Агро хайысхалаах оскуолалар: «Түмсэр кэммит уолдьаста»
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бастакы агро хайысхалаах оскуолалар 1988 сыллаахха тэриллибиттэрэ. Кинилэри тыа хаһаайыстыбатын хамсатар сүдү күүс быһыытынан сыаналыыр оруннаах – инникитин үлэһит буолуохтаах дьону оскуола эрдэхтэн иитэн, үүннэрэн таһаарар үрдүк эппиэтинэһи сүгэллэр.
Ааспыт нэдиэлэтээҕи нүөмэрбитигэр Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка ыытыллыбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтин агробырамыысаланнай комплексыгар каадырдары бэлэмнээһин» диэн төгүрүк остуол туһунан суруйан турабыт. Бу сырыыга агро хайысхалаах оскуолалар тула туох кэпсэтии тахсыбытын сэһэргиэхпит. Кинилэр хайдах үлэлии-хамсыы олороллоруй, туох кыһалҕалаахтарый?
Министиэристибэ дакылаатыттан
Алевтина Петровна Аргунова, СӨ үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччы: «Быйыл агротехнологическай үөрэхтээһин туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрбиппит онус сыла. Мин санаабар, оччолорго туруоруллубут сыалы-соругу саҥалыы өйдүүр кэммит кэллэ», – диэн санаалаах.
Үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччы, Саха сиригэр агро хайысхалаах оскуолалар тэриллэллэригэр олук буолбут ытык дьоммут Афанасий Чугунов уонна Петр Кондратьев ааттарын ааттыыр тоҕоостооҕун бэлиэтээн туран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 96 агро хайысхалаах оскуола баарын иһитиннэрдэ. Онтон 84-гэр сайыҥҥы кэмҥэ 13 хонуктаах уонна 80 күнүскү лааҕыр тэриллэр.
Маннык хайысхалаах оскуолалар үөрэҕи уонна оҥорон таһаарыыны тэҥҥэ дьүөрэлииллэр, экспериментальнай, чинчийэр үлэ эгэлгэтин ыыталлар. Сыл аайы биир кэлим былаанынан дьоҕурдаах оҕолору, бастыҥ үлэлээх оскуолалары өйүүр араас таһымнаах тэрээһиннэр буолаллар.
2023 сыл балаҕан ыйынааҕы отчуот көрдөрбүтүнэн, өрөспүүбүлүкэ 77 агрооскуолата 563 хороҕор муостааҕы, 909 сыспай сиэллээҕи уонна сибиинньэни, 1248 табаны, 1344 кууруссаны, перепелу, холуубу, 913 хааһы уонна куруолугу, 52 ыҥырыа дьиэ кэргэнин иитэр.
89 оскуолаттан 37-тэ выпускниктарыгар идэҕэ бэлэмнээбитин туһунан сибидиэтэлистибэлэри туттарар. Ол курдук, 271 киһи оннук докумуоннаах оскуоланы бүтэрбит. 38 оскуолаҕа 61 выпускник туйгун аттестаты ылбыт.
Биология уонна химия предметтэригэр БКЭ-ни туттарааччы сыл аайы аҕыйаан иһэрэ дьиксиннэрэр. Холобурдаан эттэххэ, быйылгы үөрэх дьылыгар химияны баара-суоҕа 50 үөрэнээччи талбыт. Тэҥнээн көрөр буоллахха, үс сыллааҕыта бу предмеккэ БКЭ-ни 84 киһи туттарбыт.
Тохсус кылаас кэнниттэн туттарсыы туһунан этэр буоллахха, 35,8% выпускник орто анал үөрэххэ киирэр. 11 кылаас кэнниттэн туттарсааччы ахсаана 6% – быһа холоон 144 выпускник.
Алевтина Петровна бастыҥ көрдөрүүлээх биэс оскуоланы ааттаата:
Бүлүү улууһун Бороҕон орто оскуолата;
Уус Алдан улууһун Тулуна орто оскуолата;
Чурапчы улууһун Дириҥ агрооскуолата;
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа орто оскуолата;
Дьокуускай куорат уокуругун Хатас орто оскуолата.
