Абитуриеннар Дьокуускайы ордорор буолбуттар
Быйыл орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарсыы бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаламмыта.
Абитура туһунан матырыйаалбын оҥороору, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка тиийдим. Оскуоланы бүтэрээччилэр син кэлитэлээбиттэр. Буоларын курдук, үтүрүһүү, мунуу-тэнии балайда. Итиэннэ... наһаа элбэх абитуриент ийэлэрин кэннигэр «саһа сылдьаллар». Бу тугуй? Дьиктиргээн, биир ийэттэн сурастым. Онуоха: “Тыа сирин оҕото куоракка киирэн мунар-тэнэр буоллаҕа дии... нууччалыы да билбэт”, – диэн хоруйдаата. Дьэ, доҕоттоор, маннык буоллаҕына, төһө ыраатабыт? Бачча сааспытыгар диэри ийэбит ырбаахытын тэллэҕиттэн тутуһа сылдьан, хаһан сайдабыт? Устудьуон киһи бэйэтин иннин быһаарыныахтаах, ийэбитигэр-аҕабытыгар сөрүөстэ сытан, үөрэхтэн көрө матар буоллахпыт.
Ол да буоллар үүтү-хайаҕаһы бэйэлэрин эт мэйиилэринэн быһаара сылдьар ыччат элбэх. Кинилэртэн “абитура” туһунан сэһэргииллэригэр көрдөстүм.
Нарыйаана Григорьева, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейи бүтэрбит:
- БКЭ олус долгутуулаах эбит, ол гынан баран учууталларбыт көмөлөрүнэн, кыһамньыларынан барытын этэҥҥэ аастыбыт. Эксээмэним бааллара үчүгэй. БКЭ-ни, үчүгэйдик бэлэмнэннэххэ, туттарыахха сөп эбит. Докумуоннарбын ХИФУ-га туттардым, Физико-техническэй институкка “Медицинская физика” уонна электроэнергетикэҕэ биэрдим. Иккис ыраланар үөрэҕим – Педагогическай институт. ФТИ үгэс курдук куонкуруһа улахан, олох сайдан, киһи барыта куйаар ситимин кытта үлэлииргэ дьулуһар. Бу үөрэхтэрбэр киирэргэ эрэллээхпин. Саамай улахан баҕа санаам диэн, чуолаан ХИФУ-га үөрэниэхпин баҕарабын. Түгэнинэн туһанан лиссиэйим учууталларыгар уонна бииргэ үөрэммит оҕолорбор махтанабын. Абитуриеннар бары баҕарбыт үөрэххитигэр киирэн, үтүө үлэһит буолуҥ!
Айыына Винокурова, Дьокуускай куораттааҕы 33 №-дээх оскуоланы бүтэрбит:
- Кыра эрдэхпиттэн омук тылын сөбүлээн үөрэтэбин. Эксээмэммэр омугум тылыгар 89 баалы ылбытым, куһаҕана суох көрдөрүү дии саныыбын. БКЭ диэн үөрэнээччи оскуолаҕа төһө үчүгэйдик үөрэммитин, төһө хаачыстыбалаах билиини иҥэриммитин тургутан көрөр эксээмэн. Докумуоннарбын кэриэй уонна кытай тылларын үөрэтэр үөрэххэ уонна тылбаасчыт идэтигэр туттардым. Билиҥҥитэ 30 сайабалыанньа киирбит, оттон босхо миэстэтэ баара-суоҕа 3 эрэ. Ол эрээри тус бэйэбэр эрэллээхпин, киириэм дии саныыбын. Маны таһынан докумуоннарбын киин куораттарга ыытаары сылдьабын. Холобура, Владивостокка, Иркутскайга, Питергэ баар үөрэх кыһаларыгар.
Юлия Ларионова, Амма улууһун Эмис орто оскуолатын бүтэрбит:
– В.М. Ларионов аатынан оскуоланы ситиһиилээхтик түмүктээтим. Докумуоннарбын ХИФУ-гаФизическэй култуура уонна спорт институтугар «Безопасная жизнедеятельность” салааҕа биэрдим. Бүтэрдэхпинэ, ЫБММ салаатынан үлэлиэхпин эбэтэр учуутал буолуохпун сөп. Куонкурус улахан да, киирэр инибин дии саныыбын. Амма спартакиадатыгар 400 м сүүрүүгэ кыттар буоламмын, докумуоннарбын эрдэ туттарбытым. БКЭ-м баалларын мыыммаппын. Билиҥҥи БКЭ-ҕэ хас биирдии үөрэнээччи долгуйар буолуохтаах, ордук металлоискатель, онлайн-камера бааллара долгутар. Ол эрэн оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммит оҕо үрдүк баалга туттарар кыахтаах. Үөрэххэ туттарсыы кэмигэр сытыы-хотуу буолуохха, киирэн-тахсан, ыйыталаһан, сып-сап хамсанан иһиэххэ наада. Спартакиада кэнниттэн, баҕар, атын үөрэхтэри көрүөм.
