Ахсынньы 1 күнүгэр саҥа дьыллааҕы харыйа уота умайыаҕа
Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара дойду бастакы саҥа дьыллааҕы харыйатын уотун уматыыны көрүөхтэрэ. Ол курдук, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн, үөрүүлээх тэрээһин Доҕордоһуу болуоссатыгар ахсынньы 1 күнүгэр 16:00 чааска ыытыллыаҕа.
Бэстибээл тэрээһиннэрэ, быйыл 12-с төгүл, сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 3 күнүгэр диэри ыытыллыахтара. Итиэннэ, бэстибээл устуоруйатыгар бастакы төгүлүн, Дьокуускайга саҥа дьыллааҕы харыйа уотун уматыыны Москва куоракка, ВДНХ сүрүн аллеятыгар, «Арассыыйа» Норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-форум кылаабынай харыйатын таһыгар көрүөххэ сөп буолла.
Чысхаан уонна Тымныы оҕонньор көрсүһүүлэрэ бэстибээл чыпчаалынан уонна дойду бары муннуктарыгар кыһын кэлбитин бэлиэтинэн буолуоҕа.