05.02.2021 | 07:53

Ахтылҕаннаах көрсүһүү

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат спорка управлениетын салайааччыта Константин Семенович Бурцев биһиги хаһыаппытыгар өссө ааспыт сайын: “Өскөтүн күрэхтэһиини ыытыыны көҥүллүүллэрэ буоллар, “Дыгын оонньууларын” кэнниттэн биир бастакынан Валерий Керемясов аатынан көҥүл тустууга куорат чемпионатын ыытыам этэ”, – диэн баҕа санаатын биллэрбитэ. Ити ыратын куорат баһылыгын дуоһунаһын быстах кэмҥэ толорооччу Евгений Николаевич Григорьев, хапсыһыы көрүҥнэринэн дьарыктанар киһи, тута өйдөөн сүрдээх улахан бириистэри булларда. Бэйэтинэн кэлэн күрэхтэһиини көрдө. Бастакы наҕараадалааһыны оҥордо. Кыайыылаахтарга тэлэбиисэр, о.д.а. сыаналаах бириистэр  туттарылыннылар. Бу сотору Уһук Илин уонна Арассыыйа чемпионаттарыгар суоттана сылдьар уоланнарбыт улахан түһүлгэ иннинэ ыйааһыны түһэрэртэн антах суолталаах күрэхтэһиигэ охсуулаах буоларынан аккаастаннылар. Ыйааһын үөһэ туһуннулар. Сорохтор эчэйэртэн сэрэнэн туттуннулар. Ол үрдүнэн боротокуолга 91 кыттааччы аата киирдэ.  

Кыайыаххын баҕараҕын? Күрэхтэс

Спортсмен эрчиллиигэ биллим аҕай диэбит бииргэ дьарыктанааччытын күрэхтэһиигэ көрсөн соһуйбутун кэпсиирэ үгүс. Ким эрэ долгуйан толкуйдуура, илиитэ-атаҕа баайыллыбыттыы бытаарар. Оттон бары өттүнэн (ордук өйүнэн-санаатынан, дьулуурунан)  липпиллэр, чиҥиир күүстээх киһи аһыллар. Хаһан да үөйбэтэх албаһын айан оҥорор. Дьэ, ити иһин бэйэни сайыннарыыга туохтааҕар да ордук эрчиллии –  ол күрэхтэһии диэн улахан спортсменнар мээнэҕэ тоһоҕолоон бэлиэтээбэттэр.

Өр кэмнээх тохтобул кэннэ Дьокуускай куорат чемпионатынан өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустууга  күүстээхтэр кыттыылаах бастакы официальнай чемпионат ыытылынна. Бөҕөстөр көбүөрү, бэйэ-бэйэлэрин кытта тустууну ахтыспыттыы туманнаах тымныы тумарааннаах тохсунньутугар түсүһэн кэбистилэр.  Быйыл икки ыйы быһа көстүбэтэх аламай маҥан күммүт Анаабырга, атын да арктикатааҕы улуустарбытыгар аҥаарыйан тахсарын тэлэбиисэргэ көрдүбүт. Туймаадаҕа тумаҥҥа мунан күн көмүс күлүмүн да кинилэртэн хойутаан өссө көрө иликпит. Хата, ОДьХ уоланнара итиини хааччыйан “Өрөгөй” курдук улахан уораҕайга күрэхтэһиинэн күүстээх санаа  күөдьүтүлүннэ.