Кыһалҕа элбэх, онтон аҕыйаҕы холобурдаатахха
Изабелла Иванова – П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатын математикаҕа учуутала, Саха сирин агро хайысхалаах оскуолаларын сойууһун тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ. Кини агро хайысхалаах оскуолалар оҕону иитиигэ эрэ буолбакка, оҥорон таһаарааччы (производитель) быһыытынан сүдү суолталаах үлэни ыыталларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
– Бүгүҥҥү туругунан биир сүрүн кыһалҕабыт диэн оҥорон таһаарар хайысхабытыгар улахан оскуолалар судаарыстыбаннай өйөбүлү ылар кыахтаахтара, оттон кытыы нэһилиэктэргэ сытар кыра кэмпилиэктээх үчүгэйдик үлэлиир оскуолаларбыт хаалан хаалаллара буолар.
Агро хайысхалаах оскуолалар инники күөҥҥэ сылдьыбыппыт – 40% өйөбүллээх олорбуппут, билигин онтубут түһэн, 25% буолла. Билиҥҥи туругунан агро хайысхалаах оскуолаларга биир кэлим бигэргэтиллибит үөрэх былаана суох. Сойуустаах эрэ буолан ыкса үлэлэһэ олоробут, бэйэ-бэйэбититтэн элбэххэ үөрэнэбит. Өскөтүн аҕыйах сыллаахха диэри агрооскуола быһыытынан уон кэриҥэ предмети эбии киллэрэр кыахтаах буоллахпытына, билигин 1-2 предметтээх хааллыбыт.
Оробуочай идэни ылан тахсыы – өссө биир уопсай кыһалҕабыт. Билигин оскуола салайааччылара бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн быһаараллар, дьиҥэр, орто анал үөрэх кыһаларын кытта судургутук быһаарыахха сөп этэ.
Бары ирдэбилгэ эппиэттиир лааҕыр суоҕа – өссө биир кыһалҕа. Агро хайысхалаах оскуолаларга АГАТУ устудьуоннара (саатар 1-2 оҕо) хайаан да практикаларын ааһаллара буоллар диэн баҕалаахпыт.
Оскуолалар, орто, үрдүк үөрэх кыһалара бары тус-туспа дойдулар курдук үлэлии олоробут. Түмсэр кэммит уолдьаста. Оҥорон таһаарааччылар эмиэ.
Хатас – инники күөҥҥэ
П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата уонна П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата тыа сирин оскуолаларыттан хаалсыбакка (сорох көрдөрүүлэринэн таһыччы да буолуон сөп – Аапт.) үлэлииллэрэ хайҕаллаах. Хатас орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Слепцов 2027 сылга, аатырбыт «Хатас» сопхуос номоххо киирбит дириэктэрэ, «Хотугу сулус» уордьан кавалера, Саха АССР, РСФСР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Парасковья Федорова төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, кини аатынан 25 миэстэлээх интэринээттээх Агроинжиниринговай киини туттарар баҕа санаалаахтарын кэпсээтэ. Тыа хаһаайыстыбатыгар олоҕун анаабыт ытык киһи аатын үйэтитэр сүрүн соруктаахтарын этэн туран: «Бу Хатас оҕолоругар эрэ буолбатах. Сылга 500 оҕо агропааркалаах кииҥҥэ дьарыктанар кыахтаныа этэ», – диэн түмүктээтэ.
Тыа оскуолалара кэпсииллэр
Чурапчы улууһун Дириҥ И.Е. Федосеев-Доосо аатынан “АГРО” орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата 2020 сыллаахха сылы эргиччи үлэлиир “Мы – будущее села” лааҕыр бырайыагын оҥорон, Бэрэсидьиэн Граннарын пуондатыттан өйөбүл ылбыт. Дириэктэр Михаил Игнатьев оҕо оскуолаттан идэ ылан тахсара үчүгэйин, ол эрээри сорох түгэҥҥэ сокуоҥҥа кэлэн иҥнэн, олоххо кыаллыбат өрүттэрин бэлиэтээтэ. Сетевой үөрэхтээһиҥҥэ биир оннук кыһалҕалар бааллар. Кини: “Сэттэ сыл дириэктэрдээбитим тухары араас таһымнаах мунньахтарга, Москваны Москванан сырыттым эрээри, бырастыы гыныҥ, быһаарыылаах түмүктэр тахса иликтэр”, – диэн санаатын аһаҕастык эттэ. Итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ харгыстары туоратар үлэни ыытарыгар эрэллээҕин биллэрдэ.
Горнай улууһун Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолата 2005 сылтан агрооскуола быһыытынан үлэлиир. Дириэктэр Максим Максимов: “2023 сылга биһиги оҕолорбут 24 туонна оту оттоотулар, 8 туонна 640 лиитирэ үүтү туттардылар, 2 туонна оҕуруот аһын үүннэрдилэр”, – диэн кэпсээтэ. Кини нэһилиэк киэн туттар дьиэ кэргэттэрин холобурдаата. Итиэннэ 60 урбаанньыт регистрациялааҕыттан 33-һэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиирин кэпсээтэ. Тыа хаһаайыстыбатын идэлэригэр үөрэнэр устудьуоннар биһиэхэ кэлэн практикаларын ааһаллара буоллар диэн баҕа санаатын тиэртэ.
