21.12.2022 | 17:00 | Просмотров: 677

АГИКИ креативнай индустрия каадырдарын бэлэмниэҕэ

Айсен Николаев креативнай индустрияны сайыннарыыны өйүүрүн биллэрдэ. Каадырдары бэлэмниир киининэн АГИКИ буолар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Билигин институппут «Приоритет 2030. Уһук Илин» бырагыраама чэрчитинэн уларыйыыны барар. Бырагыраама  университеттар холбоһуктарын – саҥа научнай билиилэри, технологиялары Арассыыйа эконмикатыгар уонна социальнай эйгэтигэр киллэриигэ лидердэрин таһаарыыга туһуланар», - диэн бэлиэтиир АГИКИ ректора Саргылана Игнатьева.

Бүгүҥҥү күҥҥэ институт былааныгар үөрэххэ креативнай индустрия эйгэтин дэҥҥэ көстөр бырагыраамаларын киллэрии буолар. Ректор бэлиэтээбитинэн, саҥа үөрэҕирии бырагырааматын оҥорууга, регион ырыынагын наадыйыыта учуоттанар.  

«Үөрэхпит кыһатын уонна индустриальнай партнердарбыт иннигэр креативнай экономикаҕа,  социальнай эйгэ сайдыытын технологическай хааччыйыытыгар саҥа каадырдары үүннэрэн таһаарар улахан эппиэтинэс турар. Ити соруктар федеральнай уонна регионнааҕы былаас, өрөспүүбүлүкэбит уонна Уһук Илин атын регионнарын олохтоохторун өйөбүллэринэн толоруллар кыахтаахтар», - диэтэ Саргылана Игнатьева.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.