26.02.2020 | 13:05

АКТЫБЫЫС УСТУДЬУОН ДОБУН УЙБАНЫАП

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыччат кэпсэтиититтэн: «Нээ, по идее, итини билэбин, а так документы аҕалбатым дии. Может, общагабар баран кэлэбин дуо, по-быстрому?».  Киһи кулгааҕын «режет» дии?

Аҕыйах хонуктааҕыта Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн ыытыллар үгэс буолбут «Аман өс» уонна «Уран тыл» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ эн саастыылааҕыҥ, Сэргэлээх ыччата Добун Иванов ситиһиилээхтик кытынна.

Добун М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи олохтоох норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт саха уонна омук тылын бөлөҕөр 2-с кууруска үөрэнэр эбит. Үөрэҕэр бастыҥ буолан, сотору Кытайга стажировкаҕа бараары сылдьар. Үөрэҕин таһынан  актыбыыс буолан, бүтүн институт старосталарын бэрэссэдээтэлэ эбит. Бүгүн Добун – биһиги ыалдьыппыт.

ДЭГИТТЭР  ЫЧЧАТ

— Добун, дьэ, бастатан туран, бэйэҥ тускунан кыратык билиһиннэр.

— Мин ырыаҕы ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар Сунтаартан төрүттээхпин. 2016 сыллаахха Сунтаар политехническай орто оскуолатын бүтэрбитим. Онтон салгыы, сүрэҕим баҕатынан, ХИФУ ХИНТуоКИ «аангылыйа уонна саха тылын учуутала» идэтигэр үөрэнэ киирбитим.

— Бу олоххо көхтөөх позицияҥ туохтан саҕаламмытай?

– Туохтан саҕаланна этэй? Бэйэм актыыбынай киһибин. Биир сиргэ олорон хааларбын эбэтэр санаабын эппэккэ хааларбын сөбүлээбэппин. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан араас хабааннаах конференцияларга, ааҕыыларга, НПК-ларга кыттарым. Оҕо сылдьаммын син эттээх соҕус этим, ол иһин хас сарсыарда аайы сүүрүүнэн дьарыктаммытым. Устунан оскуолам, улууһум таһымыгар кэккэ ситиһиилэрдээх сүүрүүк буолбутум. Билигин ХИФУ иһинэн үлэлиир  «ППОС» устудьуоннар хамсааһыннарыгар баарбын. Тэрээһиннэри, биэчэрдэри ыытабыт.

Биир сөбүлүүр дьарыгым – хоһоон ааҕыыта, «Эйгэ» литературнай түмсүүгэ дьарыктанабын. Литератураны сэргиир, айар талааннаах ыччат кэккэтигэр баарбыттан үөрэбин. Бу куруһуокка хоһоон суруйарга холонобут, университет тэрээһиннэригэр дорҕоонноохтук хоһоон ааҕабыт.

— Эйгэҥ олус киэҥ, алтыһар дьонуҥ олус элбэх эбит. Бириэмэҕин хайдах аттараҕын?

Биллэн турар, үөрэхпэр, сөбүлүүр дьарыкпар, чугас дьоммор барытыгар бириэмэбин сөпкө аттарарга дьулуһабын. Ол эрээри билигин миэхэ саамай сүрүнүм — үөрэҕим. Баҕа наада дии саныыбын. Дьиҥнээхтии тугу эрэ оҥоруоххун баҕарар буоллаххына, тугу баҕарар кыайыахха сөп буолуо. Киһи солото суох буоллаҕына, бириэмэтин сыаналыыр, элбэҕи ситиһэ сатыырга дьулуһар дии саныыбын.

САХА ТЫЛА ААН ДОЙДУГА ААТЫРЫА

— Эн сахаҥ тылын кытта омук тылын тэҥҥэ тутан үөрэтэр эбиккин, итэриэһинэй.

Интэриэһинэй бөҕө буоллаҕа. Бастаан, дьиҥэр, омук тылын салаатыгар киирэ сатаабытым. Хомойуох иһин, баалым тиийбэтэҕэ. Онтон физкультура институтугар киирбитим, онтон дьонум саха уонна аангылыйа салаата баар диэн сүбэлээбиттэрэ. Бу үөрэххэ киирэн баран, бастаан утаа хайдах эрэ тыйаатырга баар буола түспүт курдук санаммытым. Санаабар бары оҥосто-оҥосто уустаан-ураннаан саҥара сатыыр курдук этилэр. Сотору үөрэхпин олус интэриэһиргээн барбытым, сахам тылын сүөгэйин-сүмэтин үөрэтэри, эппэр-хааммар иҥэринэри ытык иэһим курдук ылыммытым. Билигин чопчу бу үөрэххэ киирбиппиттэн үөрэбин эрэ.

— Саха суруйааччыларын хоһооннорун омуктуу тылбаастыыр диэн истибитим.