Таатта улууһун Тыараһа агрооскуолатын дириэктэрэ Петр Полускин: “Дьокуускай куорат уокуруга сыл ахсын агро хайысхалаах оскуолаларыгар – Тулагыга уонна Хатаска көмө быһыытынан 1-дии мөл.солк. биэрэ турар. Норуот дьокутааттара эмиэ маннык өйөбүлү көрөллөрө буоллар”, – диэн этиилээх.
Ким «сиикэйэ», ким «буспута» тахсан кэлиэ
Александр Жирков, СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы:
– Оҕо аграрнай үөрэххэ киирбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалыахтаах, кинини оннук бэлэмниэххэ наада. Дьэ, оччоҕуна ол ситиһии.
Былырыын балаҕан ыйыгар Суотту оскуолатыгар мунньах ыыппыппыт уонна икки сүрүн быһаарыыны ылыммыппыт. Онтон биирэ – агротехнологическай хайысхалаах оскуолалар киритиэрийдэрин уларытыахха диэн. Бу боппуруоһу балайда үөрэттибит, сүбэлэстибит. Сорохтору соттубут, саҥа пууннары киллэрдибит. Холобур, БКЭ, ОГЭ туттарыыга биологияны уонна химияны талбыт оҕолордоох оскуолаларга баал эбиллэр диэтибит. 11 кылаас кэнниттэн выпускниктар үрдүк уонна орто үөрэххэ киирбит буоллахтарына, хас оҕо аайы баал эбиллэр. Агрооскуола материальнай-тэхиньиичэскэй баазатын үрдэтии иһин – эмиэ эбии баал. Оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанар оскуолаларга уоннууга тиийэ баал эбиллэр.
23-с пууҥҥа, СӨ Агро хайысхалаах оскуолаларын сойууһун халандаарынай былааныгар киирбит тэрээһиннэргэ кыттыы иһин баал эбиллиитигэр тохтуохха. Онно Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиннэр таһымнара атын-атын буолуохтаах диэн этиилээхпин. Научнай-чинчийэр үлэни араас куонкурустартан, спорт күрэхтэһиилэриттэн араарыахха наада дии саныыбын.
Өрөспүүбүлүкэ инновационнай балаһааккатын тэрийэр диэн улахан үлэттэн тахсар, онон баалын улаатыннарыахха, 5 баал диэн арыый кыра, саатар 10 буолуохтаах.
Сайыҥҥы өттүгэр стационарнай, балаакканан уонна күнүскү лааҕырдары тэрийии иһин 5-тии баал көрүллэр диэн пуун баар. Балаакканан лааҕыры тэрийэр үгүс үлэни эрэйэр, онон баала арыый үрдүк буолуохтаах.
Көмө (подсобнай) хаһаайыстыба уонна пришкольнай учаастак диэннэри араартыахха наада. Тутуллара тус-туспа, онон бааллара атын-атын буолара ордук.
Мин санаабар, үөрэх-наука лабораториялардаах оскуолаларга эбии баал көрүллүөхтээх. Сорохторго суох, баар оскуолаларга баал биэриэххэ, оччоҕуна атыттар онно тардыһыахтара.
Бэйэлэрэ сирдээх, оттуур ходуһалаах, бааһыналаах оскуолаларга эмиэ туһунан баал бэриллиэхтээх.
Ити этиилэри киллэрэн туран, киритиэрийдэрбитин көрөн олорон агрооскуолаларбытын сыаналаатахпытына, ким “сиикэйэ”, ким “буспута” тахсан кэлиэҕэ. Тургутууну ааспатах, тулуйбатах оскуолалары кытта быраһаайдаһыахха сөп. Ол оннугар үрдүк көрдөрүүлээх атын оскуолалары өйүөххэ, кинилэр салгыы үлэлииллэригэр кыахта биэриэххэ. Оччоҕуна ханнык эрэ таһымҥа тиийэн, агрооскуолаларбыт бигэ туруктаах буолуохтара.
Бу боппуруостары быһаарыахпыт иннинэ оскуолаларбыт бэйэлэрэ дьаһанан үлэлиир кыахтара суох буолуоҕа.
Хаартыскаларга: П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата