22.09.2021 | 12:00

Акулина КУЗЬМИНА: «Оҕо сүрүн тирэҕэ — ийэ тылынан толкуйа»

Акулина КУЗЬМИНА:  «Оҕо сүрүн тирэҕэ — ийэ тылынан толкуйа»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим уол оҕо иитиитигэр, ааҕыы култууратыгар ураты көрүүлээх, кини бу хайысхаҕа үтүмэн үлэни ыытар, бииртэн биир кэрэхсэбиллээх бырайыактары олоххо киллэрэр. Кини ийэ тыл илгэтин иҥэриммит оҕо ситиһиилээх, сарсыҥҥыта саргылаах диэн бигэ эрэллээх. 

 

Ыспыраапка
Акулина Николаевна Кузьмина – Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир интэринээт-оскуола саха тылын, литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Арассыыйа чулуу учуутала” национальнай бырайыак кыайыылааҕа, СӨ ыччакка министиэристибэтин “Сердце патриота” бочуотунай бэлиэ хаһаайката.

 

Ааҕыыны күргүөмүнэн тэрийэн

– Акулина Николаевна, “Көтүөххэ хотойдуу үрдүккэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи уоланнар ааҕыыларын тэрийэн ыытаргын үгүс ааҕааччыбыт истэн билэр, биһириир буолуохтаах. Бу бырайыак туох санааттан саҕыллыбытай?

– Урут-уруккуттан араас ааҕыыларга, конференцияларга үксүн кыргыттар кытталлар. Биһиги оскуолабытыгар уол оҕо элбэх, кыыс аҕыйах. Бу бырайыак уол оҕону литература диэки хайыһыннарар сыалтан тэриллибитэ. Аны биирдии-иккилии оҕону буолбакка, барыларын күргүөмүнэн кытыннарар санаа киирбитэ. Ол идиэйэбин дириэктэрбит Николай Николаевич,  дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Татьяна Николаевна тута өйөөбүттэрэ. Онон 2004-2005 сыллааҕы үөрэх дьылыгар уоланнар ааҕыыларын бэйэбит оскуолабытыгар тэрийэн ыыппыппыт. Бастаан илин эҥээр улуустарын хабыахпыт дии санаабыппыт, ол эрээри Кэбээйи, Өймөкөөн курдук улуустартан кыттыбыттара, онон бэйэбит да билбэппитинэн тэрээһиммит өрөспүүбүлүкэ таһымнаммыта, киэҥ далааһыннаммыта.

Ханнык баҕарар киһи уопсастыба иннигэр саҥарарыттан, тыл этэриттэн толлор, кыбыстар. Дьон тыынын уйуу диэн баар. Бастакы сылларга оҕолор тылларын умналлара, онтон билигин оннук суох, таһыммыт үрдээтэ.  Ол кэмтэн ыла үөрэрим диэн учууталлар уонна иитээччилэр сценарий суруйарга, оҕо куолаһыгар, майгытыгар барсар тыллары биэрэргэ үөрэннилэр. Уопсайынан, улахан хамсааһын таҕыста. Хас оскуола аайы уолаттар бөлөхтөрө баар буоллулар, онтон олус үөрэбин. Биһиги сүрүн тэрээһиннэрбитин үксүн уолаттар ыыталлар. Холобур, Дмитрий Петрович Коркин туһунан дьүһүйүүбүт хаһан баҕарар бэлэм. Атын да оскуолаларга оннук.

Туох барыта кыраттан саҕаланар. Мин оскуолаҕа үлэлии кэлиэхпиттэн сахалыы тыыны киллэрэргэ дьулуспутум. Биһиги оҕолуун-улаханныын бары бэйэ-бэйэбитин “Үтүө сарсыарданан!”, “Үтүө күнүнэн!” диэн эҕэрдэлэһэбит. Ким даҕаны “Здравствуйте!” диэбэт. Арай саҥа кэлбит оҕолор диэхтэрин сөп. Оскуоланы бүтэрбит да үөрэнээччилэрбит уулуссаҕа көрсө түстэхтэринэ: «Үтүө күнүнэн!» – дииллэр. Онтон үөрэбит, дьоллонобут.

