10.05.2024 | 16:00

Абитуриент, болҕой!

Абитуриент, болҕой!
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Билигин абитуриеннарга быһаарыылаах кэм. Эһигини хас да ыйытыы үүйэ-хаайа тутар буолуохтаах: БКЭ-ни хайдах туттарабыт? Ханнык үөрэххэ киирэбит? Туох идэлээх дьон буолан тахсабыт? 

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет ютуб ханаалыгар абитуриеннарга, төрөппүттэргэ уонна учууталларга анаан быһа эпиирдэри ыытар. Аҕыйах хонуктааҕыта университет тутаах институттарыгар быйылгы сүүмэрдээһин туһунан кэпсээтилэр. Ол туһунан салгыы ааҕыҥ.

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет 12 институттаах, 6 факультеттаах, 2 колледжтаах, 113 кафедралаах. Манна барыта 450 сүрүн үөрэх бырагыраамата, 600-тэн тахса эбии идэ үөрэҕэ киирэр.

 

ФТИ сонун хайысхата «Медицинская физика»   

Физико-тэхиньиичэскэй институт (ФТИ) энергетика, телекоммуникация, ОДьКХ, медицина тэрилтэлэрин инженердэрин, ювелирдары, огранщиктары, физика уонна информатика преподавателлэрин бэлэмнээн таһаарар.

Аныгы сайдыылаах үйэҕэ физика сүрүн сокуоннарын билбэт киһи ханна да ырааппат. Чахчы, физика олох бары эйгэтигэр туһалаах, ырааҕы-киэҥи ырыҥалыырга, дириҥник толкуйдуурга, анаарарга үөрэтэр. 

Виктория Яновна Лонгинова, үөрэҕи таһынан үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы:

– ФТИ университет кырдьаҕас институттарыттан биирдэстэрэ. 1934 сыллаахха бастаан туспа салаа быһыытынан аһыллыбыта, онтон сыыйа-баайа факультет буолбута, 2000 сылтан институт аатын сүгэр.

Быйыл 9 араас үөрэх бырагырааматыгар сүүмэрдээһин ыытыллыаҕа. Холобур, “Физика”, “Радиотехника”, “Машиностроение”, “Технология и обработка драгоценных камней и металлов”, “Теплоэнергетика” уонна “Электроэнергетика” курдук идэлэргэ.

11 кылаас кэнниттэн туттарсааччылар БКЭ түмүгүнэн киирэллэр: физика, математика (эбэтэр информатика), нуучча тыла курдук предметтэргэ. Физика уонна информатика учуутала идэни талбыт абитуриеннар эбии обществознаниены туттараллар.

Орто анал үөрэх кэнниттэн туттарсааччылар институт ыытар тургутуктарын ааһаллар.

Дария Петровна Дьяконова, уопсай уонна экспериментальнай физика кафедратын старшай преподавателэ:

– Биһиги кафедрабытыгар 2012 сылтан “Медицинская физика” диэн хайысха киирбитэ, 2018 сылтан магистратура бырагыраамата аһыллыбыта. Бу сыллар устата 109 бакалавр уонна 20 кэриҥэ магистр дипломнаах выпускник үөрэнэн таҕыста. Олортон 35% – үөрэх уонна наука эйгэтигэр, 34% медицинскэй физик идэтинэн үлэлиир, 31% – атын идэлэргэ үлэлииллэр эбэтэр магистратураҕа үөрэхтэрин салгыыллар.

Бакалавриат кэнниттэн үгүстэр биһиги магистратурабытыгар киирэллэр. Сорохтор Москва, Казань университеттарыгар уонна да атын куораттарга бараллар. Маны сэргэ, Италияҕа уонна Германияҕа үөрэнэ сылдьар выпускниктардаахпыт.