Хаһыы хапсаҕайдьыты хамсатта

Таблоҕа: “92 кг” уот умайар. Ол аата итиччэ ыйааһыннаах бөдөҥ бөҕөстөр туста сылдьаллар. Кыһыл триколааҕа бэйэтиттэн арыый намыһах гынан баран мөчөкө бөтөһү 7:0 хотон иһэр. Аны үс баалы эбиннэ да, киниэхэ быһа ыраас кыайыы бэриллиэхтээх. Аныгы быраабылаҕа үөһэнэн бырахха түөрт баал бэриллэринэн сибилигин оҥоруох курдук. Бу аҕай утарсааччытын оннук өттүктээн түһэрэн “мостикка” тутан чуут икки саннын хаптаҕайынан көбүөргэ сыһыары баттыы  сыспыта. Онто да суох, биирдэ охторон баран туруораат,  көбүөр таһыгар аста да эмиэ бүтэрэр. Быһата, бу хапсыһыы дьылҕата быһаарылынна диэбиттии, көрөөччүлэр анараа көбүөр диэки хайыстылар. Тренерэ да сапсыйыан сөп курдуга. Суох, хотторон иһээччигэ көбүөргэ таһаарбыт секундана бөҕөһүгэр көхсүн көрдөрбөт, чуумпурбат киһи буолла. Эмискэ киэҥ саала доргуйуор диэри хаһыытаата. Дьон бары ол диэки көрө түстүлэр.

–Тиһэҕэр диэри үлэлээ, тиһэҕэр диэри!

Дьэ эрэ, улахан специалист Арассыыйа, СӨ үтүөлээх тренерэ Иван Николаевич Сивцев  аатын түһэн биэрээри мээнэ хаһыытыа дуо? Киһитин төһө иһитиннэрэр эбитий? Дьэ, доҕоор, хотторон иһээччи хамаандалааһыны саллааттыы истэр эбит. Чиэс эрэ биэрбэтэ. Харса суох киирдэ. Утарсааччытын суулларан түһэрээт, атаҕын кириэстии тутан эргиттэ. Иккис албаһа көбүөр таһыгар оҥоһулунна диэн аахпатылар. Ити алҕас түбэһиннэрдэ дуу? Онон хапсыһыы бүтэрэ  30 сөкүүндэ хаалла. Анарааҥҥыта, итиччэ кыайан иһэр киһи, аны тэйэн биэрэ сылдьыа дии. 

–Тиһэҕэр диэри! Тиһэҕэр диэри үлэлээ!!!—аатырбыт тренер өссө улаханнык хаһыытаата. Кыайан иһээччи итинтэн сэрэннэ дуу? Гипнозтанна дуу? Ону толкуйдуу барбакка, хаһыыттан киксэриллээччи, баҕар, мааҕыттан кэтээн көрө сылдьыбыта дуу? Аҥаар окумалы икки илиинэн бобо харбаан бэйэтин санныгар быраҕан эргийэн кулахачыйда (“вертушка”) –  утарсааччыта тиэрэ барда—4 баал, сонно накаттаан (синньигэс биилтэн икки илиинэн курдуу хам ыла сылдьан, кэдэрийэн эргиттэ). Бүттэ – 10 сөк. хаалла. 7:8 чорбойдо – аны анараа хантан ситиэй?  Бээ, киһиҥ тохтообото, эбии страховкаҕа өссө биирдэ эргийдэ –7:10 баалынан кыайда!!! Оо, арай, манныгы саха улахан түһүлгэҕэ оҥорорун көрөр буол! Хайдах буолуо этэй? Чэ, бу да уһугуннарыы. Тренер “тиһэххэ диэри!” диэн хаһыыта улахан биэтэстээҕин элбэх киһи өйдөөн хаалла. Кинини сатаан секундааннаабытын хайҕаан, илии тутустулар. Ити курдук:

Хапсаҕайдьыт

Халыыйап

Хабыр

Хапсыһыыга

Хаһыытаппытынан

Хабарааннык

Хотто.

Утарсааччыта Авксентий Николаев хайдах кыайтарбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.  

Халыев бастаабатар да, аҥаардас ити биир хапсыһыыга улахан өйдөбүлү хаалларда.

Игирэ Копыловтартан ким ордуой?

