АГИКИ аан бастакытын «Приоритет-2030. Уһук Илин» чэрчитинэн киинэ оскуолатын Дьокуускайга ыытыаҕа
Дьокуускайга «Киинэ өрөспүүбүлүкэтэ» кылгас миэтэрэлээх киинэ бэстибээлин чэрчитинэн ахсынньы 4 күнүттэн 11 күнүгэр диэри бастакы «Кыһыҥҥы киинэ оскуолата үлэлии турар. Бырайыагы көҕүлээччинэн Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство института буолар.
Киинэ оскуолатын чэрчитинэн истээччилэри кэккэ интэриэһинэй тэрээһиннэр күүтэллэр — маастар-кылаастар, лиэксийэлэр уонна экспертэр үлэлэрин көрдөрүү. Ол курдук, бэйэлэрин үлэлэрин Кыргызстантан Асель Жураева («Дитя небес») уонна Казахстантан Айжан Касымбекова («Мадина») аҕалыахтара.
Ону тэҥэ Дьокуускайга Татарстан киноведа уонна киинэ кириитигэ Адила Хайбуллина үс күн устата (ахсынньы 4-6 күннэригэр) киинэ аныгы трендэрин, дьахтар уобараһын, эстетиканы, киинэҕэ живопись дьайыытын уонна Корея сериаллара/киинэлэрэ аан дойдуну хайдах баһылаабыттарын туһунан билиһиннэрэр. Сүрүн тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн дьахталлар киинэҕэ кылааттарын туһунан дискуссионнай балаһаакка буолар.