11.09.2022 | 10:00

Агрооскуола үлэтэ инникилээх

Бүгүҥҥү нүөмэргэ Абый улууһун Ураһалаах агрооскуолатын дириэктэрэ Изольда Иннокентьевна Стручкова оскуола түбүктээх үлэтин кэпсээтэ. Кинини кытта оҕону сатабыл нөҥүө иитии туһунан сэһэргэстибит.
Агрооскуола үлэтэ инникилээх
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Саҥа үөрэх дьылынан, Изольда Иннокентьевна! “Киин куорат”  хаһыат ааҕааччыларыгар бэйэҕин билиһиннэр эрэ.

– Мин хоту, сытыы тыаллаах, хоһуун үлэһит дьонноох Абый улууһун Сутуоруоха бөһүөлэгэр  төрөөбүтүм. Учуутал идэтин ылыахпыттан, төрөөбүт нэһилиэкпиттэн харыс да халбарыйбакка,  учууталынан, онтон дириэктэринэн үлэлиибин.

– Абыйга тыа хаһаайыстыбатын салаатын сүнньүнэн үлэлиир хас оскуола баарый?

– Абый улууһугар барыта түөрт агрооскуола баар. Олор истэригэр биһиги үөрэхпит кыһата киирсэр. Төһө да тыйыс тымныылаах, хаарынан үллүктэнэр хайалардаах, таас үрэхтэрдээх дойдуга олордорбут, кэлэр көлүөнэ ыччаты үгэскэ сыһыаран, иитии суолун тутуһан үлэлии-хамсыы олоробут.

– Агрооскуола хаһан тэриллибитэй уонна дойду сириттэн хоту улуус агрооскуолатын сүрүн сыала, соруга туохха сытарый?

– Биһиги оскуолабыт 2009 сылтан агрооскуолалар сойуустарыгар  хандьыдаат быһыытынан киирбитэ, онтон нөҥүө сылыгар сойууска киирэн, үлэбитин тута саҕалаабыппыт.  Оскуола алта хайысханан үлэлиир. Ол курдук, ас астааһын, иистэнии, тыраахтар ыытыытын таһынан, оскуола үөрэнээччилэрин битэмииннээх уонна үрүҥ  аһынан хааччыйаары, оҕуруот үүннэриитин кытта ынах-сылгы иитиитин тутуспуппут. Хоту дойду балыгынан аатырар. Балыга суох олохтоох киһи сатаммат. Ол иһин үгэскэ олоҕуран, балыктааһыны киллэрбиппит.

Балыктааһын – биир сүрүн хайысха

– Билиҥҥи кэмҥэ балыктааһын сокуона уустугурда. Анал күөллэрдээххит дуо? Оҕолору өбүгэ үгэһинэн балыктыырга кимнээх үөрэтэллэрий?

Оскуола 2009 сылтан үс күөлгэ кыһыҥҥы балыктааһыҥҥа уһун болдьоххо көҥүллээх. Өр сыл Эдуард Васильевич Стручков балыктааһын ньымаларыгар уһуйбута. Былырыыҥҥыттан кини быраата Дмитрий Васильевич Стручков таайа саҕалаабытын салгыыр. Стручковтар удьуор балыксыттар буолаллар.

Кыһыҥҥы балыктааһыҥҥа оскуола иһинэн элбэх бырайыак үлэлиир.

– Бырайыак үлэтиттэн билиһиннэр эрэ.

– Атырдьах ыйын 26 күнүттэн оскуола үөрэнээччилэрэ  “Сайдыы” ТХПК балыктыыр учаастагар балыктааһыҥҥа кылгас кэмнээх кууруска үөрэннилэр. Уопуттаах балыксыттар Дмитрий Гаврильевич, Егор Гаврильевич Саввиннар, Валерий Алексеевич Бабиченко, Анатолий Петрович Громов, Андрей Николаевич Чирков оҕолору балыктааһын үөрүйэхтэригэр уһуйдулар. Уолаттар дьэккигэ, утуу илимин көрүүгэ, балык туустааһыныгар маастар-кылаастары көрдүлэр, бэйэлэрэ эмиэ оҥорон көрдүлэр. Ону таһынан илим бэрийиитигэр, ыраастааһыныгар кытыннылар, промысловай сурунаал толорорго үөрэннилэр. Олохтоох урбаанньыттар В.К. Садовников, П.В. Борзов балыктыыр баазаларыгар сайын ахсын оҕолору балыктааһын мындырдарыгар үөрэтэллэр.

Оҕуруот аһын олордон, сылгыга сыһыаран

– Оскуола иһинэн үлэлиир атын хайысхалары ааҕааччыларга сиһилии кэпсээ эрэ.

– Оҕо төрөппүттэриттэн тирэхтэнэн сатабыллары иҥэринэр. Оттон киэҥ эйгэҕэ дьону кытта сыһыаҥҥа, олоххо сатабыллаах буолууга  үлэ уруоктарын, эбии үөрэхтээһин, сайыҥҥы лааҕырдар нөҥүө иитиини ылар. Үөрэнээччилэр оскуоланы бүтэриилэригэр тыраахтарга А1, В, Е категориялары, кыргыттар бэргэһэ тигиитин маастарын бигэргэтэр дастабырыанньалары  ылаллар. Инники эппитим курдук, айылҕа харгыстарын аахсыбакка, үөрэнээччилэр доруобуйалара чөл туруктаах буолалларыгар анаан оҕуруот аһын олордууну киллэрбиппит. Дойду сирин курдук ыллыҥ да, хортуоппуйу сиргэ олордубаппыт. Анал хоруудаларга олордобут. Хоту ас-үөл сыаната, аҕалыыта да ыарахан.