Өлүөхүмэ бааһынайдара игирэ Копыловтар дойдуларыттан балайда биллэн, Хара спорт интэринээт-оскуолатын килиэбин мотуйа сылдьан оҕолорго аар-саарга аатырбыттара. Бастаан Алексей аан дойду чемпионун үрдүк аатын сүкпүтэ. Ол сыл Петр Арассыыйаҕа быраатыгар бастакы миэстэни былдьатан, иккис буолбутунан Европаҕа бастаабыта. Эһиилигэр Петр Арассыыйа, аан дойду  чемпионун кыһыл көмүс мэтээллэринэн игирэтин аҥаарын дублердаабыта. Уолаттар хардары–таары хотуһаллар. Ол эрээри улахан дьоҥҥо тахсан баран билиҥҥитэ күттүөннээҕи көрдөрө иликтэр. Дьокуускайга Арыйаан Тютриҥҥа сүр баттаталлара. “Тойонноро”  Түүтүрүн Беларуссияҕа барбытынан дьэ, күннэрэ тахсан, иэстэһэр дьон буолаайаллар.  

Бу сырыыга хайалара кыайар? ТВ комментатора Дьулус көрөөччүнү күөртээри дуу: “Хайдах эрэ кавказтары үтүктэн быраат убайыгар биэриэ дуу? Кыраһыабай тустуук курдук көстөөрү артыыстыахтара дуу? – диэн таайтарда. Кавказецтартан атыттар оннук оонньообут баара дуу? Нуучча Белоглазовтар бэйэ-бэйэлэригэр кимиэхэ да киирэрдээҕэр илбиһирэн тусталлара. Кинилэргэ аан дойду чемпиона буолардааҕар игирэ икки ардыгар кыайыы ураты улахан курдуга. Сахаҕа Малардыровтар тустууга эрэ буолбакка, үөрэххэ хайата үчүгэй сыаната элбэҕэр эмиэ күрэхтэһэллэрэ.

Бу сырыыга Алексей убайыттан чорбойдо.

Рассадинтан сэрэхэдийдибит

Виктор Рассадин бырахсыылаах тустуутун иһин үгүс көрөөччү сөбүлүүр. Мэлдьи киниттэн кыайыы кэтэһэр. Арассыыйаҕа иккитэ чуут бастыы сыһан үөһэ-аллара тыыннартаабыта. Кэлин үөһэ ыйааһыҥҥа тахсыбыта. Кемеровоҕа гректии-римнии тустуу хоруолугар – икки төгүллээх олимпийскай чемпион Роман Власовка тиийэн бииргэ эрчиллэн эбилиннэҕэ буолуо диэбиппит. Билиҥҥитэ онтуката оччо көстө илик. Кэтэһэн тустар буолбута дьиксиннэрэр. Утарсааччылара онно үөрэр буоллахтара. “Ярыгин” турнирыгар Аджиевка баал бөҕө сүүйтэрбитэ. Эккирэтэн сиппэккэ хаалан хомоппута. Итинтэн үөрэх ылан көннөрүнүөн сөбө. Бу күрэхтэһиигэ эдэр уолаттарга бастакы мүнүүтэлэргэ баал бөҕөнү биэрдэ. Кэнники сититэлээн, чемпионнуурун чемпионнаата эрээри... антах итинник гыннаҕына, кылаастаах маастардар кэтэһэ барбаттар. Ол кэннэ ама да Рассадинын иннигэр ситэттиирэ саарбах. Ол кэриэтэ бастакыттан үлэлииргэ сорунара ордук буолуо этэ.

Виктор Лебедев бүтэһик мүнүүтэлэргэ кыайарын кумир оҥостон баран, оннук үтүктээччи аҕыйаҕа суох. Оччолорго атын быраабыла этэ. Виктор тустуутун онно сөп түбэһиннэрэн туруорбуттара. Уонна Лебедев  диэн атын киһи этэ буоллаҕа. Мэлдьи ыга сылдьар. Хаһан баҕарар кыайарын билэр. Билиҥҥи быраабылаҕа олох атыннык тустуо эбитэ буолуо.