Оннук. Быйыл Аҕа дойду Улуу сэриитин 75 үбүлүөйдээх сыла үүннэ. Саха сириттэн бу сэриигэ 62 тыһ. тахса киһи баран кыттыбыта, олортон сэттэ гыммыт биирэ эрэ эргиллибитэ. Биһиги бу кыайыыны уһансыбыт ытык дьоммутугар үйэбит-сааспыт тухары иэстээхпитин умнуо суохтаахпыт. Кыайыыны уһансыыга суруйааччылар эмиэ сүҥкэн кылааттаахтар. Ол иһин мин норуот кыайыыга дьулуурун бөҕөрбөппүт поэттар Эллэй, Тимофей Сметанин, Макар Хара уо.д.а. хоһооннорун тылбаастаан, аан дойду литературатыгар үйэтитиэхпин баҕарабын. Былааным диэн – 80-с сылга диэри сэрии тематыгар суруллубут хоһооннору барытын тылбастааһын. Билигин Тимофей Сметанин “Саллаат” хоһоонун тылбаастаатым.

— Бу үлэҕэр ордук туох ыараханы көрсөн эрэҕин?

Олус уустук үлэ, ол эрээри умсугутуулаах! Бастаан утаа, билбэппиттэн, нууччалыы толкуйдаан тылбаастыыр этим. Сотору өйдөөбүтүм, букатын сыыһа быһыы эбит, тылыҥ олоруута олох атын буолан тахсар эбит. Эттэххэ судургу эрээри, оҥороору гыннаххына, ыарахана элбэх.

— Стажировкаҕа бараары сылдьаҕын дуо?

Быйыл олунньу 27 күнүгэр Кытайга барыахтаах этим да, ити тумуу туран, стажировкабыт тохтоото. Хаһан эрэ сөргүтүллэр ини.

— Оо, кырдьык да,  бачча ыарыы турдаҕына, тоҕо Кытайы таллыҥ?

Кытай – улуу дойду. Туох баар сайдыы барыта кинилэртэн кэлэр. Аны туран,  аан дойду улахан собуоттара, техникалара, тэрилтэлэрэ барыта Кытайга эрэ баар буолуоҕа диэн сабаҕалыыллар.  Биһиэхэ, сахаларга, кытай норуота уруулуу буоллаҕа. Ол иһин кинилэр тылларын баһылыахпын, ону инникитин дойдум сайдыытыгар туһаныахпын баҕарабын.

— Атын ханнык дойдуга, туох дьарыктаах киһи буолан төрүөҥ этэй? Өскөтүн таллараллара буоллар?

Сахам сиригэр буоллаҕа! Доҕотторбун, дьоммун-сэргэбин, дойдубун, сөбүлүүр дьарыкпын туохха да атастаспаппын!

УСТУДЬУОН ДИЭН КИМИЙ?

Устудьуон олоҕо диэн көҥүл эрэ буолбакка, улахан эппиэтинэс. Ити курдук хайа баҕарар үөрэх кыһатыгар устудьуон үөрэҕэр булгуччу кыһанарын сэргэ, наука эйгэтигэр, спортка, уопсастыбанай үлэҕэ уо.д.а. кыттыан сөп. Түөрт-биэс сыл биллибэккэ да ааһыаҕа. Онон, устудьуоннар, эдэр саас кэрэ кэмнэрин, умнуллубат түгэннэрин мүлчү туппакка, хас үүммүт күнтэн үчүгэйин, кэрэтин, сырдыгын иҥэринэн иһин!

— Ситиһии төрдө туохха олоҕурарый? Оскуоланы бүтэрээччилэргэ, доҕотторгор тугу сүбэлиэҥ этэй?

  • Ситиһии кэлэр кэмигэр кэлэр буолуохтаах. Биһиэнэ барыта иннибитигэр турдаҕа. Ааты-суолу батыспакка, ис сүрэхтэн, баҕа санаанан салайтаран дьарыктаныахха, үлэлиэххэ-үөрэниэххэ наада. Олоххутугар ыра оҥостубут санааҕытын суолдьут сулус оҥостон, иннибит хоту эрэллээхтик, туохтан да толлубакка дьүккүөрдээхтик айанныах тустааххыт. Абитуриеннар эрдэттэн баҕарар үөрэххитигэр болҕомтоҕутун ууруҥ, толкуйданыҥ, онно үөрэнэр устудьуоннартан толлубакка, тугун-ханныгын туоһулаһыҥ, элбэхтэ ааҕыҥ! Ааҕыы – билии төрдө. Устудьуоннар, үөрэххит ситиһиилээх буоллун!

ТЫА СИРИН САЙЫННАРЫАМ

— Инникитин туох былааннаах сылдьаҕын?

Үөрэхпин бүтэрэн баран, үлэ булбатахпына, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныахпын баҕарабын. Сахабыт ынаҕа, сылгыта баар буолан баччаҕа кэллэхпит. Холобура, ити улахан дойдуларга, Америкаҕа эҥин, тыа хаһаайыстыбатыгар сүҥкэн болҕомто уураллар. Мин эмиэ кинилэр холобурдарынан дьону, ыччаты тыа сиригэр олохсутар сыаллаах үлэлэһиэм этэ. Өссө тыа хаһаайыстыбатын чэрчитинэн оҕолорго лааҕыр үлэлэтиэхпин баҕарабын, билиҥҥи оҕолор наар төлөпүөн, көмпүүтэр буолан хааллылар.

Бу диэн эттэххэ, саха тыла, култуурата, номоҕо барыта саха төрүт дьарыгар олоҕурар. Билигин эппит-аспыт барыта ыарахан сыанаҕа атыыланар буолуоҕа, оччоҕуна төрүт дьарыкпыт эрэ быыһыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...