– Аны сүөһү-сылгы иитиитигэр киириэххэ. Сылгы – айылҕа оҕото, онтон хоту сиргэ сүөһүнү иитии, көрүү, оттооһун  эмиэ  уустуктардааҕа биллэр. Хас төбө ынах, сылгы баарый?

– Сылгы-сүөһү иитиитигэр бастакы кыһалҕа сир буолар. Сирдээх буоллаххына, баазаланаҕын, оттуугун. Оскуола сэбиэскэй кэмтэн Дьүкээбинэй диэн сыһыарыылаах сирдээх этибит. Урукку кэмҥэ мотуорунан оттуурбут. Ол сирбит сыллата ууга барар. Ороскуотурбат гына икки тыраахтары, биирин Оттоох Атах нэһилиэгин олохтооҕор Иван Иванович Слепцовка, биирин Киэҥ Күөлгэ Владимир Семенович Дохунаевка  арыандалаан, от аахсан дьылы туоратабыт. Бастакы сылларбытыгар от кырыымчык кэмигэр  нэһилиэкпит ытыктанар кырдьаҕаһа, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Ленин”, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьан кавалердара Иннокентий Егорович Стручков кэтэх отуттан биэрэн улахан көмөнү оҥорбута.  Агрооскуола статуһун ылан баран, 2013 сылтан тыа хаһаайыстыбатын куонкуруһугар кыттан, Грант ылары ситиспиппит. Ынаҕы, атыыр оҕуһу, бургунаһы Абый нэһилиэгиттэн "Тирэх" ТХПК А.В. Стручковтан атыыласпыппыт. Күн бүгүн 13 сүөһүлээхпит, ыанар ынаҕы үрүҥ аска диэн иитэбит, сорохторун идэһэҕэ анаан туттабыт. Сүөһүнү атыыласпыт сылбытыттан  улахан көмөнү сопхуоска өр кэмҥэ ыанньыксыттаабыт, чөмпүйүөн ыанньыксыт, “Үлэ Кыһыл Знамята”, “Бочуот Знага” уордьаннар кавалердара Елена Андриановна Банщикова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, бэтэринээр Любовь  Гаврильевна Садовникова оҥорбуттара. Оттон сылгыбытын нэһилиэктэн 70 км ыраах, урукку сопхуос баазатыгар тутабыт. Сылгыһытынан  Радион Гаврильевич Садовников үлэлиир. Оҕолору бураанынан күһүн, кыһын, саас таһааран, сылгы үлэтигэр сыһыаран үөрэтэбит. Идэһэ кэмигэр оҕолор ис сууйсаллар, хаан кутуһаллар.

Үгэс умнуллубат, ситим быстыбат

– Балык, эт, хортуоппуй, оҕурсу уһуйаан, оскуола оҕотун аһылыгар барыта туһаныллар дуу  эбэтэр атын ньыманан эмиэ туһаныллар дуу?

– Оҕолор аһылыктарыгар барар. Эбиитин оскуола үлэһиттэрэ субуотунньуктаан, балыктан, эттэн араас аһы оҥорон, нэһилиэнньэҕэ атыылаан, эбии үбү киллэринэбит. Оҕурсубутун үүннэ эрэ, нэһилиэнньэҕэ атыылыыбыт. Хортуоппуйу сүрүн навигация кэлиэр диэри туһанабыт. Агрооскуола ороскуота баһаам буоллаҕа. Киирбит үп ороскуоппут хайа эмит чааһын сабынарга, оҕолору чиэстээһиҥҥэ туттуллар.

– Тыа хаһаайыстыбатын сүнньүнэн үөрэххэ киирии хайдаҕый?

– Идэлээх үлэһиттэр тыа сирин сүрүннээн тутан олороллор. Кинилэр өбүгэ үгэһин олоххо сыһыаран үлэлэтэллэр. Сылынан ыллахха, тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕэр оҕолор киирэллэр. Быйыл оскуоланы бүтэрбит оҕолортон Сеня Заровняев Казаннааҕы аграрнай университет механизация уонна техническэй хааччыйыы институтугар киирдэ. Агроинженер идэлээх буолан тахсыахтаах. Семеҥҥа эрэлбит улахан.

– Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ агрооскуолалар бааллара көдьүүстээх дуо?

– Глобализация үйэтигэр оҕону төрүт үгэһинэн иитии хайаан да наада. Бу өбүгэттэн илдьэ хаалбыт баайбыт. Тулалыыр айылҕабытын харыстааһын, айылҕа хаамыытынан тэҥҥэ тыынан, сокуонунан  бултаан-алтаан, балыктаан, ынах-сылгы ииттэн, оҕуруот үүннэрэн олорууга, үгэс ситимин быспакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдиигэ  агрооскуолалар көмө-тирэх, сүрүн  күүс  буолаллар. Агрооскуола үлэтэ инникилээх. Маннык салаалаах оскуола үлэтэ түбүгэ бүппэт, элбэх. Соҕотох дириэктэр үлэтэ буолбатах, биир улахан кэлэктиип сыралаах үлэтэ буолар. Оскуолам хас биирдии үлэһитигэр, кэлэктииппэр, үөрэнээччилэрбэр махтанабын, үлэҕэ-үөрэххэ ситиһиилэри баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...