын чугас дьоннорун кытта көрүстэ
Куорат олохтооҕо Саҥа дьыл кэнниттэн сиэнин төгүрүк сыл үлэлиир оҕо лааҕырыгар киллэрэр туһунан көрдөстө. «Биһиги аадырыспытыгар суруйан киллэриҥ, оҕо лааҕырыгар миэстэ биэрэр туһунан Үөрэҕирии управлениетыгар ходатайствоны бэлэмниэхпит», - диэтэ Альберт Семенов.
Наука кыбаарталын (Лонгинов-Чайковскай уулусса быһа охсуһууларын) суолун грейдердээһин туһунан этии киирдэ.
«Олус иллээх кыбаарталлаахпыт, харчы хомуйан суолбутун оҥостобут, сылын аайы сырдатыыны бэйэбит туруорабыт. Суолбутун грейдердээн биэрэллэрэ буоллар», - диэн 21 саастаах мобилизацияламмыт уол ийэтэ көрдөстө, оҕото очнай көрүҥүнэн үөрэнэ сылдьан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барарга быһаарыммыт.
Альберт Семенов иһитиннэрбитинэн, ыйын аайы уулусса-суол ситимин үлэтин былаана оҥоһуллар. Халлаан туругуттан көрөн, эбэтэр олохтоохтор көрдөһүүлэринэн уларыйыылар киириэхтэрин сөп.
«Ити уулуссаҕа грейдердээһин наадатын туһунан Олохтоох дьаһалта туһааннаах структураларыгар ходатайствоны бэлэмниэхпит», - диэн эрэннэрдэ Дуума Бэрэссэдээтэлэ.
Кини бүгүҥҥү күҥҥэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ өйөбүлгэ наадыйалларын бэлиэтээтэ. Дьокутааттар куорпустара араас көрүҥнээх көмөнү оҥорор, ол иһигэр көмө оҥорор штабтар үлэлэригэр кыттар, мобилизацияламмыт гражданнарга уонна кинилэр чугас дьоннорун өйүүр миэрэлэри ылынар.