25.01.2023 | 16:27 | Просмотров: 676

Абитуриеннарга туһалаах тэрээһини көтүтүмэҥ!

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Тохсунньу 28 күнүгэр Норуоттар икки ардыларынааҕы үөрэхтээһин күнүн чэрчитинэн SMART-библиотекаҕа абитуриеннарга аналлаах тэрээһин буолар.

 

«Абитуриент-2023: үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэргэ тугу билиэхтээхпитий» тэрээһиҥҥэ М.К. Аммосов аатынан ХИФУ тутар хамыыһыйатын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Петр Петрович Кычкин кыттар.

 

Көрсүһүүгэ эһиги билиэххит:

– 2023 сылга үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсыы уратыларын;

–  БКЭ уонна киирии эксээмэннэр тустарынан сиһилии;

–  Бэлэмнэнии хайысхаларын туһунан.

 

Ыйытыыларгытын бэлэмнээн кэлиэххитин сөп.

 

Тэрээһиҥҥэ ааҕааччы билиэтинэн киирии босхо.

Эрдэттэн суруттарыы: 89241775306, Айталина.

Буолар күнэ: Тохсунньу 28 күнэ.

Бириэмэ: 15:00 ч.

Буолар сирэ: SMART-библиотека, 203 кабинет (коворкинг).

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.