Былырыын ааҕыыларбыт 15 сыллаах үбүлүөйүгэр эрдэттэн бэлэмнэммиппит. 300-тэн тахса сайаапка киирбитэ. Тэрээһиммит буолуо үс хонук иннинэ, ыраах улуустар айаннаары сырыттахтарына пандемия биллэриллибитэ. Аны туран, ааҕыыларбыт Кыайыы 75 сылыгар анаммыта. Бастаан ыарыы намырыа, пандемия бүтүө дии санаабыппыт. Харантыын ааһар күнүн долгуйа күүппүппүт. Кыайыы күнэ чугаһаабыта, хайыахпытый, сүбэлэһэн баран дистанционнай халыыбынан ыыппыппыт. Онтон инстаграм, ютуб арыйбыппыт. Дьүүллүүр сүбэҕэ суруйааччылар, ааттаах-суоллаах артыыстар, биллэр-көстөр  дьон үлэлээбиттэрэ. Кыайыы 75 сылыгар анаммыт ааҕыыларбытыгар буойун суруйааччылар оҕолоро, аймахтара уолаттарга анал бириистэрин туттарбыттара. Кинилэргэ истиҥ махталбытын тиэрдэбит. 

Быйылгы ааҕыыларбытын алтынньыга былааннаабыппыт. Икки түһүмэхтээх оҥордубут. Финалга тахсыбыт сэттэ хамаанда оҕолоро “Сосновый бор” кииҥҥэ кэлэллэр, 21 күн сынньаналлар.

Аны туран, ааҕыы култуурата дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтаах диэн санаанан салайтаран, быйылгыттан “Эр Хаан” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыылары тэрийдибит. Улуус дьаһалтата өйөөбүтэ. Уол оҕо, аҕата, эһэтэ, таайа, күтүөтэ, абаҕата уо.д.а. кытталлар. Бу оҕону литература диэки хайыһыннарар сонун хайысха буолла. I өрөспүүбүлүкэтээҕи  дьиэ кэргэн  аймаҕынан ааҕыыларын кыайыылааҕынан Дьоллоохоптор тахсан, 50.000 солк. сууманан наҕараадаламмыттара.

Эһиги оскуолаҕытыгар спорду өрө туппут оҕолор үөрэнэллэр. Сэрэйдэххэ, кинилэргэ ураты методика наада буолуо...

– Биһиги оҕолорбут араас күрэхтэһиилэргэ, сбордарга сылдьаллар, күн аайы иккитэ дьарыктаналлар. Кырдьыгынан эттэххэ, сорох-сороҕор уруокка бэриллибит тиэмэни үөрэттэхпитинэ да сөп буолар курдукпут. Ол эрээри уруоктары таба тэрийдэххэ, оҕоҕо интэриэс күөдьүйэр, көтүппүтүн да ситиһэргэ дьулуһар. Ол иһин уруоктарым ис хоһооннорун уратытык, үөрэнээччигэ табыгастаах гына сааһылаан, анал ньымалары, албастары таҥан былаанныы сатыыбын.

Биһиги оскуолабытыгар өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан үөрэнэ кэлэллэр. Ону суруйааччылары билиһиннэриигэ туһанабын. Холобур, Алеша Тимофей Сметанин дойдутуттан кэлбит, оттон Саша Үөһээ Бүлүүттэн, Петр Тобуруокап төрөөбүт улууһуттан сылдьар диибин. Оччоҕо оҕо ордук өйдөөн хаалар.  

Аны туран, “Улуу Кудаҥса”, “Кыһыл ойуун”, “Тулаайах оҕо” курдук айымньылары көтүппүт оҕо элбэҕи сүтэрэр. Ол иһин методикабар сонун хайысхалары киллэрэбин. Холобур, символ уобарастары кыайа-хото туттабын. Бу бырайыактыыр уонна фрактальнай ньымалары алтыһыннарыы диэн буолар. Холобур, оҕо уруһуйдуур уонна кылаас иннигэр туран кэпсиир. Күрэхтэһэ сылдьыбыт, уруогу көтүппүт оҕо кинини истэр, интэриэс күөдьүйэр.

Биир үөрэнээччим Улуу Кудаҥса уобараһын тыы курдук көрөбүн диэн эрдиилээх уруһуйдаабыт этэ. Ону Чачыгыр Таас көмөтүнэн салайтарар диэн быһаарбыта. Тулатыгар муора уруһуйдаабыт, ол  олоҕу уобарастаан көрдөрбүт.

