Аэропорка улахан өрөмүөн саҕаланна
«Ыам ыйын 24 күнүттэн 625 м усталаах балаһа тутар-таҥар үлэҕэ сабылынна. Аэропорт үлэтин штатнай эрэсииминэн 1628 м балаһаҕа салгыыр. Саҥалыы уларытан оҥоруу үлэтэ бу сыл алтынньы ыйыгар диэри бүтэрэ былааннанар», — дииллэр пресс-сулууспаҕа.
«Якутия», «Алроса», S7, «ИрАэро» уонна «Уральские авиалинии» авиахампаанньалар бэйэлэрин үлэлэрин салгыыллар. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр көтөр рейстэргэ балаһа өрөмүөнэ мэһэйдээбэтэ бэлиэтэнэр.
«Ыытыллар үлэ аэропорт тарифтарыгар, араас оҥоһуллар өҥөҕө сабыдыаллаабат. Дьокуускай аэропорда барыахтаах таһаҕаһы ыытарга бэлэмниир, оттон салгыы айанныырыгар илдьэр авиахампаанньалар тарифтарын киилэнэн суоттаан бэйэлэрэ оҥороллор», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
2021 сыл алтынньы ыйыттан, өрөмүөн бүттэ даҕаны, 3400 м балаһаны толору үлэлэтэллэр.
Саха сирин Тырааныспарга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри «Якутия» уонна «Алроса» авиахампаанньалар Москваҕа, Санкт-Петербурга уонна Новосибирскайга 6 Boeing 737-700 сөмөлүөттэринэн 185 тыһыынча киһини илдьэр былааннаахтар.
«Сибирь» авиахампаанньа Embraer-170 Дьокуускай — Новосибирскай — Дьокуускай маршрутунан сууккаҕа үстүү сырыыны оҥорор былааннаах. «Якутия» уонна «ИрАэро» хампаанньалар атын регионнарга – Красноярскайга, Иркутскайга, Хабаровскайга уонна Владивостокка көтүөхтэрэ.
«Алроса» авиахампаанньа ыам ыйын 17 күнүттэн саҕалаан Дьокуускайтан Москваҕа Мирнэй куоракка тохтобуллаах көтүөҕэ.
Дьокуускай аэропордун уопсай саҥардыллыыта 2023 сылга түмүктэнэрэ былааннанар. 2019-2022 сылларга федеральнай бүддьүөттэн 4,2 миллиард солкуобай көрүллүбүт. Балаһа өрөмүөнэ 2018 сыллаахха саҕаламмыт.