15.06.2020 | 12:28 | Просмотров: 661

Абитуриеннарга медицинэ хайысхатыгар 137 тус сыаллаах миэстэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ Үөрэх министиэристибэтэ дойду медицинскэй үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарсыы боппуруостарынан «Абитуриент чааһа» онлайн-вебинар ыытта. Вебинар кэмигэр оскуоланы бүтэрээччилэр кэккэлэригэр ыытыллыбыт математикаҕа, физикаҕа, химияҕа, биологияҕа, географияҕа, обществознаниеҕа, историяҕа уонна информатикаҕа профильнай олимпиадалар тустарынан кэпсээтилэр. Саха сирин бырабыыталыстыбата 2020-2021 үөрэх сылыгар дойду медицинскэй үрдүк үөрэх кыһаларыгар федеральнай бүддьүөт суотугар үөрэниигэ 137 миэстэлээх куонкурус ыытыаҕа диэн СӨ үөрэххэ миниистирин бастакы солбуйааччыта Михаил Присяжный кэпсээтэ.

Тус сыаллаах (целевой) миэстэлэр доруобуйа харыстабылын эйгэтин сүрүннүүр үөрэх кыһаларыгар ананнылар. Ону таһынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка уонна Илиҥҥи федеральнай университекка – 158 федеральнай тус сыаллаах миэстэ көрүлүннэ.

Арассыыйа сүрүннүүр үөрэх кыһаларын кытта онлайн холбонуулар биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэннэр саҕаланыахтарыгар диэри ыытыллыахтара. Буолан ааспыт уонна кэлэр вебинардар тустарынан иһитиннэриини СӨ үөрэххэ министиэристибэтин инстаграм аккаунугар билсиэххэ сөп: @tsel.ykt.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.