Тыыннаах айымньы эргэрбэт!

– Төрөппүттэр саха тылын уонна литературатын учебнигын көрө-көрө саллабыт, бырагыраама олус ыарахан дииллэрин элбэхтэ истэбит. Оҕо айымньы тылын-өһүн өйдөөбөт, уопсайынан, сорох айымньы эргэрбит диэн этэллэрэ оруннаах дуо?

– Айымньылар хайдах эргэриэхтэрэй? Ама, хайаан? Тыыннаах айымньылар сүрүн идиэйэлэрин, суолталарын үйэ-саас тухары сүтэрбэттэр. Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Николай Неустроев, Ойуунускай, о.д.а. классиктарбыт айымньылара хайаан эргэриэхтэрэй?! Арай учебникка киирбит айымньы оҕо сааһыгар сөп түбэспэт буолуон сөп. Холобур, урукку бырагыраамаҕа 6 кылааска Николай Неустроев “Тиэтэйбит” комедията баара. Мин ону өйдөөбөт этим. Биллэн турар, саха тыла ыарахан. Киэп, туһаайыы, ТХЭ, БХЭ, о.д.а. элбэх.

– Саха тылыгар, литературатыгар электроннай матырыйаал олус аҕыйах. Ону дистанционнай үөрэх туоһулаата. Онлайн үөрэх туһунан санааҥ?

– Олох сөбүлээбэтим диэн аһаҕастык этэбин. Урут оҕолорго презентация оҥорторор этим.  Оҕо бэйэтин илиитинэн тутан-хабан, хасыһан булбутун өйүгэр хатыыр. Көрдүүр, көмүскүүр сатабылланар. Билигин матырыйаал син баар. Уопсайынан, үөрэнээччи бэйэтэ уруһуйдаабытын (холобур, символ уобарастары) эбэтэр көрдөөн булбутун (холобур, презентация оҥороругар) эбэтэр мөккүөр тахсыбыт айымньыларын ордук ылынар.

– Литература уруоктарыгар ханнык айымньылары ырытаргытыгар оҕолор ордук уһукталларый?

– Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” айымньытын күүскэ үөрэтэбин. Ол аата элбэхтик ырытан, кэпсэтэн, нойосуус үөрэттэрэн. Оҕолор бэркэ толкуйдаан таһаараллар. “Саха интеллегенциятыгар сурукка” эмиэ ураты болҕомтобун уурабын. Далан “Тулаайах оҕо”, “Тыгын Дархан” айымньыларын өрө тутабын. Алампа драмалара оҕону элбэххэ үөрэтэллэр, толкуйдаталлар. Уйбаан “Үлэлиибин-үлэлиибин да, байан киирэн барбаппын” диэн этиитинэн уруокка үгүс кэпсэтии тахсар. 

Сонун методика, оҕону умсугутар ньымалар

– Биир бэйэм литератураны ордоробун. Төрөөбүт литература уруогар оҕо ийэ тылынан санаатын сайа этэр кыаҕа арыллар. Оҕо саха классик суруйааччыларын тустарынан, кинилэр сүрүн айымньыларын хайаан да билиэхтээх. Кылааска киирээт, оҕолорго 3-5 тургутук ыйытыыны биэрэбин. Саха литературата хас сыллаахха төрүттэммитэй? Ханнык айымньынан? Сахалыы тылынан суруллубут бастакы айымньы, ким суруйбутай? Саха сэбиэскэй литературатын ким төрүттээбитэй? Омос көрдөххө, араарбат, билбэт киһиэхэ барыта биир ыйытыы курдук. Оҕо Өксөкүлээх Өлөксөй, А. Уваровскай, П.Ойуунускай диэн хоруйдуохтаах.

Билигин киһи өйүгэр хатыыр дьоҕура бэрт кылгас буолла. Олус элбэх информация ортотугар олоробут. Ол иһин итинник тургутуктар оҕо өйүн сайыннараллар, олус туһалаахтар. 

