Аккырыыкката уруһуйдаа — бириистэ сүүй!
Олохтоох дьаһалта уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар Управлениета Дьокуускай куорат орто оскуолаларын үөрнээччилэригэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аккырыыкка уруһуйугар куонкурус биллэрэр.
Куонкурус сыала – оҕону патриотическай тыыҥҥа иитии, аҕа дойдубут историятыгар ытыктабыллаах сыһыаны үөскэтии. Соруга – үүнэр көлүөнэ айар талаанын арыйыы уонна өйөөһүн.
Куонкуруска маннык саастаах оскуола оҕолоро кыттыахтарын сөп: 6 – 11, 12 - 17. Үлэлэр олунньу 14 күнүттэн олунньу 21 күнүгэр диэри ылыллаллар. Түмүк 2022 сыл олунньу 22 күнүгэр тахсар.
Эҕэрдэ аккырыыкка тиэмэтинэн “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” буолар. Уруһуй ааптара бэйэтин көрүүтүнэн аккырыыкканы туруору эбэтэр сытыары оҥоруон сөп, эҕэрдэ тыла суох.
Кыттааччы биир эрэ үлэни ыытар, кыттыгас үлэ ылыллыбат. Үлэни сөпкө сыаналыыр инниттэн аккырыыкка хаачыстыбата, сканердаммыта ирдэниллэр.
Үлэлэр “День Защитника Отечества” диэн бэлиэлээх маннык электроннай аадырыска олунньу 21 күнүгэр 17:00 чааска диэри ылыллаллар: umisp.ykt@mail.ru. Ыйытыыларгытын 40-88-46 төлөпүөнүнэн ыччат политикатын салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Христофорова Евгения Гаврильевнаҕа биэриэххитин сөп.
Кыайыылаахтар үлэлэрэ УОСиМП анал страницатыгар уонна @MOLODEZHKA_YKT Инстаграм социальнай ситимҥэ тахсыахтара.
Кыайыылаахтары бэлиэтээһин:
I бөлөх (6 – 11 саастаахтар):
* “Лучший дизайн открытки” анал аат. 5000 солкуобай суумалаах сертификат;
* “Творчество без границ” анал аат. 5000 солкуобай суумалаах сертификат;
II бөлөх (12 – 17 саастаахтар):
* “Лучший дизайн открытки” анал аат. 5000 солкуобай суумалаах сертификат;
* “Творчество без границ” анал аат. 5000 солкуобай суумалаах сертификат;
Биһирэбил бириис – 1000 солкуобай суумалаах сертификат.