Алексей Федоров, Автодорожнай факультеты быйыл бүтэрбит исписэлиис:
- Аҕыйах хонуктааҕыта «бакалавр” истиэпэнин сүктүм. Билигин магистратураҕа Горнай институтка докумуоннарбын туттардым. Билиҥҥи туругунан «Управление пожарной безопасности” салааҕа уонча сайабалыанньа киирбит. Үөрэххэ киирэргэ эрэллээхпин, уопсайа 30 босхо миэстэ баар. Урукку курдук мунуу-иэнии суох буоллаҕа дии, биэс сылы быһа үөпэммит киһибин. Магистраннарга ситиһиини баҕарабын.
Снежана Гуляева, Медицинэ колледжын кыһыл дипломунан быйыл бүтэрбит:
- Орто анал үөрэҕи саҥа түмүктээтим, «наконец-то” дипломмун ыллым. Онон быйыл Медицинэ институтугар туттарсабын. Урут “Лечебное дело” салааҕа үөрэнэ сылдьыбытым. Быраас үөрэҕэ олус уустук, ээл-дээл киһи үөрэммэт сирэ. Ол эрээри мин оҕо эрдэхпиттэн быраас буолуохпун олус баҕарабын. Нуучча тылыгар, химияҕа уонна биологияҕа БКЭм түмүктэрэ билиннэҕинэ, үөрэххэ киирэбин. Онон барыта бэйэбиттэн эрэ тутулуктаах. Киирбэтэхпинэ, үлэлии барыаҕым.
Олеся Слепцова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй гуманитарнай кылааһын бүтэрбит:
- РЛИ-га биһиэхэ барыта сахалыы, саха тылын уонна литературатын күүскэ үөрэппит буолан, саха салаатыгар докумуоннарбын туттардым. Үөрэххэ киирэр баҕа санаам олус күүстээх. Киин куораттарга баар үөрэх кыһаларыгар туттарсар санаам суох. Статистика көрдөрөрүнэн, соҕуруу үөрэнэ барбыт оҕолор төннөн кэлиилэрэ, үөрэхтэрин быраҕыылара наһаа элбэх. Саха оҕото буоламмын, төрөөбүт дойдубар үөрэнэр былааннаахпын.
Михаил Петров, Горнай улууһун гимназиятын бүтэрбит:
- Мин орто үөрэххэ туттарыстым. БКЭ-м баала кыра буолан, аттестатынан эрэ киирэр кыахтаахпын. Мин туттарсар Инфраструктурнай технология колледжыгар (үс сыллаах үөрэх) улахан куонкурус суох. Орто үөрэҕи бүтэрбит киһи үлэни түргэнниик булар диэн этэллэр. Сорох орто үөрэхтэр үрдүк үөрэхтэн быдан престижнэй буоллулар. Инникини тымтыктаан көрбүт суох, туох-ханнык буоларын олох көрдөрүө.
Леон Макаров, Горнай улуһун гимназиятын бүтэрбит:
- Мин эмиэ Инфраструктурнай технология колледжыгар туттарсабын. БКЭ-м баала кыра буолан, аттестатынан эрэ киирэр кыахтаахпын. Үрдүк үөрэххэ санамматым даҕаны. Кылааһым оҕолоро бары кэриэтэ манна бааллар, түгэнинэн туһанан оҕолорбор ситиһиилэри баҕарабын.
Елисей Иванов, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжы быйыл бүтэрбит, Бүлүүттэн сылдьар:
-Мин орто анал үөрэхпин үрдэтинэр баҕаттан ХИФУ-га Педагогическай институка туттардым. Колледжка эбии үөрэхтээһин идэтин баһылаатым, билигин үрдүккэ хайаан да киириэхпин наада. Докумуоммун Пединститукка туттардым эрээри, манна БКЭ ирдэнэр. Онон үс күн устата үс сүрүн предмеккэ тургутууну ааһабын. От ыйын ортотугар диэри түмүк тахсар, онтон атырдьах ыйыгар үөрэххэ киирии испииһэгэ үс түһүмэҕинэн биллиэҕэ диэтилэр. Куруук буоларын курдук куонкурус бөҕө, ол эрээри син барбахтаһар инибин. Арай, киирбэт түгэммэр, үлэ көрдөнүөм. Хоту улуустарга үлэ миэстэтэ син баар дииллэр.
Түмүктээн эттэххэ, аныгы үйэ оҕолоро докумуоннарын “бас батарынан” үлүбээй туттарбат эбиттэр, эрдэттэн быһаарынан, толкуйданан, туттарса кэлэр буолбуттар. Ол эрээри, кистэл буолбатах, “хайдах да буоллун, киирбит эрэ киһи” диэн санаалаахтар да бааллар. Аны туран, соҕуруу үөрэнэ бара сатааччы аҕыйаабыт курдук.
Быйыл оскуоланы бүтэрбит оҕолор бары бэйэлэрэ талан ылбыт, сөбүлүүр үөрэхтэригэр киирэллэригэр баҕарабын! Сөбүлээбэт, ийэ, аҕа ыйан биэрбит үөрэҕэр хайдах да сатаан үөрэммэккин! Онтон сылтаан быраҕан кэбиһии үгүс. Идэни сөпкө талыы наадалаах!