Фольклор диэн тугуй? Норуот тылынан уус-уран айымньыта. Баара-суоҕа түөрт тыл, ону өйдөөҥ диибин. Аныгыскы сырыыга төттөрү эргитэн ыйытабын: “Норуот тылынан уус-уран айымньыта диэн тугуй?”. Араастаан эрийэн, бутуйан, хатайдаан. Куруук ыйыта сырыттаххына, оҕо араара үөрэнэр.

Уопсайынан, төрөөбүт литература уруоктарыгар тиэрминнэри үгүстүк тутта сатыыбын. Ону таһынан үөрэнээччи тус санаатын этэрин курдук ырытыылары, кэпсэтиилэри, мөккүөрдэри таһаарабын. Үөрэнээччи толкуйугар болҕомто уурабын.  Айымньыны күннээҕи олоҕу кытта ситимнээн биэрдэххэ, оҕо ордук ылынар дии саныыбын.

Аны туран, “Штур” диэн ньыманы хото туһанабын. Оҕолорго бэрт судургутук, бэйэлэригэр сыһыаран быһаарабын. Холобур: Сахамин, Айыына, Назар, Ваня. Бу кылаас оҕолорун ааттара. Мантан ким ордугун була охсоллор, Айыынаны тоҕо туораппыттарын быһаараллар, үөрүү-көтүү бөҕө буолаллар. Онтон сорудахпын тута уруок тиэмэтигэр хайыһыннаран биэрэбин. Холобур, суруйааччылары ааттаталыыбын: Өксөкүлээх Өлөксөй, Сэмэн Тумат, Алампа, Николай Неустроев.  Оҕолор Сэмэн Тумат – саха норуодунай суруйааччыта, атыттар – классик суруйааччылар диэхтээхтэр. Литератураны үчүгэйдик билэр үөрэнээччи тута сөпкө хоруйдуур. Бу методика саха тылыгар эмиэ үчүгэй. Холобур, үс түһүгү этэбин уонна биир этии чилиэнин кыбытабын. Аны туран, холобурдары оҕолорго бэйэлэригэр толкуйдатар өссө ордук. Билиилэрэ хаҥыыр, интэриэс да үөскүүр.  

Аныгы оҕолор санааларын сатаан сааһылаан эппэттэр, өйтөн суруйууга букатын да малыйаллар дииллэригэр сөбүлэһэҕин дуо?

– Уруокка бэйэтин санаатын этэ үөрэммит оҕо өйтөн суруйууну ыарырҕаппат дии саныыбын. Оҕолорго өйтөн суруйуу чэпчэки, көҥүл, оттон диктант ордук ыарахан, аахпыттан суруйууга хааччахтан тахсыбаккын диэн мэлдьи этэбин.

Аҕыйах сыллааҕыта үс кыыс саха тылыгар БКЭ туттарабыт диэн соһуппута. Медицинскэй институкка бараары сылдьан. “Билиибитин бэрэбиэркэлиэхпит этэ”, – диэбиттэрэ. Эһигини бэлэмнээбэппин, химияҕытын, биологияҕытын үчүгэйдик үөрэтиҥ диэн сүбэлээбитим. Олимпиадаҕа кыттар, миэстэлэһэр кыргыттар этэ. Онон улахан бэлэмнэниитэ суох холкутук туттарар кыахтаахтара. Сардаана Литвинцева 87 баалы ылбыта.

Быйыл кыһыл көмүс медалиспыт Ньургуйаана Смирникова саха тылын үөрэҕэр киирбититтэн олус соһуйан уонна үөрэн олоробун.

“Эн саха тылыгар бараҕын” диэн биир да оҕону анаан-минээн бэлэмнээбэтэҕим үрдүнэн, хас да оҕом саха тылыгар үөрэнэ киирбитэ. Аны биир кылаас оҕолоро бэйэлэрин баҕаларынан ОГЭ туттарбыттара. Ол Арассыыйаҕа кыттарбар төһүү күүс буолбута.

Төрөөбүт тылы билии – ситиһии төрдө

– Саха тылыгар, литературатыгар ВПР, БКЭ туттарбаттар. Ол иһин оҕолор нуучча тылын, математиканы ордук кыһаллан үөрэтэллэр. Дьиҥэр, оннук диэн толкуйдуур сыыһа. Мин оҕолорго саха тылын учууталлара буолуҥ диэбэппин. Төрөөбүт тылгытынан толкуйдуургутугар, олоххутугар наадалаах диэн хатылыыбын.     Төрөөбүт тылын үчүгэйдик билэр оҕо ханнык баҕарар хайысхаҕа ситиһиилэниэн сөп диэн этэбин. Тоҕо диэтэххэ оҕо сүрүн тирэҕэ – ийэ тылынан толкуйа.