Медицинскэй физик диэн кимий? Кини медико-физическэй технология, оборудование, аппаратура көмөтүнэн диагностика уонна эмтэнии араас көрүҥүн ыытар медицина тэрилтэлэригэр  тиэхиньикэ үлэтин тэрийэр. Маны сэргэ, бырааһы кытта физико-тэхиньиичэскэй, диагностическай үлэни тэрийэр, былаанныыр, ыытар. Сорохтор медицинскэй физиги инженер эрэ быһыытынан көрөллөр, дьиҥэр, кини бырааһы кытта тэҥҥэ ити эппит үлэбин барытын ыытар кыахтаах.

Выпускниктар үлэ булуулара үчүгэй. Үгүстэр өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тэрилтэлэригэр үлэлииллэр. Холобур, Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология диспансерыгар, Медкииҥҥэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһаҕа, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр.

Атын куораттарга ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар выпускник элбэх: Москваҕа, Ижевскэйгэ, Абакаҥҥа, Хабаровскайга. Саров куоракка лазернай технологияларга аналлаах научнай-чинчийэр бырагыраамаҕа кыттар выпускник кыргыттарбытынан киэн туттабыт.

 

Быйыл “Медицинская физика” хайысхаҕа туттарсааччылар “Приоритет 2030” бырагыраама көмөтүнэн “Радиационная безопасность”  диэн эбии идэни буор босхо ылар кыахтаахтар.

 

Артур Григорьевич Федоров, теоретическай физика кафедратын доцена:

– Биһиги устудьуоннарбыт аҥаардас формуланы эрэ үөрэппэттэр, илиинэн үлэлииллэрэ, эксперименнэри оҥороллоро үгүс. Онон оскуола үөрэнээччилэригэр туһаайан этиэхпин баҕарабын: «фундаментальнай» диэн тылтан куттанымаҥ.

«Фундаментальнай физика» хайысханы бүтэрбит выпускниктар научнай-чинчийэр эйгэҕэ бараллар, бэртээхэй программист, аналитик быһыытынан үлэлииллэр.

 

Бастакы куурус устудьуона Георгий Петров Майатааҕы лицейи бүтэрбит. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр ФТИ иһинэн үлэлиир абитуриент оскуолатыгар дьарыктаммыт. Уол инникитин физика учуутала буолар баҕа санаалаах:

– Мин санаабар, ханнык да сыыппара үйэтигэр, 100-200 да сылынан физика учуутала ирдэниллэр буолуоҕа. Биир бэйэм ютуб, сайт нөҥүө үөрэнэрбин биһирээбэппин, учуутал быһаарарын, ыйан-кэрдэн биэрэрин быдан ордоробун.

 

Күнүскү үөрэххэ – 235 бүддьүөт миэстэтэ

Быйыл Математика уонна информатика институтугар туттарсар абитуриеннар ордук сэҥээрэр хайысхалара: «Информатика и вычислительная техника (Технологии разработки программного обеспечения)», «Прикладная информатика (Прикладная информатика в экономике)», «Прикладная информатика (Прикладная информатика в государственном и муниципальном управлении)». Бу хайысхаларга куонкурус үрдүк буолара күүтүллэр.

Математика уонна информатика институтун бэрэстэбиитэллэрэ быһа эпииргэ тугу кэпсээтилэр?

Майя Петровна Филиппова, педагогика наукаларын хандьыдаата, үрдүкү математика кафедратын доцена:

– Биһиги институппут математиктары, математика, информатика учууталларын, IT исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар.

Быйылгы сүүмэрдээһиҥҥэ күнүскү үөрэххэ 235 бүддьүөт миэстэтэ көрүлүннэ, кэтэхтэн үөрэххэ – 15 миэстэ. “Прикладная информатика” хайысханан колледж выпускниктарыгар 15 төлөбүрдээх миэстэ тыырылынна. Бакалавриат таһымын көрдөххө, быйыл бэлэмнэнии 11 хайысхатынан докумуоннары тутабыт. Хайысхаларынан бүддьүөт миэстэлэрэ: “Математика и прикладная математика” – 65; “Педагогическое образование” – 50;  IT хайысхаҕа – 100-тэн тахса.

