01.08.2020 | 12:15

Аатырбыт Александр Иваницкай

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саханы, биһиги дойдубутун кыратык көрдө, санаата даҕаны, элбэхтэн саамай бастыҥын бэргэнник быһаарара.

Олимпиада-64 геройа, түөрт төгүллээх аан дойду чемпиона, Александр Иваницкай 82-тин туолбута. Төһө да маҥан баттахтаннар, ордук-хоһу иһэ-үөһэ суох, сөп былчыҥнаах, кыанар оҕонньор этэ. Үрдүгэ эдэригэр – 190 см. Онтон оччо накыйбатах, көнө, ыйааһына да 110 киилэттэн хаһан да улаханнык уларыйбатаҕа. Москваттан чугас Руза дэриэбинэҕэ олороро.  Соторутааҕыта тэлэбиисэргэ көрдөрбүттэрэ. Кини сарсыардаттан спордунан эрчиллэрин,  сөтүөлүүрүн, тэллэйдиирин, дьаарбайарын олус сөбүлүүрэ. Кэлэ-бара кафеҕа чэй, кофе иһэ олорон олоҕу, дьону театр бастакы эрээтигэр олорор көрөөччү курдук ырыҥалыыра.

От ыйын 22 күнүгэр Александр Иваницкай дьиэтиттэн тахсан баран, киэһэ хойукка диэри сүппүтүн тапталлаах кэргэнэ: “Эрдэ кэлэр этэ, туох эрэ буолла”, – диэн сүрэҕэ ытырыктаппытын оҕолоругар, полицияҕа биллэрбитэ.  Бу сураҕы сир араас муннуктарыгар  долгуйа истибиттэрэ. Оттон хас да күн ыксаллаах быһыы-майгы байыастара, полиция, волонтердар тыанан сатыы, бөртөлүөтүнэн, водолазтар, быыһааччылар ууга көрдүү сылдьаллара социальнай ситимнэргэ тахсыбыта. Таас үрдүгэр угуллубут таҥаһа, төлөпүөнэ дэриэбинэттэн тэйиччи Вейн өрүс уҥуор кытылыгар  көстүбүтэ. Туйаҕын хатаран, спорткомментатор буолбут уола Владимир Александрович итинник тааһынан таҥаһын уҥуор-маҥаар харбыырыгар анньан туоратарын эппитэ. Сүрэҕэ туох эрэ буолуон сөп диэн сабаҕалаабыта.   Тыыннаах  көстөөрөй диэн  эрэҥкэдийиибит улам умуллан барбыта. Хомойуох  иһин, от ыйын 25 күнүгэр чемпион-суруналыыс өлүгэ өрүстэн оронуллубута биллэрилиннэ. 

Александр Иваницкай биһиги өрөспүүбүлүкэбит спордун, ол быыһыгар айылҕатын кэрэтин, сахалар тымныы кыһыны, куйаас сайыны билиммэккэ айымньылаахтык үлэлииллэрин, ураты дьоҕурдаахтарын туһунан киэҥ эйгэҕэ тэлэбиисэринэн, араас көрсүһүүлэргэ  кэрэхсэбиллээхтик кэпсээбитэ. Ордук 1969 сыллаахха үрдүк таһымнаах тустуу маастардарын бэлэмниир Дмитрий Петрович Коркин оскуолатыгар сылдьан, улуу тренер уолаттарын бытарҕан тымныыга хаарынан сууннарарын, дьиэ таһыгар бэйэтэ айан оҥорбут  тренажерын көрөн, дьиэҕэ санузел суоҕуттан таастаах ууну үрдүлэригэр куттан душтаналларын соһуйа сөхпүтүн, суоллааҕы бэлиэтээһинигэр айымньылаахтык ойуулаабыта.  Онтуката талааннаах суруйааччы, суруналыыс  кинигэлэригэр хас да омук тылларынан тахсыбыта.

Мин Александр Владимировиһы кытта элбэхтик көрсүбүтүм. Сүтүөн биир хонук иннинэ, төлөпүөнүнэн кэпсэппитим. Москватааҕы Олимпиада-80 инниттэн ССРС гостелерадиотын спортивнай биэриилэрин кылаабынай редакторынан анаммыта. Спорду устарга саҥа ньымалары толкуйдаабыта. Үксүн футболу эрэ ыраахтан көрдөрүүнэн муҥурданыыны утарбыта. Атын көрүҥнэри эмиэ,  чугастан күрэхтэһээччи, судьуйа сирэйин, туттуутун, кинилэр уонна көрөөччүлэр  долгуйууларын, үөрүүлэрин-хомолтолорун, киирсиилэр тыҥааһыннарын, уорааннарын, тэрээһиннэрин кытта  көрдөрөрү ирдээбитэ. Сүүсчэкэ үлэһиттэн элбэҕи устан, саҥа кадрдары булууга куонкурустары биллэрбитэ. Онно спорду бэйэлэринэн күрэхтэһэн билбит дьону ыҥырбыта. Икки киһи тэҥнэһэр түгэннэригэр, улахан ааттаах спортсмен талыахтааҕын аһаҕастык эппитэ. Комментатордарынан Олимпийскай чемпионнары кытта олордубута.  Аан дойдуга спорду тэлэбиисэринэн биэриигэ элбэх саҥаны киллэрэн өрөбөлүүссүйэ оҥорбутунан историяҕа киирбитэ. Ону бэйэтэ иккис олимпийскай үрдэлинэн ааҕара. Ити кыайыыта түөрт уон сыла туолаары турарынан эҕэрдэлээбиппэр олус үөрбүтэ. ''Бүгүн иккис киһинэн Олимпиада түөрт уон сылын санаттыҥ'', – диэбитэ. Махтаммыта. 80 сааһыгар таһаарыан баҕарбыт кинигэтэ саҥа тахсыбытыттан үөрбүтүн биллэрбитэ. Кинигэбин ыскылааттан ыллым да,  Москваҕа ханна эрэ көрсүөхпүт, бэлэхтиэм, кафеҕа олорон кэпсэтиэхпит диэхтээбитин санаатахпына,   ыараханнык үөһэ тыынабын.   Мэлдьи буоларыныы, кини баай уобарастарынан, киэҥ билиитинэн, уран тылынан, бөлөһүөктүү быһаарыыларынан элбэҕи сэһэргиэ хааллаҕа...

Бу хаартыскалар оригиналлара сыттык саҕа улахаттар. Олору 1998 сыллаахха булан миэхэ бэлэхтээбитэ. Икки маҥнайгытыгар кини  Чурапчыга тустуу албастарын көрдөрө сылдьар, онтон үсүһүгэр Коркин аатырбыт киинэ-аппаратын тутан турар.

Хас да көрсүһүүбүтүгэр сахалар уонна дойдубут туһунан бөлөһүөктүү кэпсээннэриттэн “Киин куоракка” өссө суруйуом.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....