Даша Барашкова саха тылын, литературатын олимпиадаларыгар мэлдьи кыттара, өрөспүүбүлүкэтээҕи өйтөн суруйуу кыайыылааҕа, кытай тылын үөрэппитэ, билигин “Саха” НКИХ суруналыыһа. Ира Саввина, өрөспүүбүлүкэҕэ саха тылын, литературатын олимпиадатыгар иккис миэстэлээх оҕом, прокурор үөрэҕин бүтэрбитэ, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Сардаана Литвинцева өрөспүүбүлүкэҕэ литература олимпиадатыгар бастаабыта, “Инникигэ хардыы” конференцияҕа дипломант, билигин медицинскэй институкка үөрэнэр.

Ааҕыыларга кыттыбыт уолаттарым ханна да тиийбиттэрин иһин, куруук актыбыыстарынан биллэллэр. Бэйэлэрэ араас тэрээһиннэри иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыыталлар. Соҕуруу барбыт оҕолор ыһыах ыһаллар. Эрийэн ону-маны ыйыталлар, ону үөрэ-көтө сүбэлиибин.

Саха литературатын айымньыларыгар олоҕурбут хас да киинэ таҕыста. Бу туһунан санааҕын этиэҥ дуо? Ханнык айымньынан киинэ оҥорон таһаардахха, норуот сэҥээриитин ылыай?

– Биир да киинэҕэ сыанабыл биэрбэппин. Бэйэм туспа көрүүлэрдээхпин. Ол эрээри уруоктарбар ырытыы оҥорторобун. Далан “Тулаайах оҕотун” киинэ гынан таһаараллара буоллар дии саныыбын. Софрон Данилов “От үрэххэ” айымньытынан эмиэ бэртээхэй киинэ уһулуохха сөп диэн көрөбүн.

– “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” ааҕыылар бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ улахан хамсааһыны таһаарда. Кырдьык даҕаны, бырайыак элбэх уолу көччөх гына көтүттэ, үүннэрдэ-сайыннарда. Акулина Николаевна, түмүккэ тугу этиэҥ этэй?

– Бу сыллар тухары уол оҕо киһи буолан кииллийэн тахсарыгар, ураты көрүүнү, санааны ылынарыгар элбэх учуутал, иитээччи үлэлээтэ. Ол түмүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы “Океан”, “Орленок” лааҕырдарга,   Москваҕа “Золотое кольцо России” маршрутунан, Кытайга Таатта, Нам, Чурапчы, Өймөкөөн, Уус Майа, Бүлүү, Уус Алдан улууһун уоланнара сынньанар путевкаларынан наҕараадаламмыттара. Ил Дархан Харыйатыгар 5 уол кыттыыны ылар чиэскэ тиксибитэ.

15 сыл түмүгүнэн “Хотой” ведомственнай наҕараада олохтоммута. Уол оҕо иитиитигэр улахан болҕомтолорун уурар дьоҥҥо туттарыллар. 

Түгэнинэн туһанан, ийэ тыл илгэтин оҕоҕо иҥэрэ сылдьар кэллиэгэлэрбэр, бырайыакпытын өйүүр дьоҥҥо, чуолаан Арассыыйа үөрэнээччилэрин бүттүүн хамсааһынын Саха сиригэр координатора Нь.В. Макароваҕа, “Аҕалар түмсүүлэрин” салайааччыта А.И. Габышевка, спонсордарга истиҥ махталбын тиэрдэбин.

Үлэ ис хоһооно өссө дириҥээн, ураты тыыны киллэрэн, саҥаттан саҥа саҕахтары арыйан, ыллыктаах толкуй, айымньылаах үлэ ситимнэһэннэр кэнчээри ыччаппыт сайдар суолун тобула, саргылаах ыллыгын түстэһэ туруохпут, биир санаанан үлэлиэхпит диэн бүк эрэллээхпин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...