Бастыҥ ньыма – мэлдьи кимии

79 кг. Финалга аан дойдутааҕы кылаастаах маастар Тимур Николаев уонна маастар Костантин Власов биир да баалы ылсыбатылар. Соҕотох сэрэтиинэн Тимурга кыайыы бэрилиннэ. Итинниктэн көрөөччү астыммат.  

61 кг. Роман Дмитриев аатынан аан дойдутааҕы турнир урукку уонна соторутааҥҥы кыайыылаахтара финалга таҕыстылар. Онуоха арыый аҕа саастааҕа Федор Постников Айсиэн Винокуровы 7-1 кыайда. Мэлдьи дугдуҥнаан ыга сырытта. Утарсааччытыгар тугу да оҥорторбото. Кини бу күрэхтэһиигэ кимнээҕэр да ордук кимиилээхтик туһунна. Тустууга саамай бастыҥ тактика—кимии буолбута ыраатта. Маҥнайгы сөкүүндэлэртэн тиһэххэ диэри кэннинэн тилэх да аҥаары барбакка, инниҥ диэки киирэн, албас оҥорор хамсаныыны көрдүүргэ, ону булан саталлаахтык туттууга дьулуһуу ситиһиигэ тиэрдэрин сорохтор эдэр саастарын, олохторун да тустууга аныырга сананан сылдьан өйдөөбөт курдуктара дьикти.

Билиҥҥи быраабылаҕа өссө биир туус куоһур – туппуту төлөрүппэккэ хас да албаһы субурутуу. 65 кг. Сунтаартан Кирилл Павлов аймахтарын аатын ааттатта. Саҥа аат арылынна. Үс сыл Калининградка устудьуоннаан кэлбит. Николай Охлопков уруута. Быраата бу күннэргэ оҕолорго Уһук Илин чемпиона буолла. Кирилл финалга таҕыста. Ол эрээри кинини аан дойдутааҕы таһымнаах маастар Ньургун Александров партерга биирдэ охтороот, төкүнүтүүгэ маастар-кылаас көрдөрдө—10:0. Рассадины, Александровы, Постниковы, Копыловтары  уонна Петр Павловы кэтэспиппит балайда буолла. Саастара да баран иһэр. Эмиэ: “Улан-Удэ түһүлгэлэригэр тыас таһааран кэбиһээйэллэр?”—дииргэ тиийэбит. Эрэлэ суох сүрэ бэрт.  Кинилэртэн атын кэтэһиэх да киһибит аҕыйах. 

Ыйааһыннарга ким хаһыс буолтун мантан аллара көр:

57 кг (12 кыттааччы): 1. Петр Копылов, 2. Алексей Копылов, 3. Любомир Ашеин, Валентин Бурнашев

61 кг (17): 1. Федор Постников, 2. Айсиэн Винокуров, 3. Дьулустаан Федотов, Михаил Иванов

65 кг (15): 1. Ньургун Александров, 2. Кирилл Павлов, 3. Семен Владимиров, Дьулусхан Тотонов

70 кг (16): 1. Петр Павлов, 2. Айхан Антонов, 3. Егор Пономарев, Алексей Данилов.

74 кг (9): 1. Виктор Рассадин, 2. Николай Сивцев, 3. Албан Аввакумов, Андрей Винокуров.

79 кг (8): 1. Тимур Николаев, 2. Константин Власов, 3. Заур Алавердов, Стив Попов.

86 кг (10): 1. Герман Устинов, 2. Артур Дьяконов, 3. Алексей Ефимов, Айтал Уйгуров.

92 кг (5): 1. Никита Софронов, 2. Александр Халыев, 3. Арсентий Николаев.

97 кг (5): 1. Ньургун Сергин, 2. Андрей Аронов, 3. Харысхан Николаев.

125 кг (4): 1. Никита Хабаров, 2. Даниил Иванов, 3. Уйусхан Шелковников.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...