Абыраллаах балааккалар
Санатан эттэххэ, тэрилтэ «Якутия» технопаарка резиденэ буолар. Бу сыллар тухары итиини өр кэмҥэ тутар нанокомпозитнай матырыйаалтан массыынаны уонна анал тиэхиньикэни ичигэстик тутар гараастары тигэн кэллилэр, элбэх тимир көлөнү кыһыҥҥы тымныыттан хаххалаатылар. Ону таһынан тымныыны киллэрбэт, салгыны оонньоппот сылаас ис таҥаһы, утуйар мөһөөччүктэри оҥорон таһаараллар, 40 кыраадыс тымныыттан өрүһүйэр күн талбыт бородууксуйалардаахтар.
Мобилизация кэмигэр хампаанньа «Якутяночка» диэн балааккалары уонна бэйэтин технологиятынан таба туһанан, өр кэмҥэ сылааһы тутар утуйар мөһөөччүктэри оҥортоото.
Ол курдук, элбэх дьапталҕалаах матырыйаал орто температуратын тутан сылааһы таһаарбат. Саамай биһирээбитим диэн, аныгы балаакка тепловизордарга уонна түүҥҥү көрүү прибордарыгар көстүбэт. Онон, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ бары өттүнэн табыгастаах.
— Биһиги бастакы баартыйабытын анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар саллааттарга ыыппыппыт. Тыһыынчаттан тахса утуйар мөһөөччүгү уонна алта улахан байыаннай балаакканы биэрдибит. Билигин тэрилтэ хас биирдии үлэһитэ буолбут быһыыга-майгыга бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрэ сылдьара хайҕаллаах. Тэрилтэбит маастардарыгар устудьуоннар уонна волонтердар көмө-тирэх буолаллар. Бу күннэргэ Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын устудьуоннара практикаларын аастылар. Оҕолор биэс бөлөххө арахсан, мобилизацияламмыт дьоммутугар бастакы баартыйаны түргэнник бүтэрэргэ күүс-көмө буоллулар, – диэн кэпсиир тэрилтэ салайааччыта Афанасий Махатыров.
Санатан эттэххэ, быйыл күһүн «Армия 2022» диэн аан дойдутааҕы байыаннай-техническэй форум ыытыллыбыта. Манна Сахабыт сириттэн «Хоту тент» хампаанньа ситиһиилээхтик кыттан, дьон сэҥээриитин ылбыта. «Эра» байыаннай инновационнай технологиялар тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэһии түһэрсибитэ.
«Эра» тэрилтэ нанокомпозитнай матырыйаал көмөтүнэн байыаннай тиэхиньикэлэргэ итиини тутар уонна бойобуой киирсиилэр толоонноругар түүннэри-күнүстэри тиэхиньикэлэри тепловизортан хаххалыыр кыаҕын ордук сэргээбит. Ол эбэтэр, судургутук быһаардахха, тепловизорга тиэхиньикэ ханна сылдьара, ханна саһан турара көстүбэт.
Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ салалтата «Хоту тент» үлэтин-хамнаһын хайгыыр. Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай малы-сабы, экипировканы тигии, оҥоруу туһунан:
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр обороннай промышленнас хаһан да суоҕа. Ол эрээри олохтоох бэйэбит оҥорон таһаарааччыларбыт Арассыыйа Оборонатын интэриэһигэр чаҕылхай холобура элбэх. Онтон биирдэстэрэ – «Хоту тент» тэрилтэ. Бэрт соторутааҕыта фабрикаҕа сырыттым. Биһиги байыаннай сулууспалаахтарбытыгар анаан 1000 кэриҥэ утуйар мөһөөччүктэри үлэспиппит. Сакаас толорулунна, билигин саҥа сакааһы оҥоробут», – диэн кэпсээбитэ.
Биллэрин курдук, Уһук Илиҥҥэ, Арассыыйаҕа инновация уобалаһыгар Саха сирин оҥорон, айан-тутан таһаарааччылара инники күөҥҥэ сылдьаллар. Этэргэ дылы, алмааһынан, көмүһүнэн биллэ сатаан бараммыт, сайдыы аартыгын арыйан, аныгы инновационнай олоҕу хамсатар регион быһыытынан сыаналанар буоллубут. Оттон анал байыаннай эпэрээссийэҕэ Саха сирин предпринимателлэрэ, айтишниктара булугас өйдөрүнэн, сатабылларынан бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэринэн биир дойдулаахтара киэн туттабыт.