Былырыын үөрэххэ киирии орто баала 68 этэ. Ол эбэтэр үс предмеккэ БКЭ түмүгүн суумата 200-тэн тахса баал буоллаҕына, биһиги институппутугар киириэххитин сөп.

Магистратураҕа күнүскү үөрэххэ – 70,  кэтэхтэн үөрэххэ 10  бүддьүөт миэстэтэ тыырылынна. Төлөбүрдээх үөрэххэ 15 миэстэ көрүлүннэ.

Аспирантураҕа быйыл бүддьүөт миэстэтэ суох, төлөбүрдээх миэстэлэр баар буолуохтара, кэтээн көрүҥ. 

 

Максим Дмитриевич Васильев, наукаҕа дириэктэри солбуйааччы, физика-математика наукаларын  хандьыдаата,  үрдүкү математика кафедратын доцена:

– Биһиги институппут научнай үлэҕэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьар. Устудьуоннар 2-3 куурустан саҕалаан научнай үлэнэн дьарыктанан бараллар. Тиэмэбит олус киэҥ. Бэлиэтээн эттэххэ, билигин аан дойду үрдүнэн искусственнай өйгө, “улахан дааннайдарга” сыһыаннаах чинчийиилэр үрдүктүк сыаналанар буоллулар.

Быйыл Sinet Spark пуонда “DriveeIT” бырагырааматыгар  кытынныбыт. Ол курдук, 7-10 кылаас үөрэнээччилэрэ биһиги устудьуоннарбытын уонна преподавателлэрбитин кытта бырайыактыыр үлэни бииргэ ыытар кыахтаннылар. Холобур, бу сезоҥҥа хамаандалар оонньуу бырайыактарын толкуйдаатылар. Аны күһүн саҥа сезон саҕаланыа диэн эрэнэбит.    

 

Иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Анна Семеновна Васильева устудьуоннарга көхтөөх буолуу биһирэнэрин кэпсээтэ.

Антон Слепцов “Фундаментальная информатика и информационные технологии” хайысхаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэр. Үчүгэй үөрэхтээх уонна актыбыыс буолан, үрдүк истипиэндьийэни ылар:

– Оскуола эрдэхтэн математиканан уонна информатиканан үлүһүйэбин. Информатикаҕа биир кэлим эксээмэҥҥэ 98 баалы ылбытым, онон ханнык үөрэххэ туттарсарбын уһуннук толкуйдаабакка, тута быһаарыммытым. 

Быһа эпиирдэр салҕаналлар

Ыам ыйын 8 күнэ – ФЭИ, юридическай факультет, история факультета.

Ыам ыйын 13 күнэ – пединститут, психология института, физическэй култуура уонна спорт института.

Ыам ыйын 15 күнэ – инженернэй-тэхиньиичэскэй институт, автодорожнай факультет.

Ыам ыйын 17 күнэ – филологическай факультет, омук тыла уонна регионоведение института (ИЗФиР), Хотугулуу-Илин норуоттар тылларын уонна култуураларын института.

Ыам ыйын 20 күнэ – горнай институт, геологоразведочнай факультет.

Ыам ыйын 22 күнэ – инфраструктурнай технологиялар колледжа, мединститут (СПО), юридическай колледж.

Ыам ыйын 24 күнэ – идэтийбит үөрэх-наука киинэ, Н.Г. Соломонов аатынан наука коллаборациятын дьиэтэ, үрдүк үөрэх иннинээҕи үөрэхтээһин уонна бэлэмнэнии факультета.

Ыам ыйын 24 күнэ – социальнай блок: Студгородок, ППОС.

 

Быһа эпиирдэр бары М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет ютуб ханаалыгар ыытыллыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....