28.05.2021 | 11:26

АГИКИ үөрэххэ туттарсааччыларга аһаҕас эфири ыытыаҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 28  күнүгэр, күнүс 15 чаастан Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство института инстаграмҥа официальнай сирэйигэр 2021 сылга үөрэххэ ылыы хампаанньатын туһунан түмүктүүр аһаҕас эфири ыытар. Бу иннинэ ыам ыйын 18 күнүттэн саҕалаан аһаҕас эфирдэр тахсыбыттара. 
Аһаҕас эфиргэ ректор Саргылана Игнатьева уонна үөрэххэ киирэр хамыыһыйа сэкирэтээрэ Татьяна Петрова кыттыыны ылыахтара. 


«Өрөспүүбүлүкэҕэ биир да култуурунай-маассабай тэрээһин биһигинэ суох барбат. Региональнай эрэ буолбакка, аан дойду таһымыгар эмиэ кыттабыт.  Ити хас биирдии АГИКИ устудьуонун уонна выпускнигын инники идэлээх олоҕор сүҥкэн оруолу оонньуур, баай уопуту биэрэр», – диир Саргылана Игнатьева.
Ректор этэринэн, быйыл АГИКИ үрдүк таһымнаах специалистары бэлэмниир хайысхатын кэҥэппит. Ол курдук, үрдүк технологиялары баһылаабыт ыччат цифровой дизайнтан саҕалаан, музейга, библиотекаҕа үлэлииргэ үөрэниэхтэрэ. Үөрэх кыһатыгар барыта 23 үөрэтэр бырагыраама үлэлиир, онно 460 устудьуон киирэрэ былааннанар. 
Бүгүҥҥү аһаҕас эфиргэ  Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтугар хайдах киириэххэ сөбүн ыйыталаһыаххытын, Уһук Илиҥҥи үөрэх кыһаларын эмиэ билсиэххитин сөп.
Үөрэххэ киирэр хамыыһыйа төлөпүөнэ: +7 (4112) 42-11-67.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...