“Актированнай” күннэри тыал түргэнэ быһаарыаҕа
Сэтинньи 13 күнүгэр Үөрэх управлениета “Дьокуускай куорат уокуругун муниципальнай үөрэх тэрилтэлэригэр актированнай күннэр тустарынан” бирикээс таһаарда. Онно олоҕуран, мантан ыла тыал түргэнэ улахан болҕомтоҕо ууруллар буолуоҕа.
Ол курдук, кыһыҥҥы тымныыларга киин куоракка Гимеин уонна Аэропорт оройуонугар баар (сайт аадырыһа http://ugms14.ru) метеостанциялар көрдөрүүлэринэн, сарсыарда 06.00 ч туругунан саамай намыһах температураны уонна тыал түргэнин учуоттаан туран, үөрэх тэрилтэлэригэр “актированнай” күннэр биллэриллэр буолуохтара.
Ол курдук, -45°С кыраадыс тымныы уонна тыала суох буоллаҕына, 1-5 кылаас оҕолоругар үөрэх тохтотуллар. 1 м/с түргэн тыаллаах уонна -44°С тымныы буоллаҕына, бу оҕолорго “актированнай” күн биллэриллэр. Аны туран, 2 м/с түргэн тыаллаах уонна -43°С тымныыга, итиэннэ таһырдьа 3-5 м/с түргэн тыаллаах уонна -42°С буоллаҕына, алын кылаастар оскуолаҕа барбаттар, дьиэлэригэр хаалаллар.
Тыала суох, -48°С тымныы күн 1-8 кылаастарга үөрэх тохтуур. Оттон 1 м/с үөһэ түргэн тыаллаах буоллаҕына, -47°С тымныыга бу оҕолор үөрэммэттэр. Аны 2 м/с үөһэ түргэн тыаллаах күн -46°С, 3-5 м/с түргэн тыал буоллаҕына -45°С тымныыга дьиэлэригэр олороллор.
Таһырдьа -50°С уонна тыала суох буоллаҕына, 1-11 (12) кылаас оҕолоругар барыларыгар “актированнай” күн биллэриллэр. Оттон 1 м/с үөһэ түргэн тыаллаах, -49°С тымныы күн үөрэх тохтуур. 2 м/с түргэн тыаллаахха -48°С, 3-5 м/с түргэн тыаллаахха -47°С тымныыга оҕолор оскуолаҕа барбаттар (сиһилии таблицаҕа көр).
№ п/п | Классы | Температура наружного воздуха без ветра | Температура наружного воздуха при ветре от 1 м/с | Температура наружного воздуха при ветре от 2 м/с | Температура наружного воздуха при ветре от 3-5 м/с |
1 | 1-5 | -45° С | -44° С | -43° С | -42° С |
2 | 1-8 | -48° С | -47° С | -46° С | -45° С |
3 | 1-11 (12) | -50° С | -49° С | -48° С | -47° С |