АГИКИ тыйаатыра Бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыакка ситиһиилээхтик кытынна
Арктическай судаарыстыбаннай култуура институтун устудьуоннарын «ИКИГАй» тыйаатыра Бүтүн Арассыыйатааҕы «Знание. Театр. Театральный коллектив» сырдатар бырайыак түмүктэринэн биир бастыҥынан ааттанна диэн Ньурбатааҕы драматическай тыйаатыр пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дьүүллүүр сүбэ, режиссер Захар Никитин «Уустук эксээмэн» туруоруутун үрдүктүк сыаналаан, «Култуурунай сыаннастары уонна үгэстэри үйэтититии иһин» номинация бирииһин туттарда.
«Пьеса аҕа уонна оҕолор сыһыаннаһыыларыгар кыһалҕаларын, кинилэр икки ардыларыгар өйдөһүү суоҕун туһунан кэпсиир. Аныгы драматургияны туруорар уустук, ыччакка туһуламмыты – икки бүк ыарахан. Бэйэлэрин дьыалаларын толору баһылаабыт Иван Семеновка, Дмитрий Никаноровка уонна режиссер быһыытынан толкуйбун олоххо киллэрэргэ көмөлөспүт бар дьоммор махталбын тиэрдэбин», — диир режиссер Захар Никитин.
Бырайыакка дойду үрдүнэн барыта икки тыһыынчаттан тахса сайаапка бэриллибит, ол иһигэр оскуолатааҕы уонна устудьуоннар тыйаатырдарыттан. Хас биирдии кыттааччы «Уустук эксээмэн» пьесанан бэйэтин көрүүтүн туруорда.